Дьүһүннүүр туохтуур (тыл)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьүһүннүүр туохтуур хамсаныыны, быһыыны, дьүһүнү ойуулаан көрдөрөр саҥа чааһа: кэдэй, ынай, мэрбэй.

Ис хоһоонунан икки аҥыы арахсыан сөп.

1. Хамсанар дьүһүн туохтуура (образные глаголы движения) хамсаныыны-имсэниини, туттууну-хаптыыны көрдөрөр: куоҕай, бэйдьэй, кыйбаҥнаа.

2. Көстөр дьүһүн туохтуура (глаголы зрительного образа) дүьүһүнү-бодону, быһыыны-тутууну көстүү быһыытынан ойуулуур: сыллай, ардьай, дарай, эҥкэй.

Итини таһынан дьиҥ дьүһүннүүр суолтата суох аҕыйах ахсааннаах сырдыгы-өҥү, туругу бэлиэтиир туохтуур (глаголы светового восприятия и чувственного состояния) баар: барый, будулуй, дыр гын, нук буол.