Ийэ таҥара
Ийэ таҥара оҕо ийэтин курдук буолар баҕа санааны үөскэтинэригэр көмөлөһөр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүтүгэр туохха барытыгар баһыттарар, ол иһин төрөппүтүн үтүктэр күүһэ улаатар. Оҕо төрөппүтүн үтүктэн, тугу барытын кини оҥорорун курдук оҥоро үөрэниитэ киһи буолууну ситиһиитигэр тириэрдэр. Хас биирдии төрөппүт оҕото кини курдук буола улаатарыгар улаханнык баҕара саныырын бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэн ситиһэр.
Оҕо баһыттарар, ытыктыыр, сыаналыыр, кини курдук буолуон баҕарар төрөппүтүн үтүктэр батыһар киһитигэр - таҥаратыгар кубулутар. Дьаһаллаах, сыыһа-халты саҥарбат, туттубат элбэх билиилээх-көрүүлээх төрөппүтүн оҕо ытыктыыра, эппит тылын истэрэ, толороро биллэр. Кытаанах майгылаах ийэни, эппит тылын иһитиннэрэр, толотторор буоллаҕына, оҕото таҥаратыгар, үтүктэр, батыһар киһитигэр чахчы кубулутар.
Олоххо уопуттаах, барыны-бары билэр, сирдээн иһэр, өй уган биэрэр төрөппүт оҕотугар таҥара буолар кыаҕа улаатар. Олоххо бэйэ холобурунан туһанан оҕону иитии туһата, тиийимтиэтэ ордук улахан. Хас биирдии оҕоҕо, ордук кыыс оҕолорго ийэлэрин курдук буолар баҕа санааны үөскэтии, иитиэхтээһин, ийэ оҕотугар таҥара буолуутун үөскэтэр. Ийэ оҕотун баҕа санаатын киһитигэр кубулуйан оҕо таҥаратыгар тэҥнэһэр.
Кыыс оҕо таҥарата – ийэ таҥара. Кыыс оҕо ийэтин курдук буола сатыыр баҕа санааланнаҕына кинини таҥаратыгар кубулутар, кини курдук өйдөөх-санаалаах, үлэһит буола улаатара кыаллар.
Оҕолор кыра эрдэхтэринэ ийэлэрэ куруук көрөр-истэр, араас баҕа санааларын “тук” курдук толорон иһэр буоллаҕына, кинини таҥаратыгар кубулутумуон сөп. Аһара көрөр-истэр, бары баҕатын толорон иһэр ийэни оҕо хамначчытын, үлэһитин курдук саныы улаатара баар суол. “Ийэ сүрэҕэ-оҕотугар, оҕо сүрэҕэ-тааска” диэн этии итини бигэргэтэр.
Ылыы, иҥэринии өйө-санаата дьахтарга ордук элбэх. Бу быһаарыы дьахтар эр киһиттэн ыларынан чуолкайданар. Дьиэни-уоту тэрийиигэ дьахталлар баһыйаллар. Ийэ таҥара кыыс, дьахталлар таҥаралара. Бу таҥара өйө-санаата кыргыттар, дьахталлар өйдөрүгэр-санааларыгар иҥнэҕинэ омук сайдан иһиитэ, ахсаана эбиллиитэ оннугар түһэр.
Ийэ таҥара умнуллан сылдьар. Ийэлэр оҕону аҥардастыы атаахтатан, маанылаан иитэр, улаатыннарар буоллулар. Ийэ таҥараны хаалларыыттан, аанньа ахтыбат буолууттан дьахталлар оҕоломмот буолан иһэллэр. Оҕону көрүү, иитии, үөрэтии букатын атын хайысханан, оҕолору киһиргэтии, маанылааһын, атаахтатыы диэки халыйан баран иһэрэ араас, ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыылары, буруйу-сэмэни оҥорооччулары, сыыһа-халты туттааччылары элбэтэр, тулуурдаах, үлэни-хамнаһы кыайааччылары аҕыйатар.
Ийэ оҕотун өйө-санаата сайдыытыгар ылар оруолун үрдэтэргэ, оҕо өйө-санаата сайдыытын кут-сүр үөрэҕэ быһаарыыларын билии туһалыыр. Былыргы сахалар оҕо төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттара оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдыытыгар ийэтэ ылар олус улахан оруолун таба сыаналыыр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута киһилии быһыыга иитиллэн, киһи буолуу үөрэҕин баһылыыра, туох барыта икки өрүттээҕин билэрэ, өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар тириэрдэр.
Оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылларыттан ханнык омук буола улаатара, ийэтин, аҕатын ким диэн ааттаан ыҥырара иҥэр, олохсуйар. Оҕо өйө-санаата сайдарыгар аан маҥнайгы тылларын саҥарда үөрэтэр ийэ ылар оруола олус үрдүк, оҕо өйүн-санаатын төрүттүүр кини буолар.
Саха омук баар буолуута, саҥарар тылбыт уларыйбата аан маҥнай оҕолору саҥарда үөрэтэр дьахталларбытыттан тутулуктаах. Саха дьахталлара атын омук буола сатаабатахтарына, атын омуктуу саҥарбатахтарына саха омук уһун үйэлэргэ баар буолар.
Кэлин оҕо улааттаҕына, бэйэтин өйө-санаата сайдан төрөппүтүн баһыйдаҕына, атын, ордук сайдыылаах киһини батыһан, үтүктэн таҥара оҥостуон сөп эбэтэр бэйэтэ оҕолонон, оҕолорун иитиигэ кыһанан бэйэтэ кинилэр таҥараларыгар кубулуйар кыахтанар.
Дьахталлары кыра хамнастаах үлэһит дьоҥҥо кубулутууну сэбиэскэй былаас эстэрин саҕана ситиспитэ. Эр дьон батталларыттан босхолообут, үлэлииргэ көҥүлү биэрбит аатыран бары кыра хамнастаах үлэлэргэ дьахталлары үлэлэтэллэрэ. Үлэлиир дьахталлар оҕону төрөтөллөрө аҕыйаабыта, биир, икки оҕолонон баран бүтэр буолбуттара.
Ийэ буолуу үчүгэй, кыыс оҕо үтүктэр майгына буоларын ийэ таҥара баара биллэрэр. Ийэ таҥараны итэҕэйбэт кыргыттар ийэ буолар санаалара суох, күүлэйдии, быстах санааларыгар баһыттаран таҕылларын тарҕата сылдьыахтарын эрэ баҕарар буола улааталлар.
Улааппыт, өйө-санаата сиппит, киһи буолууну баһылаабыт, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор киһиэхэ төрөппүт таҥара буолар суолтата кыччаан барар. Оҕо бэйэтэ төрөппүт буолар кэмэ тиийэн кэлэринэн бэйэтэ оҕотугар таҥара буолар кэмэ син-биир тиийэн кэлэр.
Таҥара кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэр аналлааҕа итинэн быһаарыллар. Айылҕа халбаҥнаабат сокуонунан туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйар, атын, олоххо сирдиир саҥа баҕа санааны иҥэринэн саҥалыы таҥыллан үөскүүр. Саҥа баҕа санааны үөскэтинии саҥа таҥара үөскээһинигэр тириэрдэр. Арай мөлтүүр, ахсыыр кэмигэр санаатын бөҕөргөтөргө анаан биллэр кыайыыны ситиспит киһи өйүн-санаатын көмө, тирэх оҥостор.
Кыыс оҕолор бары ийэлээхтэр, ийэлэрин көрүүлэринэн-истиилэринэн улаатан, өйдөрө-санаалара сайдан иһэр. Аҥардас ийэ даҕаны кыыһын улаатыннарар, өйүн-санаатын бэйэтин курдук сайыннарар кыахтаах. Арай кыыс оҕото эр киһи ураты көрдөбүллэрин билбэккэ улаатыыта өйө-санаата аҥар өттүн диэки халыйыытын үөскэтэр. Аҥардас дьахтар оҕото улааттаҕына эмиэ эргэ тахсыбакка аҥардас хаалар кыаҕа улаатан хаалар.
Төрөппүт оҕотун олоххо сирдээн иһэр, үтүктэр, батыһар киһитигэр кубулуйуута, кинини баҕа санаатын киһитигэр, таҥаратыгар кубулутан киһи буолууну ситиһэригэр туһалыыр. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии ийэ таҥара үөрэҕэр киирсэринэн киһи киһи буоларыгар оруола ордук улахан. Таҥара үөрэҕэ диэн төрөппүт оҕотун иитэр, үөрэтэр үөрэҕэ буолар. (1,80).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор, 2016. - 148 с.