Драуг
Драуг | |
---|---|
Draugr | |
Киттельсен Теодор | |
Номох | Германо-скандинавскай |
Занятие | көмүү курганнарын баайын харыстааччы |
Упоминания | «Сага о Людях с Песчаного Берега», сага «Прядь о Торстейне Мороз-по-коже», сага о Греттире |
Отождествления | вампир |
Драуг, драугр (былыргы исландскайдан draugr, эл. а. draugar, норв. draug) — скандинавскай номоххо тыыннаах өлбүт киһи, вампирдарга чугас[1].
Фольклорга
Драугр этэ-сиинэ улаханнык улаатан, ыарахан буолан, сороҕор өр сылларга сытыйбакка хаалар[3]. Драугтар көстүүлэрэ кинилэр өлүүлэрин көрүҥүттэн тутулуктаах: ууга тимирбит киһиттэн уу тохтоло суох сүүрэр, өлбүт саллаат этигэр-сиинигэр хааннаах баастар тахсаллар. Тириитэ өлүүлээх үрүҥтэн өлбүт күөх өҥнөөх буолуон сөп.
Драугтар айылҕаттан ураты күүстээхтэр уонна аптаахтар (билгэлииллэр) диэн сурах баар. Сороҕор сир курдары ааһыахтарын сөп.
Драугтар көнньүүһүнэҕэ хоно сылдьар кыылларга уонна айанньыттарга саба түһүөхтэрин сөп, ол гынан баран дьиэлэргэ да саба түһүөхтэрин сөптөр. Бу итэҕэлинэн сибээстээн, Исландияҕа түүн үс төгүл аан аанын тоҥсуйар үгэс үөскээбитэ (абааһы биирдэ эрэ тоҥсуйар дии саныыллара)[1].
Быһаарыылар
- ↑ Wayback Machine
- Wayback Machine
- ↑ Ходячие мертвецы: драуг и аптганг в древнескандинавской литературе // Сотканный мир / пер. Анна Блейз. Архивировано 2 Муус устар 2015 года.