Иирсээни тардыма

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иирсээни тардыма диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ өй-санаа туруктаах буоларын үөскэтэр этиитэ.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Тоҕус айыыны оҥорума» диэн этии баар. Олортон биир тутаахтара, өйү-санааны быһаарар, атын дьону кытта сыһыаны тупсарар аналлаахтара «Иирсээни тардыма» диэн ааттанар.

Иирсээн диэн туохтан эмэ сылтахтанан тыл-тылга киирсибэт буолуу, өй-санаа бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэттэрэ, утарыта хайысхаланыылара үөскээһинэ ааттанар. Иир диэн туох эмэ буккулуута, өй-санаа иириитэ буолар. Эрийэ-буруйа үүнэр талах сахалыы иирэ диэн ааттанар.

Иирсээн саҕаланан барыытыгар куһаҕан тыллары туттуу, сааныы, үөҕүү, тириэрдиэн сөп. Сааныы иирсээни саҕалыыр, онтон салгыыр. «Иэстэһиэм, кырбыахпыт, өлөрүөм» диэн сааныы иирсээн салҕанан, өссө күүһүрэн барарыгар тириэрдэр кыаҕа улахан.

Өйбүт-санаабыт туруга суох, аһара бара сылдьарыттан кэрээнэ суох буолуу, аһара кырбааһын, охто сытар киһини тэбиэлээһин бэйэни кыана туттуммат, кыайан тохтотуммат буолуу аһара элбээтэ. Бэрт кыра, тыл-тылга киирсибэтэхтэн сылтаан улахан, хас да киһи кыттыһыылаах охсуһуулар, кырбааһыннар элбээтилэр. Билигин арыгы иһиитин кэнниттэн тахсар иирсээннэртэн, бааһырыылартан, өлүүттэн-сүтүүттэн бэрээдэктээх дьон саллан, кэлэйэн сылдьаллар уонна буруйу барытын арыгыга түһэрэллэр.

Кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй майгыга үөрэтиллибэтэх, ийэ куттара тулуурдаах буолууга иитиллибэтэх эдэрдэр өйдөрө-санаалара арыгынан туманныран көттөҕүнэ, урукку сөбүлээбэт, өс, куһаҕан санааларын дьэ өйдөөн кэлэн, харса суохтарыгар киирбит кэмнэригэр олору аахсар, быһаарсар санаалара киирэриттэн арыгы иһэн баран охсуһуулар, кырбааһыннар, өлөрүүлэр элбииллэр.

Бииргэ аһыы, арыгылыы олорор дьон соҕотохто, тыл-тылларыгар киирсибэккэлэр илиилэригэр туох түбэспитинэн охсуһан, быһахтанан тураллара олус элбээтэ. Маннык кэмҥэ биир сыыһа туттууттан эдэр киһи саҥа саҕаланан эрэр олоҕо тосту уларыйан туоратыллар, хаайыы киһитэ буолан хаалар дьылҕаланара кими баҕарар долгутар.

Бу майгы уларыйыытыгар буруйдааҕы булуу эрэ маннык быһыылар салҕанан бара туралларын тохтотор. Эдэр киһи майгына бу курдук, түргэнник уларыйарыгар ханнык быһыылар тириэрдэллэрин маҥнай быһаарыллар:

1. Кыра эрдэҕиттэн тулуура суох, барыта-бары көрдөөтөҕүн аайы баар буоларыгар үөрэнэн улааппыт оҕо кыра да тэппини көрбөт, сөбүлээбэтин таһыгар таһааран иһэриттэн иирсээни саҕалааччы буолуон сөп.

2. Аһара бара сылдьар майгылаах, мин эрэ билэбин диэн бэйэмсэх санаалаах атаах оҕо, бэйэтин ордугун былдьатымаары урут бастаан иирсээни саҕалыыр кыахтанар.

3. Кими да, төрөппүттэрин да, кырдьаҕастары да аанньа ахтыбат оҕо атын киһи этэрин букатын истибэтиттэн, сөбүлээбэтиттэн кыра да саҥаны, көннөрү да этиини иирсээҥҥэ кубулутуон сөп.

4. Атаах оҕо иннин биэрбэт, сыыһа эппит да буоллаҕына көннөрүммэт майгына эйэлэһиини, эйэнэн арахсыыны суох оҥорор. Кыра тыл-тылга киирсибэтэхтэн сылтаан улахан өс-саас үөскээн тэнийэн барыыта онтон саҕаланыан сөп.

5. Бэйэтин кыана туттуммат, тохтотуммат эдэр киһи илиитэ тугу оҥорорун кыайан салайбакка быһахтанан, сэптэнэн ыар быһыыны оҥорон кэбиһэрэ ордук хомолтолоох түмүккэ тириэрдэрэ билигин элбээтэ.

Тулуура суох киһи кыыһырбытыттан, абарбытыттан хараҕын үүтэ бүөлэнэн, сабыллан, өйө көтөн хааллаҕына араас сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыаҕа олус улаатарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр. Биилээҕинэн, сытыынан сэрэхтээхтик туттарга кыра эрдэҕинэ үөрэтиллибэтэх оҕо сыыһа-халты туттунара аһара элбиир.

Киһилии, киһи быһыылаахтык сылдьыыны, сиэри, бэрээдэги, сокуоннары тутуһууну киһи өйө-санаата сайдыбытын, өһөс, тулуурдаах буолуута үөскээбитин түмүгэр ситиһэрэ кыаллыбыта. Киһи санаатын күүһүнэн, өсөһүнэн бэйэтин быстах санааларын кыана тутта сылдьара, аһара ыыппата хаһан баҕарар ирдэнэр.

Тулуура суох, санаата ыһылла сылдьар, бэйэтин этин-сиинин көрдөбүллэрин сатаан, кыайан тохтотуммат киһи, киһи быһыыта суох, сүөһүтүн майгыныгар түһэн ылар буолар.

Дьону кытта тапсыбат диэн этии иҥмит киһитэ баар буолар. Кыра эрдэҕинэ аһара атаах, бэйэтэ эрэ туспа көрүллүбүт оҕо дьону кытта тапсан коллективка сыстан сылдьара ыарахаттардаах буолар, бэйэтэ даҕаны дьонтон туспа сылдьары ордорор. Кыра эрдэҕинэ соҕотоҕун иитиллибит аһара атаах оҕо улаатан истэҕинэ, бэйэмсэҕэ улаханыттан атын дьону кытта тапсара ордук уустугурар.

Киһи атын дьоҥҥо сыһыаныттан тутулуктанан атыттар киниэхэ сыһыаннара үөскүүр. Дьоҥҥо эйэлээхтик, иллээхтик сыһыаннастахха кинилэр эмиэ эйэлээхтик сыһыаннаһалларыгар олук ууруллар.

Билигин демократия сокуоннара олоххо киирэр кэмнэригэр киһи киһиэхэ сыһыана ытыктабылга, тэҥнээх буолууга олоҕуран сайдар. Хас биирдии киһи бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаҥҥа бары сокуоннары, быраабылалары, сиэри тутуһар буолара хайаан да ирдэнэр.

«Киһи диэн, киһи буоллаҕа дии» диэн киһини аһынар, харыстыыр, кыра, улахан суолтата суох сыыһаларын-халтыларын бырастыы гынар этии баар. Бу этии киһи киһи буолара ханнык эрэ кыйыалааҕын, кытыылааҕын, ону аһара түһүү куһаҕан буолан хаалыан сөбүн быһаарар. Киһи өйө-санаата бөҕө, туттунар, кыанар күүһэ баарын тухары киһи буолан сылдьар. Туттунар күүһэ суох буоллаҕына эбэтэр кыаҕа тиийбэтэҕинэ киһи быһыытын аһара туттунан кэбиһиэн сөп. Киһи быһыытын таһынан туттунуу куһаҕан майгыга киирсэр.

Киһи киһилии быһыылары оҥорууну тулуурдаах, өһөс буоллаҕына эрэ кыайарын бу этии эмиэ бэлиэтиир. Киһи киһи буоларыгар өйө-санаата сайдарын тэҥэ тулуура, дьулуура, өһөс буолуута уруттаан сайыннаҕына табыллар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута аналлаах иитиилээх буоларын ирдиир. Ол ирдэбил, көрдөбүл, оҕо кыратыттан бэйэтин туттунар, тулуурдаах буолар күүһүн сайыннарыы «Аһара барыма» диэн үөрэҕинэн бэриллэр уонна минньигэһи аһара сииртэн туттунууттан сайдан, күүһүрэн барар. Бу үөрэх кыра эрдэххэ иҥэриллэрэ ордук тиийимтиэтин ийэ кут оҕоҕо кыра эрдэҕинэ ордук түргэнник иитиллэрэ, үөскүүрэ быһаарар.

Сайдыылаах үйэҕэ олорор оҕолор мааныга, баайга, талымҥа үөрэнэннэр тулуурдара, дьулуурдара суох буола иитиллэллэриттэн киһи быһыытын аһара туттуналлара, куһаҕан быһыыны оҥороллоро үксээн иһэр.

Арыгы өйгө-санааҕа быһаччы дьайарынан өй-санаа туругун хонтуруоллуурга туттуллар кыахтаах. Арыгыны элбэхтик испит киһи «Өйө көтөн» ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирэринэн кыра эрдэҕинэ хайдах, атаахтык, бас-баттах иитиллибитэ, өйүн-санаатын уратылара биллэн хаалыахтарын сөп. Итирдэр эрэ чабыланар, киһиргиир, күүһүнэн өртөйөр киһи халы-мааргы иитиилээх, атаах соҕус буолуон сөбө быһаарыллар.

Уҥуоҕунан кыра киһи итирдэҕинэ иирсээннээх соҕус буолар. Олох кыра эрдэҕиттэн улахаттарга баттатар, үтүрүттэрэр курдук санаата олохсуйан, үгэс буолан хаалбыта, итирдэҕинэ биллэн кэлэн, аны быһаарсыыны, тыл-тылга киирсибэт, тапсыбат буолууну таһаарара иирсээни үөскэтиэн сөп.

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар кыра, улахан суолтата суох сыыһа-халты этиилэри эҥин тулуйар кыахтаах буолара наада. Православнай таҥара дьиэтэ киһини тулуурдаах буолууга үөрэтээри «Аҥар иэдэскин оҕустахтарына иккис иэдэскин тоһуйан биэр» диэн этиилэрэ төһө да аныгы дьоҥҥо куһаҕаннык иһилиннэр өй-санаа уратыларын, тулуурдаах буолуу киһиэхэ хайаан да наадатын быһаарар.

«Кыыһырбат киһи кыыһырбыта сиэри таһынан барар» диэн этии киһи туттунар күүһэ эмиэ кыйыалааҕын, кыах тиийбэккэ, кыайан туттуммат буолуу кэмэ эмиэ кэлэрин биллэрэр. Бу быһаарыы киһи киһиэхэ сыһыана эмиэ ханнык эрэ «Кэмнээх-кэрдиилээх» буоларын, ону аһара барар куһаҕанын биллэрэр.

«Киһини аһара кыйахалаама» диэн этии киһи туттунар күүһэ суох эбэтэр бэйэтин кыайан туттуматаҕына киһи быһыытын аһара туттунан кэбиһиэн сөбүттэн харыстыыр этии буолар. Олус былыргы кэмнэргэ сахаларга сэт оҥоруу диэн быһыы баар этэ. Онно хайа эмэ киһини күһэйэн дуу, хайаан дуу киһиттэн таһынан туттарыгар үтүрүйүү, сэт оҥоруу кэнниттэн иэстэбили оҥоруохха сөп буолара. Манна киһи туттунар күүһүн өһүлэн, аһара кыыһырдан, кыйахаан баран сыыһа-халты тутуннарыы сүрүн төрүөт буолар.

Холобурга, улахан уолаттар сөбүлээбэт уолларын кыра уолунан кыйахалаан, атаҕастатан баран, кыра уолу көмүскээбит аатыран кырбыы сатыахтарын сөп.

Билигин демократия сокуоннара ирдииллэринэн киһи киһиэхэ сыһыаныгар бэйэ-бэйэҕэ тулуурдаах, тэҥнээх, атаҕастабыла суох, аһыныгас сыһыан ирдэнэр.

Эдэр киһи сыыһа-халты туттубакка, дьону эчэппэккэ уһун олоҕун киһилии олорорун туһугар кыра эрдэҕиттэн барыны-бары тулуйар тулуурдаах, өһөс санаалаах буола үөрэнэрин төрөппүттэр хааччыйдахтарына эрэ табыллар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Тулуурдаах буол», «Иирсээни тардыма» диэн үөрэтэр. (1,78).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.