Дьол сааһа (тэрилтэ)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьол сааһа нууч. Возраст счастья — кыра эппиэтинэстээх уопсастыба, Арассыыйа чааһынай хампаанньата, түмэт урбаан эйгэтин бырайыага[1], кырдьаҕас саастаах чөл олоҕунан дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо анаан үлэлиир. Тэрилтэ геронтология тиэмэтигэр араас лекциялары, семинаардары, үөрэтэр куурустары ыытар, кинигэлэри бэчээттээн таһаарар. 2012 сыллаахха медиа-урбаанньыт Владимир Яковлев тэрийбит.

Үлэтэ

Бырайыагы 2012 сыллаахха биллиилээх суруналыыс, Коммерсантъ издательство уонна Сноб сурунаал тэрийээччитэ Владимир Яковлев таһаарбыт. Яковлев үс сыл устата, 50-н ааспыт чөл олоҕунан көхтөөхтүк дьарыктанар дьону көрдөөн, аан дойдуну кэрийбитэ. Биир санаалаахтарын кытта кыра эппиэтинэстээх «Дьол сааһа» диэн уопсастыбаны тэрийбитэ, тэрилтэ генераальнай дириэктэринэн Анна Шарафиева буолбута.

Тэрилтэ сүрүн дьарыга - «гайд-курустары» ыытыы, ол аата төлөбүрдээх онлайн-семинаардар. Семинаардары бырайыак кыттааччылара - тугу эмэ ситиспит кырдьаҕас дьон бэйэлэрэ - ыыталлар. Лектордар килийиэннэрин кытта ханнык эмэ эйгэҕэ бэйэлэрин тус уопуттарынан үллэстэллэр, консультаациялары ыыталлар, сүбэ-ама биэрэллэр, бөлөхтөрүнэн ситиһиилэрин уонна баар кыһалҕаларын ырыталаһаллар. Куурустар тиэмэлэрэ араас буолар, холобур, күн аайы сарсыардааҥы сүүрүүгэ, ырааһыҥҥа, сиһи бөҕөргөтүүгэ, медитацияҕа дьарыктар буолаллар. Яковлев бэйэтэ «Самое время перестать наконец работать на „дядю“» тиэмэлээн гайд-куурус ыытар. Үгэс курдук, бастакы дьарык босхо буолар, куурус толору сыаната 4500 солкуобай[2][3].

Бырайыак «Мама, что ты говоришь?!» диэн ааттаах, мэйиилэрэ когнитив кэһиллиилээх уонна социализация кыһалҕаларыттан эрэйдэнэр кырдьаҕас дьону кытары сөпкөөхтүк бодоруһуу уруоктарын ыытар. Сорох куурустары үлэһиттэр онлайн ыыталлар, холобур, Таилаандка 12 күннээх лааҕыр (олохтон дуоһуйууну хайдах ылар уонна үчүгэйдик көстөр туһунан маастар-куурус) көтүтүүтэ суох тэриллэр. Итиннэ маарынныыр кууруһу Израильгэ ыытар былааннаахтар[4][5].

Бырайыак чэрчитинэн, «Манн, Иванов уонна Фербер» издательствоны кытта, хас да кинигэ тахсыбыта: «Возраст счастья», «Правила счастья», «Захотела и смогла», «Здоровее будешь», «Другое дело», «Сколько весит счастье», «Хорошо за пятьдесят». Кинигэлэргэ, Владимир Яковлев аан дойдуну кэрийэн хомуйбут, кырдьаҕас дьон дьиҥнээх остуоруйалара суруллбут[6][7][8]. «Возраст счастья» диэн фоторепортаажтары үгүс омук бэчээтин тэрилтэлэрэ хайҕаабыттара, ол быыһыгар Daily Mail[9], The Telegraph[10], Daily News[11], People[12], BBC[13], MSN[14] и др.

Яковлев тылларынан, төһө да төлөбүрдээх өҥөлөрү оҥордор, хампаанньа кэммиэрсийэҕэ улахан ситиһиилэрэ суох уонна бастатан туран түмэт кыһалҕаларын быһаарар буолан, сүрүн соругунан дохуот ылыытын туруоруммат. 2015 сыллаахха бырайыак бэйэтин ороскуотун уйунар буолбут[15].

Быһаарыылар

  1. Социальные предприниматели России. РЦПСП (2014). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  2. Владимир Полупанов. Владимир Яковлев: «Сейчас возраст воспринимается как что-то неприличное». Аргументы и факты (16 Алтынньы 2013 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  3. Галина Сапожникова. Лет до 100 расти нам без старости. Комсомольская правда (7 Олунньу 2013 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  4. Виктория Волошина. Владимир Яковлев: «Моя цель — показать, что в мире появился другой сценарий старения». Московские новости (22 Олунньу 2013 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  5. Марина Токарева. Владимир Яковлев: «Я знаю, как быть счастливым». Новая газета (10 Ахсынньы 2012 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  6. Возраст счастья. Что общего у тех, кто живет долго и счастливо?. Частный Корреспондент (3 Тохсунньу 2014 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  7. Мария Кабышева. Возраст счастья. Forbes (7 Бэс ыйын 2013 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  8. Иван Гусейнов. Какая разница?. Эксперт (1 Балаҕан ыйын 2014 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  9. Bianca London. Meet the pole-dancing pensioner! Woman, 62, took up the sexy sport to strengthen her bones and now competes around the world(ааҥл.). Daily Mail (13 January 2015 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  10. Life begins at 70: Pensioners discover extreme hobbies in their twilight years(ааҥл.). The Telegraph. Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  11. Victoria Taylor. Photographer puts spotlight on seniors who pole dance, figure skate, skydive(ааҥл.). Daily News (14 January 2015 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  12. Gabrielle Olya. Yep, That's a 61-Year-Old Woman Pole Dancing(ааҥл.). People (15 January 2015 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  13. Fiona Macdonald. Age of Happiness: The people who refuse to grow old(ааҥл.). BBC (26 January 2015 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  14. Seniors proving you can have fun at any age(ааҥл.). MSN. Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.
  15. Ведомости (12 Кулун тутар 2015 </noinclude>). Тургутулунна 16 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр