Икки омук тылын баһылааһын

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Икки омук тылын баһылааһынтан өй-санаа сайдыыта саҕаланар.

Омук тылын-омук баайа, өйө-санаата диэн ааттыыллар. Омук тылын үөрэтэн билии кини үөрэҕин-билиитин, сайдыытын, өйүн-санаатын баһылааһын буоларын кэнники кэмҥэ киһи барыта билэр буолла. Икки омук тылын баһылааһын өйү-санааны өссө сайыннарар.

Нууччалар кэлиэхтэриттэн ылата, саха дьоно кинилэр билиилэригэр-көрүүлэригэр, үөрэхтэригэр-сырдыктарыгар кыттыһаары нуучча тылын үөрэтэллэр. Кэнники «социализм» кэмигэр бары бүттүүн үөрэхтээһин киэҥник ыытыллыытын түмүгэр, сахалар бары нуучча тылын баһылаатылар. Нууччалар тугу ситиспиттэрин уонна баһылаабыттарын үксүн кэриэтэ саха дьоно эмиэ билэр-көрөр буоллулар. Саха дьонун өйдөрө-санаалара үгүс нуучча дьоннорун өйдөрүн-санааларын таһымын ситистэ. Билигин үлэ-хамнас ханнык да көрүҥнэригэр саха дьоно нууччалартан хаалсыбаттар, өссө үөрэх-билии өттүгэр баһыйан эрэллэр.

Тылы үөрэтээччилэр тоҕо икки тылы үөрэттэххэ киһи өйө ордук күүскэ сайдарын кыайан быһааран билэ иликтэр. Үгүс саха дьоно хас да омук тылын үөрэтии оҕо төбөтүгэр элбэх ноҕуруусканы оҥорон атын наадалааҕы өйдүүрүгэр мэһэйи оҥорор диэн санааларын билигин даҕаны быраҕа иликтэр. Кинилэр көннөрү санааларыгар киһи төһөнөн элбэхтик билиини ылынар даҕаны соччонон үөрэнэргэ ыараан иһиэхтээх диэн истэригэр быһаараллар. Үөрэх-билии киирэн киһи өйүгэр-санаатыгар мунньуллуутун туох эрэ олус элбэх ыараханы мунньунар курдук саныыллар.

Билигин киһи мэйиитэ хайдах үлэлиирин компютеры оҥорооччулар быһааран эрэллэр. Кинилэр быһаарыыларынан киһи мэйиитигэр төһөнөн элбэх информация, үөрэх киирэр даҕаны, бу киһи мэйиитин толкуйдуур дьоҕура оччонон улаатан, кэҥээн биэрэн иһэр диэн этэллэр. Киһи мэйиитигэр киирэр информация төһөнөн мэйии элбэх миэстэтин ылан, үгүс өттүн үлэлэтэр даҕаны, мэйии үлэтэ күүһүрэн, эбиллэн биэрэр.

Киһи мэйиитин букатын кыра өттө эрэ толкуйдуурга туһалыыр диэн медицина үлэһиттэрэ дакаастаабыттара ыраатта. Бу дакаастабыл мэйиини төһөлөөх да билиинэн, информациянан толорон кэбиһии хаһан да кыаллыбат суол буоларын бигэргэтэр. Икки омук тылын билэр киһи биир омук тылын билэр киһитээҕэр мэйиитин икки төгүл элбэх чааһа үлэлиир буолан, толкуйдуур өйө эмиэ элбээн биэрэр. Итиннэ эбии саха тыла ордук араас уратылардаах, дэгэттэрдээх буолан сахалыы тылы билии ордук элбэх өйү бэйэтэ да эрэйэрэ билиннэ. Элбэхтик дьарыктаан истэххэ мэйии элбэх чааһа үлэлиир буолара эмиэ быһаарыллан иһэр.

Киһи сааһыран истэҕинэ олоххо билиитэ-көрүүтэ дириҥээн, өйө-санаата эбиллэн иһэр. Өйү-санааны төһөнөн дьарыктаан, эрчийэн бэриллэр даҕаны мэйии үлэлиир дьоҕура эбиллэн биэрэн иһэрин өй үлэтинэн дьарыктанар дьон, учуонайдар үлэлэрэ сааһыран истэхтэрин аайы өссө кэҥээн, дириҥээн иһэрэ дакаастыыр. Оҕо төһө кыра сааһыттан мэйиитин үлэлэтэ, толкуйдуу үөрэтэр даҕаны сайдыыта элбиирэ, үөрэҕи-билиини баһылыыра түргэтиирэ эмиэ быһаарылынна. Оҕо төһө кыра сааһыттан саҥарар буолар даҕаны, өйө-санаата сайдыыта түргэтиир. Оҕолору детсад сааһыттан хойутаппакка эрэ үөрэтэр буолуу билигин олоххо киирэн эрэр.

Урукку кэмҥэ сорох дьон санааларыгар оҕолор соччо туһата суох диэбит үөрэхтэрин, кыра омуктар тылларын билбэттэрэ, үөрэтэн эрэйдэммэттэрэ ордук диэн этэллэрэ. Кинилэр санааларыгар киһи мэйиитин араас туһата суоҕунан толордоҕуна наадалааҕы өйдүүрүгэр миэстэтэ тиийбэт буолуох курдук эбит этэ. Маннык өйдөбүл үөскээбит кэмигэр тылы үөрэтии соҕотох нуучча тылынан муҥурданар этэ.

Билигин роботтары оҥорор специалистар билинэллэринэн, саҥа оҥоруллар роботтор тарбахтарын сатаан хамсаталларыгар ордук элбэх өй-мэйии наада буолар. Олус улахан кыахтаах компьютер өйө тиийэн роботтар киһи курдук имигэстик хамсаналлара билигин да ыраах. Маннык быһаарыыны дьоҥҥо сыһыаннаан, тэҥнээн көрдөххө, норуот уус-уран тарбахтаах маастардара бары тулалыыр дьон-сэргэ ортолоругар өйдөрүнэн-санааларынан лаппа уратыланаллара, элбэх билиилээхтэрэ-көрүүлээхтэрэ биллэр.

Наадалаах хамсаныылары имигэстик оҥорор буолууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэнэринэн бу идэҕэ олус элбэх өй-санаа наада. Тарбахтарынан уустук хамсаныылары оҥорон үтүө бэйэлээх айымньылары айан оҥоруу кырдьык олус уустук уонна элбэх өйү эрэйэр үлэ буолар. Саха норуота, үгүс-элбэх биллэр маастардардаах, уустардаах норуот, ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр кыайа-хото үлэлиир дьоно былыргыттан элбэхтэр.

Икки омуктар биир сиргэ эйэлээхтик олорон үһүс омугу, бааһынайдары үөскэтэн таһаардахтарына, бу үһүс омук, иккиэннэрин тылларын билэр, олохторун үөрэҕин баһылыыр буолан, атын икки омуктарын өй-санаа өттүнэн баһыйталаан барар. Икки омук билиитин-көрүүтүн, тылларын тэҥҥэ туһананнар, өйдөрө-санаалара аһара сайдыылаах, олоххо ордук уоппуттаах, үөрэҕи-билиини баһылааһыҥҥа ордук буолан тахсаллар. Саҥа омук, үһүс омук үөскээн тахсан икки кырдьаҕас омуктары баһыйан барара итинник быһаарыллар.

Билигин саха дьоно үлэлээн-хамнаан иҥэринэр билиилэригэр-көрүүлэригэр бэйэлэрин сахаларын тылын дириҥник баһылааһыннара уонна өссө нуучча тылын эбиискэ үөрэтэн билиилэрэ эбиллэн, өй-санаа сайдыытын үрдүкү кэрдииһигэр тахсалларыгар кыахтара улаатта. Саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар үөскээбит ити уратыларын үөрэҕи-билиини, үлэни-хамнаһы баһылаааһыҥҥа таба туһаналлара эрэ наада. Киһи өйүн-санаатын итинник уратыларын билэн таба туһаныы, саха дьонун сайдыы өссө үрдүк таһымнарын ситиһэллэригэр тириэрдэр. (1,46).

Туһаныллыбыт литература.

1. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.