Зиммель Георг

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Георг Зиммель

Зиммель Георг (идеалист уонна социолог. Кини үлэлэрэ Германияҕа социология сайдыытыгар сабыдыаллаабыттара.

Берлиннааҕы университеты бүтэрэн баран 20 тахса сыл онно үлэлээбит. Карьерата оччо сатамматах: приват-доцент диэн кыра дуоһунаска өркэмҥэ сылдьыбыт. Ол да буоллар истээччилэр уонна атын учуонайдар биһирэбиллэринэн туһанар эбит (Генрих Риккерт). Маны университет салалтата семиттары утары настырыанньалааҕынан быһаараллар. 1901 с. Страсбурдааҕы университет штааты таһынан, оттон 1914 с. штаакка киирэр үлэһитэ. Иккис аан дойду сэриитэ саҕаланаатын университет сабыллыбыт. Сэрии бүтэн эрдэҕинэ Зиммель Страсбург куоракка быар раагынан ыалдьан өлбүт.

Бөлөһүөк быһыытынан Зиммели "олох философията" диэн академическэй салааҕа киллэрэллэр, үлэлэригэр "неокантианство" эмиэ баар (диссертацията Кант үлэлэригэр анаммыт). История философиятыгар, этикаҕа, эстетикаҕа уонна култуура философиятыгар үлэлэрдээх. Социологияҕа Зиммель — социальнай алтыһыы (социальное взаимодействие) теориятын айааччы. Зиммели конфликтология биир төрүттээччитин курдук эмиэ билинэллэр.

Сүрүн үлэлэрэ

Commons-logo.svg
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр:
  • Социальная дифференциация. Социологические и психологические исследования (1890).
  • Проблемы философии истории (1892—1893)
  • Введение в этику (1892—1893).
  • Философия денег (1900)
  • Религия (1906)
  • Социология. Исследование форм обобществления (1908)
  • Философия культуры (1911)
  • Гёте (1913)
  • Рембрандт (1916)
  • Фундаментальные вопросы социологии (1917)

Кини туһунан

  • Соколов Э.В. Георг Зиммель: философия культуры
  • Горозия В.Е. Проблема отчуждения культуры в философии и социологии Георга Зиммеля. — Россия и Грузия: диалог и родство культур
  • Ионин Л.Г. Георг Зиммель — социолог. М., 1981
  • Филиппов А.Ф. Обоснование теоретической социологии: введение в концепции Георга Зиммеля. — Вопросы социологии. 1993, № 3
  • Громов И.А., Мацкевич А.Ю., Семенов В.А. Западная социология, гл. VIII. СПб, Издательство ДНК, 2003

Ылыллыбыт сирэ