Егорова Александра Петровна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Егорова Александра Петровна-Тупсууна — 1 категориялаах народнай медицина магистра, Айыы арчыһыта, түһүлгэ эмчитэ, 7-с кылаан.

Егорова Александра Петровна-Тупсууна 1948 сыллаахха сопхуоска ананан 1982 сылга диэри үлэлиир.1982 сыллаахха төрөөбүт нэһилиэгэр кэлэн участковай балыыһаҕа завхоһунан үлэлиир. Бу үлэлиир кэмнэригэр нэһилиэккэ ыытыллар культурнай тэрээһиннэргэ сөбүлээн туран актыыбынайдык кыттар. 1984 сыллаахха кулуупка «Дьэ-буо» тойуксуттар ансаамбылларын салайааччытынан үлэлиир. Былатыан Ойуунускай суруйуутугар «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхону туруоран фольклорнай фестивальга бастаан, Дьокуускай куоракка республиканскай күрэххэ кытталлар. Бу кэмтэн ыла аһыллан Александра Петровна 1990 сыллаахха бэс ыйыттан норуот эмчитэ буолар. 1992 сыллаахтан сахалыы эмчиттэр үрдүкү оскуолаларыгар 7 сыл үөрэнэн, үрдүк үөрэхтээх норуот эмчитэ дипломун ылан, бу күҥҥэ дылы идэтинэн үлэлиир.

Наҕараадалара

−1994 с. тохсунньу 19 күнүгэр «Симэх эмчит» −1995 с. алтынньы 30 күнүгэр «1 категориялаах эмчит» −1995 с. от ыйын 6 күнүгэр «Далбар эмчит» -Народнай медицина магистра -Гипнотизер экстрасенс -«Международнай категориялаах эмчит» -«Лучший меценат 2003 г. Мегино-Кангаласского улуса, Нахаринской средней школы за активную гражданскую позицию и вклад в развитии образования» -Мегино-Кангаласский улус, женская общественная организация свидетельство номинация «Лучший спонсор работы женсовета» 2002 г. -Диплом «Женщина лидер» 2003 с. -Почетный меценат образования РС(Я) түөскэ кэтиллэр бэлиэ -Золотая книга меценатов и попечителей Республики Саха (Я)