Икки аҥы арахсыы
Икки аҥы арахсыы диэн олоххо үөскээн тахсар утарыта туруу ааттанар.
Дьон олорор олохторуттан тутулуктанан өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсара хаһан баҕарар баар буолар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии уонна айылҕа төрүт тутулуга ону биллэрэр. Урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ ырыынак сокуоннара дьайаллара, дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга, үлэһиттэргэ арахсаллара.
Улуу Өктөөп өрө туруута кыайан салайар былааһы дьадаҥылар, үлэһиттэр ылбыттара. Үс көлүөнэ дьон олохторун устата сэбиэскэй былаас дьону барыларын тэҥнии, биир тэҥ оҥоро сатаабыта даҕаны, дьон хаһан баҕарар икки аҥы арахсаллара суох буолара кыаллыбатаҕа. Кэлин син-биир икки аҥы арахсыбыттара:
1. Салайааччыларга эбэтэр КПСС чилиэннэригэр.
2. Үлэһиттэргэ эбэтэр үгүстэрэ партията суохтарга.
Бу кэмҥэ дойдуну биир партия салайара, бары салайааччылар коммунистар буолаллар этэ, араас элбэх чэпчэтиилэринэн туһаналлара, биир эмэ үлэһити өрө тардан партияҕа ылан депутат эҥин оҥороллоро, бэйэлэрин арбаталлара.
Бу икки утарыта өйдөөх-санаалаах дьон бөлөхтөрө бэйэ-бэйэлэрин кыайан өйдөспөт кэмҥэ киириилэрэ экономика улаханнык мөлтөөһүнүнэн доҕуһуолланан сэбиэскэй былаас эстиитигэр, ССРС үрэллиитигэр тириэрдибитэ.
Төһө даҕаны сэбиэскэй былаас эстэн, ССРС үрэллибитин кэннэ билигин даҕаны сэбиэскэй былаас дьону барыларын тэҥнэр диэн үөрэҕэ өссө да хаалан хаала илик. Ол барыта буккуллубут өйдөөх-санаалаах интеллигеннэр, учууталлар, суруйааччылар урукку үчүгэй кэмнэрин ахта-саныы, суруйа сылдьалларыттан уһаан-кэҥээн хаалла.
Билигин Россияҕа капитализм олоҕор төннүү кэмэ, ырыынагы олоххо киллэрии, дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга арахсыылара салҕанан бара турар. Дьон барыларын кэриэтэ баҕа санаалара олох таһыма тупсуутун, байыыны кытта сыһыаннааҕын сэбиэскэй былаас умуннаран кэбиспитэ билигин көнөн ырыынак саҥалыы сайдан иһэр.
Дьон өйө-санаата олохторун таһымыттан тутулуктанан уларыйар. Баайдар уонна дьадаҥылар олохторун таһыма тус-туспаларын курдук өйдөрө-санаалара эмиэ тус-туспалар, үгүс өттүгэр утарыта турар өрүттэрэ элбэхтэр. Баай киһи үлэһити үлэҕэ кэпсэтэригэр хайдах эмэ гынан албыннаан аҕыйах хамнаһы биэрбит киһи дии саныыр буоллаҕына, дьадаҥы, үлэһит киһи элбэх хамнаһы ааҕыстарбын диэн санаата хаһан да хаалбат.
Сахалар былыр-былыргыттан дьон өйүн-санаатын икки аҥы араараллара билигин да уларыйбакка сылдьар:
1. Үөрэхтээхтэр түргэнник байа сатыырга тардыһа сатыыллар.
2. Дьадаҥылар, үлэһиттэр. Бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүнэн байыыны ситиһэллэр.
Өй-санаа бу курдук икки аҥы арахсыыта оҕону кыра эрдэҕиттэн ыла иитииттэн тутулуктанан саҕаланан сайдарын кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Өй-санаа бу уратылара оҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэн, олохсуйан хаалаллар. Бу уратылары сахалар көйгө уонна атаах диэн икки аҥы араараллар. Оҕону кыра эрдэҕинэ хайдах иитииттэн олоххо оҥорор ситиһиитэ быһаччы тутулуктанар. Оҕо көйгө буолан үлэлии-хамсыы үөрэниитэ олоххо ситиһиини оҥоруутугар тириэрдэр кыаҕа улахан. Атаахтык иитиллибит киһи олоххо оҥорор ситиһиитэ дьонун бэлэмнэрин туһаныыттан ааһа барбат, бэйэтэ оҥорор ситиһиитэ намтыыр.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини таба өйдөөтөххө, олоххо туһаннахха дьону барыларын “үчүгэйдэр” диэн санааһын сыыһата арыллар. Дьон өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсарын курдук олоххо, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара эмиэ икки аҥылар, ол иһин бэйэ-бэйэлэрин кытта таба өйдөһөллөрө уустук. Баайдар үлэһиттэри үлэлэтэн, туһалатан баран аҕыйах хамнаһы биэрэ сатыыллара аанньа ахтыбат, киһинэн аахпат буолууга тириэрдэр кыахтаах. Киһиэхэ үчүгэйи баҕарбат киһи куһаҕан киһи диэн ааттанарынан куһаҕан дьон билигин да суох буола иликтэр.
Өй-санаа бу арахсыылара икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыһыаннаһалларын үөскэтэн таһаарар:
1. Баайдар дьадаҥылары, үлэһиттэри бэйэлэригэр тэҥнээбэттэр. Араас “VIP” залалар, бизнес-кылаастар баай дьоҥҥо эрэ аналлаахтар. Баайдар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыыларыгар тылларыгар туруохтарын сөп, онтон дьадаҥылары, үлэһиттэри кытта сыһыаннарыгар тылларыгар соччо турбаттар, балыйа, албынныы сатыылларыттан сымыйалыыллара элбиир.
2. Үлэһиттэр эппит тылларыгар турумтуолар. Албыны-көлдьүнү сөбүлээбэттэр. Тугу барытын кэмнээн тутталлар, хаһан да аһара барбаттар, сыыһа-халты туттубаттар. Көрсүө, сэмэй буолуу диэн элбэх ахсааннаах үлэһиттэр үөрэхтэрэ буолар.
Билигин ырыынак сыһыаннара олоххо киирэн иһэллэринэн дьон маннык икки аҥы арахсыылара ордук суолталанан иһэр. Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы курдук элбэх ахсааннаах дьадаҥылар, үлэһиттэр баайдар, салайааччылар минньигэс, бэйэлэригэр эрэ туһаны оҥорор этиилэригэр киирэн биэрбэттэр, депутаттары быыбардааһыҥҥа бэйэлэрин диэки куоластыыр дьону талаллар.
Дьону барыларын үчүгэйдэр диэн санааны тутустахха, оннук барыларын эрэннэххэ албыҥҥа киирэн биэриэххэ сөп. Үчүгэйи уонна куһаҕаны, ким тугу этэрин арааран билии улаатан иһэр оҕолортон барыларыттан ирдэнэр көрдөбүл буолар. Киһи сэрэхтээх, билиилээх буоллаҕына албыҥҥа киирэн биэрэрэ аҕыйах буолар.
Олохторун таһыма тэҥ дьон биирдиҥи, маарынныыр өйдөөх-санаалаах буолаллар. Былыргы сахалар баайа баайыгар, дьадаҥыта дьадаҥытыгар ыал, кэргэн буолан олохторун оҥостор этилэр. Ол барыта тэҥнээхтэр оҕолорун биир тэҥник, киһи быһыылаах буолууга үөрэтэннэр туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааталларын ситиһэллэригэр аналланара.
Дьадаҥыттан баайга өрө тахсан биэрэн иһии, олох сайдыы диэки хаамыыта буолар. Элбэх ахсааннаах үлэһиттэр, дьадаҥылар быыстарыттан биир эмэ бэртэрэ, өйдөөхтөрө байыыны бэйэлэрин үйэлэригэр ситиһэр кыахтаахтар.
Тойоттор, салайааччылар норуот олоҕун үөрэҕин бэйэлэрин туһаларыгар эргитэн буорту оҥорор аналлаахтар. Бу быһыыны бэлиэтээн сахалар “Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһоонун айбыттар. Кинилэр бэйэлэрин үчүгэйдэрин, атын дьонтон ордуктарын билиниилэрэ өй-санаа үөрэҕин төрүтүн, айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын икки аҥы араара сатыылларын үөскэтэр.
Бэйэлэрин үчүгэйдэрин билинэн бары оҥорор быһыыларын «айыы үчүгэй» диэн бэлиэтээһиннэрэ, куһаҕаны оҥорууну атын тылынан, холобур, “аньыы” диэн сахаларга хаһан да суох тылы булан этэ сатыылларыгар тириэрдэр.
Олох уустуктара дьайыыларыттан баайдар сыыйа-баайа уларыйан атыттарынан солбуйсан иһэллэр. Баайдар өйдөрө-санаалара сайдыыта туруктаах, киһилии быһыылаах буоллахтарына эрэ олоҕу киһилии быһыылаахтык олорор, оҕолорун киһи быһыылаах буолууга иитэр кыахтаналлар. Аһара элбэх баай сокуоннары тутуспат, үрдүктүк сананар буолууга тириэрдэр кыаҕа олус улахан.
Сайдыыны, үөрэҕи-билиини баһылааһын омукка баайдар, салайааччылар, аристократтар кылаастарын үөскэтэр. Бу тойон буолбут дьон кэлэр көлүөнэлэрин баайдардыы, аһара барыыга үөрэтэллэр, биир эмэ оҕолоноллор. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахсааннара аҕыйаан эстэн, симэлийэн бараллар.
Омукка үрдүкү араҥа үөскээн, атын омуктар үөрэхтэрин-билиилэрин баһылаан барыылара омук тыла уларыйан барыытын үөскэтэр. Омук үлэһит дьоно олох үгэстэрин тутуһалларыттан омук уһун үйэлээх буолуутун ситиһиигэ тириэрдэллэр.
Үлэ эрэ омугу сайыннарар. Омук сайдыыны ситиһиитэ элбэх ахсааннаах үлэһиттэр кыайа-хото үлэлииллэриттэн, үлэни-хамнаһы сайыннарыыларыттан тутулуктаах. Аҕыйах ахсааннаах баайдар сирдээччилэр, инники иһээччилэр буоллахтарына, үлэһиттэр батыһаллар, байыы, үлэни-хамнаһы сайыннарыы диэки санаалара салалларыттан үлэ-хамнас тупсуута саҕаланар. Кинилэр баайдарын, билиилэрин сайдыыны ситиһии өттүгэр элбэхтик туһаннахтарына элбэх ахсааннаах үлэһиттэр батыһар, үтүктэр дьонноругар кубулуйаллар.
Олох сайдыы диэки салаллыытыгар дьон икки аны; баайдар уонна дьадаҥылар, үлэһиттэр диэн арахсыылара хардары-таары баһыйыыларын үөскэтэн хамсатар күүһүнэн буолар. Баайдар сирдээн, бастаан иһэллэр, олоххо тупсуулары киллэрэр кыахтара улахан. Онтон элбэх ахсааннаах үлэһиттэр баайдары үтүктэн, байыыны-тайыыны ситиһэ сатыыр санааларыгар үлэни-хамнаһы тупсарар, сайыннарар кыахтаналлар. (1,131).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2016. - 148 с.