Егоров Павел Петрович
Егоров Павел Петрович | |||
---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1914 | ||
Төрөөбүт сирэ |
Аһыкай нэһилиэгэ, Үөһээ Бүлүү улууһа, Саха уобалаһа |
||
Өлбүт күнэ | 15 кулун тутар 1944 | ||
Өлбүт сирэ | Украина | ||
Сулууспалаабыт дойдута | ССРС | ||
Сулууспалаабыт сыллара | 1942—1944 | ||
Солото | лейтенант | ||
Чааһа | 294-с ГСП, 97-с ГСД | ||
Кыргыһыылар/сэриилэр | Аҕа дойду Улуу сэриитэ | ||
Наҕараадалара |
|
Егоров Павел Петрович (1914—1944)— коммунист, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Егоров Павел Петрович сэриигэ ынырыллыар диэри оройуонугар народнай судьуйанан үлэлээбит. Үөһээ Бүлүү оройуонуттан уоттаах сэриигэ 1942 сыллаахха Бүлүү оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт. Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылааҕа. Лейтенант, взвод командира этэ. 932-с стрелковай полк 252-с стрелковай дивизиятын стрелога. 1942 сыл алтынньы 28 күнүгэр сэриигэ бааһырбыт, эмтэнэн баран 97-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа түбэспит. Бу дивизия Днепр уҥа кытылыгар плацдармы кэҥэтэр иһин ситиһиилээхтик кыргыспыт. 1943 сыл алтынньы 18 күнүгэр Дериевкаҕа баар өстөөх бөҕөргөтүүлээх пуунун сэриилээн ылбыт. Манна гвардеецтар фашистар 2 танкаларын, штабной бронетранспортердарын, 6 станковай уонна 31 ручной пулеметтары, 27 бинтиэпкэни, 47 тыһыынча бинтиэпкэ ботуруоннарын ылбыттара. Кыргыһыы толоонугар өстөөх 6 тыһыынчаттан тахса өлүгэ хаалбыт. Егоров Павел Петрович сэрииттэн эргиллэн кэлбэтэх.[1]
1944 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Украинаҕа өлбүт[2][3].
Көмүллүбүт сирэ — Украина, Кировоград уобалаһа, Новоукраинскай оройуон, Сотбалка с., оскуола таһа[4].
Наҕараадалара
- «Кыһыл сулус» уордьан (12.1943)[5]
- «Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээл
Быһаарыылар
- ↑ Тыыннаахтар умнубат сыллара... 1945-1990 сс. — Бүлүү, 1990.
- ↑ Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
- ↑ Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
- ↑ Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- Дьон алпабыытынан
- 1914 сыллаахха төрөөбүттэр
- Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүттэр
- Кулун тутар 15 күнүгэр өлбүттэр
- 1944 сыллаахха өлбүттэр
- Украинаҕа өлбүттэр
- Кыһыл Сулус уордьанын кавалердара
- «Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара:Үөһээ Бүлүү улууһа
- Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылаахтара
- Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүттэр