Ефимовтар (Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэ)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ефимовтар төрүттэрэ Холгума. Сэриигэ баран өлбүт Бүөтүр Дьэкиимэп аҕата Үөмэр Ньукулай эрдэ өлөн кыра эрдэҕиттэн таайыгар Чооруоһап Лэгэнтэйгэ иитиллибит. Хоптолоох диэн сиргэ олорбуттар. Бииргэ төрөөбүттэрэ Тиэхэн, Хабырыыс, Балбаара уонна Эмискэ олохсуйбут өссө биир кыыс баар эбит. Хабырыыс үс оҕолооҕо. Мотя диэн кыыһа куоракка милииссийэ киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Улахан уол Коля Намҥа олорбут. Кэргэннээх, оҕолордоох. Бэйэтэ биир оҕону быыһаары ууга былдьаммыт. Ийэтин аатынан кыыс Бырамаҕа олорор. Ефимов Петр Николаевич (1909 с.т.) улахан унуохтаах, маҥан ыраас хааннаах киһи эбитэ үһү. "Коммунар" колхуоска биригэдьиирдээбит. 17 саастаах кыыһы кэргэн ылан үс кыыһы хаалларбыт. 1941 с. сэриигэ баран 1943 с. Ленинградскай уобаласка өлбүт.

Кэргэнэ Ефимова Александра Семеновна Биэкэнэ Стручковтар — Уочааннар аймах. Тамара диэн кыыһа эрдэ өлбүт. Варвара Петровна Чыамайыкыга олорор, Романовтар диэн ыал ийэлэрэ Бүтэйдээххэ аҕаларын аатгатан үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Марина Петровна Ефимова олорор кыыһа куоракка медкииҥҥэ үлэлиир. Дьүһүнүнэн эһээтигэр майгынныыр Роберт Иванович Ефимов оскуолаҕа кочегар. Кэргэнэ Татьяна Петровна Өлүөхүмэтгэн төрүттээх, математика учуутала. Уоллара, кыыстара оскуолаҕа үөрэнэллэр.

Төрцччц М.П.Ефимова ахтыытпыттпан сурулунна[1].

Быһаарыылар

  1. Нэһилиэгим нэһилиэстибэтэ. Родионов К.К., Көмүөл, Дь., 2010