Дьоллоох оҕо саас
Оҕо ийэ уонна аҕа тапталынан куустаран улаатан истэҕинэ оҕо сааһым дьоллоох кэмнэрэ диэн саныы сылдьара үөскүүр. Уол күрүө сүнньүөҕүнэн сүүрэн иһэр моҕотойу таба охсон түһэрдэҕинэ, бултуйдаҕына үөрүүтэ улаатан, дьолу билэр.
Үлэлээн-хамнаан сылайан кэлбитигэр ийэтэ ас бэлэмнээн тото-хана аһаатаҕына, сылаата таҕыстаҕына астынар, туһалааҕы оҥорбутуттан дьоллонор. Бастакы булдун бултаабыт уол үөрбүтэ, дьолломмута таһынан таһымныан сөп.
Куйааска элбэхтик үлэлээн тиритии, сылайыы кэнниттэн сөрүүн ууга түһэн сөтүөлээһин оҕо этин-сиинин сөрүүкүүр баҕатын толорон дьоллонуутун үөскэтэр. Тымныыга уһуннук сылдьан тоҥмут киһиэхэ сылаас дьиэҕэ киирэн иттиитэ санаата туолуутугар тириэрдэр.
Оҕо саас умнуллубат кэмнэрэ диэн үөрүүнү, дьоллонууну аҕалбыт кэмнэр киһи өйүгэр-санаатыгар букатын умнуллубат буола өйдөнөн хаалбыттара ааттанар. Оҕо улаатар кэмигэр дьоллоох түгэннэрэ элбэхтэриттэн оҕо сааһым дьоллоохтук ааспыта диэн этиэн сөп.
Киһи барыта дьоллонуон баҕарар. Үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэри аҕалыыттан кэлэр баҕа санаа туолуута дьоллонууну аҕалбыта хаһан да умнуллубат. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саас саһаан эрбээһинигэр былааны аһара толорбут биригээдэ оҕолоро кыайыы күнүн өрөбүлүгэр эрдэлээн барыыларын ситиспиттэрэ умнуллубат өйдөбүлгэ кубулуйан сылдьар. Араас экзаменнары туттарыылар, күрэхтэһиилэргэ кыттыылар, кыайыылары ситиһиилэр хаһан да умнуллубаттар уонна дьоллоох кэмнэри үөскэтэллэр.
Дьол диэн киһи баҕа санаата туолуутуттан астыныыта, дуоһуйуута ааттанар. Дьайыыта уһуна ханнык баҕа санаа туолбутуттан быһаччы тутулуктаах. Ол курдук, быстах баҕа санаа туолуута быстах дьолу, онтон олус кэтэһиилээх баҕа санаа туолуута улахан дьолу үөскэтиэхтэрин сөп. Дьон тапталын, ытыктабылын ылыы дьол, дьоллоох түгэҥҥэ кубулуйар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн дьол эмиэ икки өрүттэнэр:
1. Атыттар оҥорон биэрэр үчүгэйдэриттэн баҕа санаа туолан дьоллонуу кэлиитэ. Сотору умнуллар уратылаах.
2. Киһи бэйэтэ оҥорон, тугу эмэ ситиһэн баҕа санаатын толоруута аҕалар дьоло уһун дьайыылаах уонна хаһан да умнуллубат.
Киһиэхэ атыттар үчүгэйи оҥоруулара хаһан баҕарар үчүгэй. Үчүгэйи оҥорторбутуттан киһи санаата көтөҕүллэрин тэҥэ, үчүгэй санаата элбиэн, үөрэн дьоллонуон сөп. Арай бу тиийэн кэлэр үчүгэйгэ, бэлэм кэлэн биэриитигэр үөрэнэн хаалыыта, өссө элбэх бэйэтэ кэлэн биэрэр үчүгэйи көрдүү сатыырыгар тириэрдэрэ аһара баран куһаҕан буолан тахсыан сөбө “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии хаһан баҕарар дьайарын биллэрэр.
Киһи хаһан даҕаны биир баҕа санаатынан сөп буолан тохтообот. Барыта баҕа санаа хайдах туоларыттан эрэ тутулуктаах. Түргэнник саныыры кытта эбэтэр “Этэн баран эҕирийиэх иннинэ” туолан иһэр баҕа санаата эмиэ итинник, түргэнник улаатар, уларыйар кыахтанар. Уһуннук эрэйдэнэн туолар баҕа санаа аҕыйах буолар уратылаах. Баҕа санаата туоллаҕына киһи баҕата өссө улаатар, эбиллэн биэриэн сөп. Ол иһин баҕа санаа диэн ааттанар.
Дьол төһө улахана баҕа санаата төһө улаханыттан, хайдах туолбутуттан тутулуктаах. Киһи дьолломмутун үөрүүнэн биллэрэр. Уһуннук ситиһиллэр баҕа санаа туолуута дьол улаатыытыгар тириэрдэр. Быстах дьол диэн туох эмэ быстах, кыра, суолтата суох дьыалаттан эбэтэр эт-сиин баҕа санаатын туолуута ааттанар.
Оҕо бары баҕа санаатын толорууга төрөппүттэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуо этилэр. Улаатан иһэр оҕо бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ толорорун ситиһэ сатааһын уонна төрөппүт көмөтө холбостохторуна оҕо бары баҕа санаалара туолаллара кыаллыа этэ. Ол курдук, оҕо ону-маны көрдүүрэ элбээн, улаатан иһэринэн, ол көрдөөбүтүн төрөппүттэрэ толоро охсон биэриилэрэ баҕа санаата улаатан биэрэригэр тириэрдэр.
Оҕону иитии, үөрэтии сүрүн сыалынан улаатан иһэн бэйэтин баҕа санааларын бэйэтэ толоро сатыырын ситиһии буолар. Бу үөрэтии оҕо ньуосканы бэйэтэ тута уонна бачыыҥкатын кэтэ сатыырыттан саҕаланарын төрөппүт өйдөөн көмөлөһөн биэрэрэ эрэйиллэр. Ол курдук, оҕо тугу эмэ оҥороро элбэхтик сыыһа-халты буолан тахсарынан, эбии үлэни элбэтэринэн төрөппүттэн тулууру ирдиир.
Оҕо тугу эмэ оҥорон баран эбэтэр оҥороору бэлэмнэнэригэр улахан дьон хайдах сыһыаннаһалларын кыраҕытык кэтээн көрөр. Тугу салгыы оҥороро төрөппүтүн сыһыаныттан тутулуктанар.
Оҕо бэйэтэ оҥорбутуттан үөрэрин, астынарын, дьоллонорун төрөппүт үөскэттэҕинэ оҕото үлэни-хамнаһы сөбүлүүр буола улаатар кыахтанар. Төрөппүт оҕо тугу эмэ туһалааҕы оҥордоҕуна хайгыыра, махтанара, тугунан эмэ бэлиэтиирэ, кырата үөрэн көрдөрөрө хайаан да ирдэнэр. Бу бэлиэ кэми оҕо өйдөөн хаалан үчүгэйи, туһалааҕы оҥороро элбиир.
Оҕо тугу эмэ туһалааҕы оҥорбутун билиниититтэн, үөрбүтүттэн үөскээн кэлэр баҕа санаата туолуута, дьоллонуута ордук үрдүк сыанабыллаах, өр кэмҥэ умнуллан хаалбат.
Онон киһиэхэ үөрүүнү, дьоллонууну аҕалбыт түбэлтэлэр хаһан да умнуллубат буола өйдөнөн хаалаллар. Сахалар сайдан иһэр Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн оҕо, киһи саҥаны билиитэ, үөрүүтэ, дьоллонуута үгэстэри, ийэ кутун быһалыы үөскэтэн хаһан да умнуллубат буола өйдөнөн хаалаллар. (1,72).
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин И.И. Сахаларга оҕону иитии, үөрэтии уратылара. – Дьокуускай: 2023. – 117 с.