Иванова Анастасия РЯЛ-17

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тииттээх күѳл Тииттээх күѳл хоту баҺыгар билигин даƼаны аƼыйах тиит үүнэр, биҺиги оƼо эрдэхпитинэ үрдүк эмпэрэƼэ аарыма тиит баара, ол тиит эмпэрэтэ суураллан билигин суох. Күѳллэрбит ѳрүс хочотугар баар буоланнар, былыргыта бары хочо үрэхтэрин сорƼолоро, нууччалыы «старица» диэн. Ол былыргы кэм үрэхтэрэ быстаннар, дириҥ ѳттѳ күѳл буолан турдахтара. Yрэх сорƼото буолалларын кырдьаƼастар бэрткэ диэн туhаналлар эбит. АƼам Ой сэлиэнньэтигэр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ буолан олорон, бу Тииттээх күѳл саас аайы халааҥҥа уутуйдун диэн анаан-минээн холлороон хастарбыт (ханаал) Бѳдѳҥкѳй диэн үрэхтэн (боротуоха дииллэр) сүүсчэкэ миэтэрэ хаспыттар бу 60-с сылларга. Бу холлороон билигин даƼаны туттуллар. Онтон улахан халааҥҥа уу Тииттээх күѳлү уҥуордаан ходуhаны күѳл сүтэр, Тѳҥүргэстээх, Тураахтаах күѳллэргэ оннооƼор бэйэтин соботуттан бэрсэр, Тииттээх күѳл дириҥ буолан «аарыма» улахан соболордоох, ону «урусхал собото» диэн ааттыыллар. Халаан кэнниттэн кып-кыра кѳлүччэттэн кыра муҥханан оннук соболору таhааран үѳрүү-кѳтүү үксээччи. Тииттээх күѳлү бэйэтин кыайан муҥхалаабаттар. Онтон былыр маннык эбит: «Биирдэ Эргис ойуун Ынах арыытыгар оттуу сылдьан Тииттээх күѳлү муҥхалаабыт. Онно тоƼус хоппо балык кэлбит. Ону кѳрѳн баран ойуун эппитэ үhү: «Оо, быйыл ѳлѳр дьылым буоллаƼа. Эбэм онньуубун биэрдэƼэ», диэбит. Кырдьык даƼаны Тииттээх балыга былыр даƼаны, аны даƼаны муҥхаƼа кэлбэт саҥнаах». Дьэ кырдьык Тииттээх күѳл баар суох күѳлбүт, иhэр уубутун онтон ылар этилэр, билигин даƼаны кыhын иhэр уубут мууhун онтон ылабыт, онтон ходуhаƼа баар күѳллэрбит соболорунан дьадьайдахтарына халаан уутун нѳҥүѳ Тииттээх күѳлбүт барахсан соболоруттан бэрсэн күѳллэрбит эмиэ собо балыгынан байан бараллар. Тииттээх күѳл Ытык күѳл. ОƼо сылдьан кѳрдѳххѳ Тииттээх күѳл эмпэрэтигэр хараҥаччы хото соƼустук уйаланар этэ, улаатан баран күѳл хоту баhыгар, чычаас ѳттүгэр тугунуок балык барахсаны баhан ылар кэмнэр бааллара. Биир кураанах тиит кѳҥдѳйүгэр 60-сс кугас кырбый уйаланар этэ. Ол тиит билигин даƼаны турар, сууллара чугаhаабыт, билигин даƼаны кырбый уйаланар эбит. Ону аныгы кэм буолан, хаартыскаƼа, киинэƼэ уhулан үѳрэтэн, 7-с кылаас үѳрэнээччитэ Борисов Тимофей дакылаат суруйан, орнитологиянан дьарыктанан республикаƼа I миэстэни ылбыта хайƼабыллаах. Бу Тииттээх күѳл үрдүгэр Ойуунуская Сардаана Платоновна дьиэ туттан олохсуйбута. Бу 90-с сыллар саƼаланыыларыгар. Аан бастаан кэлэн Нѳмүгү ытык сиригэр аал уот оттон алƼаабыта уонна эппитэ: «АƼам ѳбүгэлэрин дойдуларыгар Ытык сиргэ олохсуйарга сананным, Ытык сир туора кѳрүмэ!»