Дьон кырыга улаатта
Дьон кырыга улаатта диэн этии өй-санаа алдьатыы өттүгэр халыйбытын биллэрэр.
Улахан кырыктаах атомнай буомбалары оҥостубуттара дойдулар икки ардыларыгар тэҥнэһиини олохтуурунан улахан сэрии буоларыттан бары тардыналлар, сэрэнэллэр.
Эйэлээх кэмҥэ үөскээбит эдэрдэр сэрии ыар кэмин билбэттэр, кыайбыттар кэпсээннэриттэн кыайыыны, хотууну эрэ истэллэрэ, аны баҕа санаалара туолуутугар итэҕэстийиини, кыайыыга кыттыспаттарын үөскэтэр буолла. Кырдьаҕас сэрии бэтэрээннэрэ ытыктабылга, бочуокка сылдьыылара эдэрдэр баҕа санаалара биир өрүтүнэн туолбатыгар, кыайан бэтэрээн буолбаттарыгар тириэрдэр. Дойдуларга араас былыргы сэриилэри үтүктэн оонньооһуннар сайдыылара уонна олорго эдэрдэр кыттыһыылара итини бигэргэтэр.
Олох тупсан бары-барыта баар, дэлэй буолуута оҕону иитиигэ уратыны, атаахтатыыны, бэлэмҥэ үөрэтиини киллэрэр. Аныгы төрөппүттэр сэбиэскэй былаас саҕанааҕы “Барыта оҕо туһугар” диэн сыыһа хайысхалаах ыҥырыыны тутуһалларыттан оҕону аһара маанылыылларыттан, бэлэмҥэ үөрэтэллэриттэн атаахтык иитэллэрэ элбээтэ.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Оҕону атаахтатыма», “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиилэр бааллар. Бу этиилэр дириҥ суолталарын кут-сүр үөрэҕэ дакаастаан, оҕо ийэ кута кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт кэмиттэн иитиллэрин дьоҥҥо тириэрдэр. Атаах буола улааппыт оҕо өйө-санаата туруга, тулуура суох буола улаатара оҥорор быһыыларын кыайан хонтуруолламматын үөскэтэрэ сыыһа-халты, аһара туттунуулары элбэҕи оҥороругар тириэрдиэн сөп. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиини тутуһарга ыҥырар. Маннык иитиилээх киһи кыыһырдаҕына, абардаҕына, итирдэҕинэ букатын даҕаны киһи быһыытын умнуон сөбө төрөппүттэр оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ сэрэхтээх, кут-сүр үөрэҕэ этэрин тутуһар буолууларын үөскэтэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун ииппэттэн, бэрээдэккэ үөрэппэттэн аһара бара сылдьар, бас-баттах иитиилээх эдэрдэр билигин элбээтилэр. Урут Л.Н.Гумилев суруйбут «пассионарнай» диэн ааттаабыт, бас-баттах иитиилээх дьон биһиэхэ эмиэ баар буоллулар. Бу дьону билигин мамбеттар, маргиналлар, “трудные подростки” диэн туората сатыыллар эрээри, элбээн иһэллэр.
Оҕолор охсусталлар эрэ, кыайбыт кырбыырын ааһан, хам тэпсэр. Бэйэлэрин туттунан, тохтотунар күүстэрэ суох эдэрдэр кыра аайыттан сылтахтанан охсуһа-этиһэ сатыыллара элбээтэ. Былыргы сахалар «Эстээри гыммыт ыал сүөһүтэ харсыык буолар» диэн этиилэрэ быһаччы дакаастанар кэмэ биһиэхэ тиийэн кэлбит.
Дьону кырбааһын, хаан-сиин оҥоруу, араастаан ыйааһын, өлөрүү бары тэлэбиисэр каналларынан харыыта суох көрдөрүллэ тураллар. Төйөн түһүү кэнниттэн туох да буолбакка, бастарын хамсатан кэбиһэн баран ойон туран салгыы охсуһан бара турар киинэ «супер» геройдара олус элбээтилэр. Кинилэри үтүктэн киһини төйүөр, хамсаабат буолуор диэри кырбааһыны эдэрдэр оҥороллоро элбээтэ.
Дьон кырыга улаатыыта аҥардастыы хоккей оонньуулара охсуһуута суох түмүктэммэт буолбуттара ордук хомотор. Сорохтор оонньууларга охсуһуу көрөөрү, онно кыттаары барар курдуктар.
Кыыһырбыт, абарбыт киһи туттунар күүһэ суоҕуттан киһиттэн таһынан быһыыланара массыына кыра да абаарыйатын кэнниттэн биллэр буолла. Охсуһааччылар манна ордук элбээтилэр. Массыынаҕа охсуһарга аналлаах тэриллээх, биталаах, бэстилиэттээх сылдьар буолуу олоҕурда.
Эдэрдэр бэрээдэги кэһиилэрэ элбээһиниттэн дьон бэрээдэги олохтоорулар армияны ордук саныыр буолуулара улаатан иһэр. Армияҕа бэрээдэк баара дьону угуйар, тардар күүскэ кубулуйда. Дьахталлар мөлтөхтөр, арыгыһыттар диэн туоратар эр дьонноро армияҕа бииргэ мунньустан күүстэрин көрдөрөллөрө ордук табыллара армияны күүһүрдэр.
Армия оруола Аан дойду үрдүнэн барытынан үрдээн иһэр. Гражданскай дьон бэрээдэги кэһиилэрэ, охсуһаллара, этиһэллэрэ элбээн истэҕин аайы армия оруола үрдээн биэрэр.
Бары дойдулар армияларыгар бэрээдэк кытаанах. Өссө аналлаах, бастаан иһэр бэрээдэктээх чаастарга ордук кытаанах, командир эппитэ ханнык да буоллар толоруллар эрэ аналлааҕын армияҕа тутуһаллар. Армияҕа кытаанах бэрээдэк баара эрэ армия олоҕо туруктаах буолуутун үөскэтэрэ биллэр. Сааны-сэби, улахан алдьатыылаах сэрии сэбин илдьэ сылдьар киһи туруктаах өйдөөх-санаалаах буолуохтааҕа, сыыһа-халты туттубата кытаанахтык ирдэнэр көрдөбүл буолар.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ дьон бэрээдэги тутуһуулара эмиэ сөп түбэһэр. Гражданскай дьон демократия үөрэҕин бэрээдэги тутуһууга эмиэ туһаналларыттан сокуоннары тутуһуу мөлтөөтөҕүнэ эбэтэр мөлтөх сокуоннар буоллахтарына дьон олоҕо туруга суох буолар. Сорохтор аһара байыыларын үөскэтии үгүстэр бииргэ олорууларыгар сөп түбэспэт. Сорох кэмҥэ аһара байбыттар бэрээдэги, сокуоннары соччо тутуспакка эрэ сылдьыыларыгар тириэрдэриттэн государство олоҕо туруга суох буолууга киирэр.
Армияҕа оннук буолбатах. Командир этиитэ хайаан да туолуохтаах эрэ буолуута эппиэтинэһи икки өттүгэр иккиэннэригэр үөскэтэр. Командир туолуон сөптөөх, кыаллар кыахтаах бирикээһи эрэ биэрэрэ ирдэнэр буоллаҕына, онтон толорооччу этиллибитин курдук толорор эбээһинэстээҕэ хаһан да уларыйбат.
Билигин Россияҕа армия, сулууспалаахтар оруоллара үрдээн иһэр, хамнастара да биллэрдик улаатта. Байыаннай аҥардаах тэрилтэлэр элбээтилэр. Бу быһыы дьон армияҕа сулууспалыы тиийиилэрин элбэтэрин таһынан армия оруола аһара үрдээһинин үөскэтэр кыахтанна.
Дойдуга армия баһылыыр буолуута эр дьон салайар былааһы ылыыларыгар тириэрдэр. Дьахталлар оруоллара намтыыр, эр дьон курдук буолууну армияҕа сулууспалыы да сылдьан ситиһэр кыахтара суоҕа биллэр. Аһынар, харыстыыр санаалара элбэҕиттэн эр дьон курдук аһара кырыктанар кыахтара суох.
Билигин Россияҕа эр дьон мөлтөөн-ахсаан, туоратыллар, арыгыһыттар диэн үөҕүллэр кэмҥэ киирэн сылдьаллар. Армия күүһүрүүтэ уонна ханнык эмэ кыайыылары ситиһиитэ кинилэри, ити куһаҕан ааттан босхолуур кыахтаах. Эр дьон бары кэриэтэ бэрээдэги тутуһары сөбүлүүллэриттэн армия күүһүрэригэр бэйэлэрэ да баҕараллар.
Олоххо сайдыы кэлиитэ икки өрүттэр; эр дьон уонна дьахталлар бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан хардары-таары хамсааһыннары үөскэтэллэриттэн кэлэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар өрө тутуллан, элбэх үрдүк үөрэхтэнэн баһыйбыт кэмнэрэ ааһан, сэбиэскэй былаас эстэн, аны эр дьон баһылыыр кэмнэрэ эргийэн кэлэн иһэр. Эр дьон баһылаатахтарына оҥорон таһаарар үлэ-хамнас сайдыыта саҕаланар, өй-санаа үөрэҕэ, сахалыы таҥара үөрэҕэ олоххо киирдэҕинэ бэрээдэк тупсар.
Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска, бэрээдэккэ үөрэтиини эр дьон эрэ кыайа-хото оҥорор кыахтаахтар. Туруктаах өйдөөх-санаалаах, туруурдаах, киһи быһыылаах, көрсүө, сэмэй эдэрдэр эрэ сайдыыны аҕалар кыахтаналларын билинэн оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтаппакка эрэ улаатыннарыллар.
Сахалар эр дьону күүһүрдэр, бэрээдэги тутуһарга үөрэтэр Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕин оннугар түһэрэн, эдэрдэри, уол оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ туһаналлар. (1,16).
Туһаныллыбыт литература.
1. "Туймаада" хаһыат. №327. 20.10.2016.