Ершов Андрей Петрович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Андрей Петрович Ершов
Дойдута:
Билим эйгэтэ: вычислительная техника, программирование
Үлэтин сирэ: Новосибирский Академгородок
Учуонай аата: Халыып:Учёное звание
Билимҥэ салайааччыта: Ляпунов Алексей Андреевич
Биллиитэ: ССРC бастакы программистартан биирдэстэрэ Арассыыйа корпуснай лингвистикатын пионердарыттан биирдэстэрэ, Сибиир программирование оскуолатын төрүттээччитэ, информатика сибиир оскуолатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ (А.А. Ляпуновы, Г.И. Марчукы, Н.Н. Яненконы кытта)
Наҕараадалара уонна бириэмийэлэрэ:


Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана Халыып:Орден «Знак Почёта»
Премия им. А. Н. Крылова

Андрей Петрович Ершов — ССРС наукаларын академига, программист.

Ершов Арассыыйа корпуснай лингвистикатын пионердарыттан биирдэстэрэ; Кини көҕүлээһининэн ССРС Билим Академиятын нуучча тылын институтугар нуучча тылын массыына пуондата тэриллиитэ саҕаламмыта.

Оҕо сааһа, эдэр сааһа

Ершов А. П. Кемерово куоракка көһөллөр. Хойутуу иккис уол оҕо төрүүр. 1949 с. орто оскуоланы туйгуннук бутэрбит. Ол кэннэ МГУ-га физико-техническэй факультекка киирбит. Ол эрэн 1 сыл буолан баран механико-математическай салааҕа көспүт. 4 курска циклы алгоритмныыр методика туһунан курсовой үлэтин ситиһиилээхтик туттарбыт. 1950 с. ССРС бастакы электроннай суоттуур массыына оҥоһуллубут уонна эдэр учуонай суоттатыы программатын оҥоруу ньымаларын үөрэтэр салаанан умсугуйбут. 3 сыл буолан баран устудьуоннуу сылдьан туочунай механика уонна суоттуур техника институтугар үлэлээн саҕалаабыт.

Маҥнайгы үлэлэрэ

1954 c. университеты бүтэрэн баран суоттуур математика профилигэр аспирантуураҕа киирбит. Кини салайааччыта Алексей Андреевич Ляпунов, бэйэ дойду кибернетикатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ этэ. Ляпунов официальнай философияны иҥэрбэккэ эрэ, уорэнээччитэ бэйэтэ сайдарыгар уонна бу наука эйгэтин сайыннарарын курдук баҕа санаа үөскэппит. Андрей Петрович английскай тылы эрдэттэн үөрэппит, кини бу тыл программированияҕа сүрүн тыл буолар диэн билбит. Кини өйө доло5ойдоох, ырылхай буолан программалааьынна сөптөөх. Соторунан Ершов маҥнайгы советскай электроннай суоттуур массыынанаҕа программаны оҥорууну чинчийэр бөлөххө салайааччы буолар. 1955 с. төттөрү матрицаны суоттааһынын ньымата тахсар. 1958 с. элбэх интэриэһи аҕалбыт улахан электроннай ахсаан ааҕар массыына туһунан монографията бэчээккэ тахсар. 1950 сыл бүтүүтэ аҕа дойду биир тутаах программиһа буолар.

Новосибирскай куоракка көһүү

1957 с. эдэр учуонай наука академиятын саҥа сибиирискэй салаатыгар үлэҕэ киирии этиитин ылбыт. Бастаан Андрей Петрович математика институтугар программалааһын салаатын арыйарга үлэлээбит. Ол эрэн Москубаҕа баар үлэтин бырахпатах. 1960 с. Новосибирскай куоракка коһорго санаммыт. 1964 с. суоттуур киин бэйэтэ туспа институт буолбут, Андрей Петрович сэбиэдиссэйинэн анаммыт. Андрей Ершов көмөтүнэн Новосибирскайдааҕы академическай куорат кибернетикаҕа бастыҥ киин буолбут. Ершов программалааһыҥҥа күүстээх оскуоланы арыйбыт. Бу салаа ол кэмҥэ эдэр учуонайдар болҕомтолорун тардыбыт. 1968 с. транслятордары тутуу ньымаларын туһунан докторскай диссертация көмүскээбит. Икки сыл буолан баран наука академиятыгар математика өттүгэр корреспонденынан талбыттар, 1984 с. — академигынан.

Программалааһын тыллара

Андрей Петрович программалааһын тылларыгар уонна систиэмэлэригэр улахан суолтаны уурар этэ. Альфа диэн тылы оҥорууга кыттыбыт. Алгибр (Альфа-гибриднай) модифицированнай тылы айбыт. Кини бэриллибит тылтан атын тылга көһөрөр аналлааҕа. Программа перфокартаҕа эбэтэр перфолентаҕа бэриллэр. 1970-1974сс. Альфа-6 диэн тылы оҥорбут. Аныгыскы хардыыта дэгиттэр программалыыр Бета процессоры оҥоруу буолар. Бу процессор программа свойствотын ырыҥалыыры сатыыр уонна киирэр тылы, оптимизируйдуур транслятордары оҥорор. Ершов оҥорбут программалааһын тыллара аныгы трансляциялааһын ньымаларыгар төрүт буолбуттар.

Учууталынан үлэтэ

Учууталынан үлэтэ МГУ-тан саҕаламмыта. 1961 с. электроннай суоттуур массыынаны үөрэтэр уонна оскуолаҕа программалааһыны үөрэтэр боппуруостарынан дьарыктаммыт. Андрей Ершов эдэр программистар оскуолатын тэрийбит, үөрэх кыһатыгар программнай харалтаны оҥоруу салайааччыта. 1981 с. Швейцарияҕа буолбут норуоттар ыккардыларынааҕы конференцияҕа көмпүүтэри билии туһунан дакылаат аахпыт. ССРС үрдүк үөрэх кыһаларыгар программистары үөрэтэр былаан бэлэмнээбит. Бу учуонай оскуолаҕа информатиканы үөрэтиини төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ буолар. Айар үлэтин бүтэһик 10 сылыгар кибернетика эйгэтин сырдатыы боппуруоһунан дьарыктаммыт.

Научнай үлэлэрэ

1955 сылтан 1988 сылга дылы 200-тэн тахса программалааһын уонна ыкса сибээстээх дьиссипилиинэлэр туһунан кинигэ уонна ыстатыйа бэчээккэ тахсар. Андрей Ершов научнай популярнай сурунаал «Квант» редакциялыыр сүбэ чилиэнэ этэ. Уһулуччулаах советскай чинчийээччи кылаата норуоттар ыккардыларынааҕы бөлөххө биһирэммит. 1965 с. суоттуур техника холбоһугун, муҥутуур кырдьаҕас уонна улахан түмсүү чилиэнэ буолбут. 9 сыл буолан баран британскай түмсүү бочуоттаах чилиэнэ буолбут.

Информатикаҕа кылаата

Учуонай программалааһын сайдыытыгар улаханнык сабыдыаллаабыт. «Информатика» тиэрмин биһиги дойдубутугар кини көҕүлээһининэн баар буолбут. Информатика туһунан үлэтигэр саҥа наука сыалын-соругун чопчулаабыт. 1960-с сс. бүтүүтүгэр бэйэ дойдуга программалааһын салааҕа тутаах киһи буолбут. Бэйэтин өҥөтүгэр хас да орден уонна мэтээл ылбыт.

Архыыба уонна библиотеката

Ершов дэҥҥэ көстөр архыыбыгар 500-тэн тахса кини олоҕун суолун уонна ССРС-ка информатика сайдыытын көрдөрөр докумуон хаалара баар. Онно кини лекцияларын конспега, курсовойун уонна дипломнайын суругун харата, дэҥҥэ көстөр Альфа-трансляторы оҥоруу саппыыскалара, коллегаларын кытта суруйсуулара, мунньах боротокуоллара, кыраныысса таһыгар программалааһыҥҥа аналлаах араас командировкаларга сылдьан суруйбут суруктара бааллар. Илиинэн суруллубут ыстатыйалар, монографиялар, үлэлэрин былаана, дьиссипилиинэни кэспит дьон быһаарыы суруктара бааллар. Уопсайынан бу матырыйааллар ол бириэмэ саҕанааҕы атмосфераны үөскэтэллэр. Баар соҕотох Ершов олоҕун тухары хомуйбут библиотекатыгар 30 тыһыынча кинигэ, сурунаал, конференциялар үлэлэрэ, ыстатыйалар бааллар. Андрей Петрович библиотеката кыраныысса таһыгар сылдьыбытын кэннэ эбиллэ турбут. Омук табаарыстарын кытта Андрей кинигэ атастаһара. Киниэхэ норуоттар ыккардыларынааҕы сурунааллары ыыталлара. Ершов өлбүтүн кэннэ кини салҕааччылара туох баар кинигэлэри, сурунааллары, докумуоннары информатика систиэмэтин институтугар биэрбиттэр, Ершов аатынан мемориальнай библиотека арыллыбыт.

Тус олоҕо

Устудьуоннуу сылдьан көхтөөх олоҕу тутуһара, спордунан дьарыктанара. 21 саастааҕар биир курска уорэнэр кыыһын Нина Михайловна Степанованы кэргэн ылар. 1953 с. Василий уол оҕолоноллор. Ол эрэн эдэр ыал тус-туспа уопсайга олорбуттар. Уолаттар уонна кыргыттар уопсайдара туспа дьиэҕэ турбуттар. Андрей аспирантуураҕа киирбитин эрэ кэннэ туспа хостоммуттар. Нина үөрэҕин бүтэрэн баран, МГУ-га программиһынан үлэлээбит. Ол кэннэ үрдүкү лаборанынан математика институтугар үлэлээбит. 1959 с. Анна кыыс оҕоломмуттар. Ершов поэзиянан, гитараҕа оонньуунан умсугуйар, ыллыыр, хоһоон айар этэ. Р.Киплинг хоһоонун английскайтан нууччалыыга тылбаастыыра. 57 сааһыгар ыарахан ыарыыттан өлөр.

Туһаныллыбыт литература

  • Ершов А. П. Введение в теоретическое программирование: Беседы о методе. — М.: Наука, Главная редакция физико-математической литературы, 1977. — 288 с.
  • Ершов А. П., Монахов В. М., Бешенков С. А. Часть первая // Основы информатики и вычислительной техники: Пробное учебное пособие для средних учебных заведений. В 2-х частях / Под редакцией А. П. Ершова и В. М. Монахова. — М.: Просвещение, 1985. — 96 с.
  • Звенигородский Г. А. Первые уроки программирования / Под редакцией А. П. Ершова. — М.: Наука, Главная редакция физико-математической литературы, 1985. — 208 с. — (Библиотечка «Квант». Выпуск 41).