Доруобай буолуу
Доруобай буолуу хамсаныыларынан эрчиллииттэн улахан тутулуктаах.
государство толору бэлэмэр үөрэнэн хаалыыттан дьон бэйэлэрин эттэригэр-сииннэригэр, доруобуйаларыгар соччо кыһаммат буолуулара үөскээн олохсуйбута. Билигин, коммунистар былаастара эстибитин кэнниттэн, босхо эмтээһин, көрүү-истии бүппүтүттэн киһи бэйэтэ доруобуйатын, этин-сиинин харыстыырын ситиһии Россия дьонуттан ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл буолла.
Киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан этин-сиинин харыстаан, эрчийэн, олох ыарахаттарын тулуйарыгар үөрүйэх оҥороро олоххо биир улахан ситиһиитинэн ааҕыллара сөп. Киһи этин-сиинин эрчийиитэ олоҕор биир сүҥкэн кыайыытынан ааҕыллара буоллар, элбэх дьон эттэрин-сииннэрин эрчийиинэн утумнаахтык дьарыктаныа этилэр. Элбэхтик эрчиллэн төрөппүттэр эттэрин-сииннэрин үчүгэй туругун ситиһэн баран салгыы кэлэр көлүөнэлэрин этин-сиинин дьарыктааһыҥҥа кыра эрдэхтэриттэн утумнаахтык үөрэттэхтэринэ, эт-сиин туруга салгыы сайдан иһэрэ кыаллыан сөп.
Доруобуйа киһи баар суох баайа буолар диэн өйдөбүлү оҕо төһө кыра сааһыттан билэр буола үөрэнэр да соччонон бэйэтигэр үчүгэй, туһалаах буолар. Эдэр эрдэхтэн эти-сиини эрчийиилэринэн дьарыктана сылдьыы киһи буолуу биир сүрүн көрдөбүлүнэн ааҕыллар.
Киһи өйө-санаата эбиллэн атаҕар туран хааман, киһи буолбутун кэнниттэн сиһин тоноҕоһо көнөн олус элбэх ноҕуруусканы ылынар буолбут. Ол иһин сис тоноҕоһо утумнаах дьарыктааһыҥҥа наадыйар. Куруук сүүрэ-хаама, илиитинэн үлэлээн элбэхтик төҥкөҥнүү сылдьар киһи сиһин тоноҕоһо хамсыы, эрчиллэ сылдьар. Үгүстүк олорон эрэ үлэлиир, аҕыйахтык хамсанар дьон куруук систэрин көнөтүк тутта сылдьалларыттан тоноҕосторо ситэ хамсаабат буолуулара үөскүүр. Сис тоноҕоһо ситэ хамсаабатыттан, биир сиргэ көһүйэн хаалыытыттан аны ыалдьар буолан барар.
Сис тоноҕоһо ситэ хамсаабатыттан ыалдьарын суох оҥорор сыалтан тоноҕос толору хамсыырын, биир кэмник көһүйэн хаалбатын ситиһиэххэ. Сис тоноҕоһо толору хамсыырын куруук хааччыйар туһугар аналлаах эрчиллиилэри оҥоро сылдьыы эрэйиллэр. Оннук эрчиллиилэри төбөттөн саҕалаан маннык оҥоруохха сөп:
1. Төбөнү төһө кэлэринэн төҥкөтөн баран өссө көхсү бөгдьөтүөххэ, онтон эбии сэрэнэн кэтэҕиттэн баттаан биэриэххэ уонна аҕыйах сөкүүндэ тута түһэн быччыҥнарын тыылыннаран баран ыытыахха. Салгыы аҕыйахтык төҥкөҥнөөн хамсатан быччыҥнарын күүрдэн эрчийэн биэриэххэ.
2. Төбөнү кэннин диэки төһө барарынан хантатан баран өссө кэдэйиэххэ, онтон эбии сэрэнэн сыҥаахтан өрө анньан биэриэххэ уонна эмиэ аҕыйах сөкүүндэ тута түһүөххэ. Ыытан баран быччыҥнарын күүрдэн хардары-таары хамсаталыы түһэн биэриэххэ.
3. Төбөнү ойоҕоһун диэки иҥнэччи туттан баран чанчыгыттан баттаан биэриэххэ. Бу эрчиллиини хардары-таары, уҥа-хаҥас диэки оҥоруохха.
Маннык эрчиллиини күҥҥэ төһө кыалларынан хаста да төхтүрүйэн оҥоро сырыттахха моой, көҕүс хамсыыллара кэҥээн, сымнаан иһэр. Кэлин эрчиллииттэн моой күүһүрэн истэҕинэ илиинэн баттааһыннары күүһүрдэн, уһатан биэрэн иһиэххэ, сыыйа-баайа дьарыктаан көҕүс барыта өҕүллэрин ситиһиэххэ сөп. Бу курдук эрчиллии элбэх бириэмэни да, үлэни да эрэйбэтэҕин иһин моой тоноҕосторо толору хамсыылларын ситиһэр буолан киһиэхэ ордук туһалаах.
Киһи сүһүөхтэрэ куруук хамсыы, имиллэ сылдьыахтаахтар. Kырдьаҕастар сүһүөхтэрэ ситэ хамсаабатыттан бэйэлэрэ кыччаан, намтаан, бөгдьөччү түһэн иһэллэр. Кинилэр сүһүөхтэрэ ситэ хамсаабата сүһүөхтэрин уута аҕыйаан иһиититтэн үөскүүр диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Араас элбэх үлэ хамсаныылара, аналлаах эрчиллиилэр, хаамыы, сүүрүү киһи сүһүөхтэрин тэнитэн, хамсатаннар сүһүөхтэр эдэр эрдэҕинээҕилэрин курдук имигэс турукка сылдьалларын хааччыйаллар.
Kиһи көнөтүк туттан тура сылдьарыттан сиһин тоноҕоһо ордук элбэх ыараханы көрсөр, бэйэтин ыйааһынын сүгэриттэн куруук баттааһыҥҥа сылдьар. Сис тоноҕоһун эрчийии киһи олоҕор, доруобай буолуутугар сүрүн сыала буолар. Kуруук сиһи хамсатан эрчийэн биэрэ сылдьыллыахтаах.
Сис бэйэтэ тоноҕосторунан өҕүллэҥнээн төгүрүччү хамсааһыны оҥороро хааччахтаныа суохтаах. Киһи көннөрү сылдьан эрэ сиһин үксүгэр көнөтүк туттар уонна төҥкөҥнүүр эрэ хамсааһыннары оҥорор. Эдэр эрдэхтэн илии үлэтин үлэлии, эрчийэ сырыттахха сис эдэр эрдэххэ оҥорор хамсаныыларын кырдьа баран истэххэ да холкутук оҥоруон сөп.
Үөрэх, сайдыы кэлиитэ дьон үгүстүк олорон эрэ үлэлииллэрин уонна массыынанан айанныылларын элбэтэн сүүрэллэрин, хаамалларын букатын да хаалларар кутталлаах. Үгүстүк олорор үлэлээх дьон систэрэ кэдэйэр хамсаныытын букатын да умналлар. Бу дьон үгүстүк бүк түһэн төҥкөйөн олорорго күһэллэннэр систэрин сүһүөхтэрэ кыайан хамсаабаттарыттан олох да сатаан кэдэйбэт буолан иһэллэр. Киһи олоҕор куруук төҥкөйөн үлэлээһин, хамсаныы баһыйарыттан кырдьаҕастар бөгдьөччү түһэн иһэллэр.
Олус элбэх ыарыылар сис тоноҕосторо ситэ хамсаабаттарыттан тутулуктаахтар. Ордук элбэхтик тэнийбит хондуруос ыарыыта сис тоноҕосторо ситэ хамсаабакка кэлтэйдии барыыларыттан үөскүүр.
Бэйэтэ үлэлии-хамсыы сылдьар киһи сиһэ кэдэйэртэн атын үс өттүгэр ордук элбэхтик хамсыыр буолан ол өттүлэригэр эбии эрчиллиигэ соччо наадыйбат. Киһи олоҕун устата сиһин тоноҕоһун куруук кэдэтэн эрчийиитэ наада буолар. Сиһи төһө барарынан кэдэтэн эрчийиини куруук оҥоро сылдьыы эрэйиллэр.
Куоска уонна ыт биир эрчиллиини хас сытан турдаллар эрэ куруук оҥоро сылдьаллар. Бу кыыллар утуйан, сытан турдулар эрэ систэрин кэдэччи туттан баран тардыалаан төһө эмэ туран тыыллаҥныыллар.
Kиһи эмиэ этин-сиинин ууннары тардан эрчиллиитэ тыыллаҥнааһын диэн ааттанар. Быччыҥнары күүрдэн, тыыллан баран туруу биһиги эрчиллиибит сүрүн төрүтэ буолар. Хас киһи барыта бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн төһө баҕарар уһуннук уонна күүскэ тыыллаҥныан сөп. Эрчиллии саҕаланыытыгар тыыны ылан, салгыны толору эҕирийэн баран быччыҥнары барыларын күүрдэн, тыыллан, тыынары чочумча тохтотон, хас да сөкүүндэ туруллуохтаах. Бу хамсаныыларынан быччыҥнарбытын, сүһүөхтэрбитин уонна тыыныыбытын холбуу бииргэ эрчийэрбит табыллар, ол иһин киһиэхэ ордук тиийимтиэ. Эрчиллиигэ туттуллар бары хамсаныыларбыт киһи бэйэтэ тыыллаҥныырыгар туттуллар хамсаныылар буоланнар ордук туһалаахтар.
Kиһи тыынара төһөнөн аҕыйах даҕаны үйэтэ уһун буолар диэн этии оруннаах. Бары уһун үйэлээх кыыллар аҕыйахтык тыыналлар. Салгыны толору эҕирийэн баран тыынары тохтотон тура түстэххэ тыҥаҕа углекислай гаас үөскээн доруобуйаҕа ордук туһаны аҕалар. Табатык тыыныы диэн үөрэххэ салгыны толору эҕирийэн баран тыынары тохтото түһэн ылыыны ситиһиллиэхтээх. Куруук, уһун кэмҥэ дьарыктана сырыттахха эрчиллии үөрүйэх буолан буор кут өйүгэр-санаатыгар уурулуннаҕына киһи бэйэтэ соннук тыынар буола үөрэнэр. Сүһүөхтэри эрчийиини кытта холбоон тыыныы эмиэ эрчиллэр.
Сүһүөхтэр хам түһэн хаалыыларын тохтоторго аналлаах эрчиллиини куруук оҥоро сылдьыы туһалаах. Манна киһи бары сүһүөхтэрин өрө тардынан тыыллар эрчиллиитэ, быччыҥнарын күүрүүтэ наада. Бу эрчиллиини тыыныыны кытта холбоон маннык оҥордоххо ордук тиийимтиэ.
1. Икки илиини ытыстарынан холбуу тутан өрө уунабыт уонна өрө тардынан атахтарбыт тумсугар турабыт, бу кэмҥэ тыыммытын толору эҕирийэбит, онтон тыынарбытын тохтотон өрө уунаҥнаан бары быччыҥнарбытын күүрдэбит. Kыахпыт баарынан хас да сөкүүндэ күүрдэн ылабыт. Онтон тыыммыт салгыммытын төттөрү таһааран иһэн төҥкөччү түһэбит илиилэрбитинэн сири таарыйабыт уонна салгыы бэйэбит чохчоччу түһэн олоробут, тыыммытын толору таһаарабыт. Эрчиллии салҕаныытыгар көнөн туран иһэн түөспүтүн, испитин толору тыыны ылан иһэбит уонна илиибитин өрө уунан ытыспытын холбуу тутабыт, атахпыт төбөтүгэр өндөйөбүт, тыынарбытын тохтотобут бары быччыҥнарбытын күүрдэн өрө тардынабыт уонна кыахпыт баарынан хас да сөкүүндэ тура түһэбит. Бу эрчиллиини төһө кыайарбытынан хос-хос хатылыыбыт.
2. Сиһи кэдэтэн эрчиллиини тыыныыны кытта холбоон дьарыктаныы ордук тиийимтиэ буолуон сөп. Төҥкөйүүнү кытта салгыны тыынан таһаарыыны холбоон, онтон кэдэйиини кытта салгыны толору эҕирийэн баран бэйэ кыаҕыттан көрөн хас да сөкүүндэ тыынары тохтотон баран кэдэйиини өссө чинэтэн, быччыҥнары тыылыннаран биэриэххэ.
Сиһи ойоҕосторун диэки өҕүлүннэриини өттүк баттанан туран оҥорор ордук. Сис төһө өҕүллэринэн иҥнэри түһэн баран илиинэн баттаан чиҥэтэн биэриэххэ.
Маннык эрчиллиини күҥҥэ хаста да хатылаан оҥорор буолуу сис мастыйан хаалыытыттан көмүскүүр.
Моонньуну эрчийии эмиэ кэннин диэки хантайыы өттүгэр ордук кыһанан барыахтаах. Kиһи олоҕун устата төбөтө куруук төҥкөйүү өттүн диэки хамсыыр, ол иһин эбии эрчиллии хантайыы өттүгэр оҥоруллара ордук.
3. Тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр хатыйа тутан баран имитэн эрчийии сүһүөхтэрин тэнитэр, онтон тиэрэ тутан иннин диэки уунуу эмиэ токуруйан хаалалларын көннөрөн, кэдэтэн эрчийэр.
Kиһи ыйааһынын баттааһыныттан кырдьан истэҕинэ умса түһэн, намтаан, кыччаан иһэр. Кырдьан иһэр эт-сиин уостан кыччаан иһэригэр эбии сүһүөхтэрэ ыгылланнар киһи намтаан хаалар. Тыыллаҥнаан, өрө тардынан эрчиллии ордук туһаны оҥорор.
Хамсаныылары оҥорон эрчиллэ сылдьан сынньанан, тыын ылынар кэмҥэ илиилэри массажтаан сүрэххэ туһаны оҥоро сылдьыахха. Киһи сүрэҕэ мөлтөөтөҕүнэ хааны хачайдыыр күүһэ кыччаан илии лабаалара хаанынан ситэ хааччыллыбаттарыттан утуйан, дьырылаан иһэр кэмнэрэ кэлэр. Ылгын чыҥыйа төбөтүттэн саҕалаан, ытыс, хары кырыыларынан ыга тутан ньиккэрийэн тоҥолоххо диэри илиилэри хардары-таары имэрийтэлээн биэриэххэ хаан эргиирэ лабааларга күүһүрэр.
Сахалар харыга кэтэр бөҕөхтөрө туох да суолтата суох буолбатахтар. Бэгэччэккэ элбэх ис уорганнары кытта сибээстээх туочукалар бааллар. Олору хам тутан массажтыы сылдьыы доруобуйаҕа эмиэ туһалаах.
Kиһи олоҕун устата этин-сиинин эрчийэн биэрэ сырыттаҕына эрэ үйэтэ уһун буоларын ситиһэр. Билигин кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан киһи этэ-сиинэ туспа өйдөөх-санаалаах, онто ордук сынньалаҥнык сылдьарын туһугар кыһанар, ол иһин өй-санаа ордук тулуурдаах, өһөс буоллаҕына эрэ эти-сиини эрчиллэргэ күһэйэр кыахтанар.
Өй-санаа сайдыытын ситиспит киһи бэйэтин этин-сиинин элбэхтик эрчийэ сылдьара, үөрүйэх оҥороро олох тутаах көрдөбүлэ буолар. Эт-сиин үөрүйэх буолууттан саҕаланан киһиэхэ буор кута сайдар.
П.Брэгг уһун үйэлэниини ситиһиэххитин баҕарар буоллахха Айылҕа биэрбит этин-сиинин, доруобуйатын буорту гыныма, олоххун бэйэҥ кылгатыма диэн сүбэлиир. Эти-сиини көрө-истэ сылдьыы, сөптөөхтүк, туһалаахтык аһааһын, утумнаахтык эрчийии үөрэҕи-билиини ситиспит өй-санаа, салгын кут биир сүрүн үлэтэ, көрдөбүлэ буолар.
Биһиэхэ кэлин кэмҥэ эти-сиини эрчийэр, үөрүйэх оҥорор оннугар аҥардастыы харыстааһын өттүгэр халыйа баран хаалыы олохсуйда. Манна государство дьону боско эмтээһинэ ордук улахан сабыдыалы оҥордо. Дьон бары улахан эрэйэ суох, сынньалаҥнык сытан эрэ ситиһиллэр уонна толору хамнастаах больничнай лииһинэн хааччыллар эмтэнии, эмтэри иһии диэки салалыннылар, эттэрин-сииннэрин эрчийиини букатын да умуннулар. Государство босхо көрөн-истэн эмтээһинэ эмтэнээччи элбээһинин бэйэтэ үөскэтэр. «Ыарыйдахпытына эмтиэхтэрэ»,- диэн өй-санаа киириититтэн эти-сиини харыстааһын уонна эрчийии букатын да суох буолан испитэ.
Ырыынак кэмэ кэлэн эмтэнии үгүс өттө харчыга оҥорулларга тиийиитэ дьон доруобуйаларын, эттэрин-сииннэрин эдэр эрдэхтэриттэн көрүнэ сылдьалларын көҕүлүүр. Утумнаахтык эрчиллэ сырыттахха киһи этэ-сиинэ бөҕөргөөн, кыра, быстах ыарыыларга кыаттарбатын үөскэтэр.
Кыаҕа, сүрэҕэ суох буолуу биир көстүүтүнэн тымныы салгынынан, уунан эппитин-сииммитин дьарыктаабаппыт буолар. Тымныынан утумнаахтык дьарыктаныы туһалааҕын туһунан хас биирдии кинигэ аайы ааҕабыт, араадьыйанан, телевизорынан истэбит, учууталлар этэ сатыыллар, ол эрээри син-биир оҥорбоппут. Сүрэҕэлдьиир, солото суох курдук санаабыт баһыйар. Эппит-сииммит сытар, сынньанар, тоҥор майгынын кыайан баһыйа тутан салайбаппыт. Өйбүт-санаабыт мөлтөх, кыаммат, эппитин-сииммитин кыайан салайбат, тулуурдаах, дьаныардаах буолууга кыра эрдэхпитинэ үөрэтиллибэккэ хаалбыппыт куруук тарда сылдьар. Төрөппүттэрбит барыттан бары харыһыйар, көмүскүүр санаалара аһара баһыйан эппитин-сииммитин эрчийэргэ, ыарахаттары тулуйарга ситэ үөрэппэтэхтэр, ийэ куппутун иитэр кэмнэрин аһаран кэбиһэннэр улаатан баран үөрэнэр олус эрэйдээх, үксүгэр кыаттарбат даҕаны.
«Ийэ сүрэҕэ оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ тааска» диэн өс хоһоонун ийэлэр, төрөппүттэр бары хаһан да умнубакка куруук тутта сырыттахтарына киһилии майгылаах оҕолору иитэн-үөрэтэн улаатыннарыа этилэр. Оҕону олус хатаҕалаан, бэйэттэн ордуктук көрөн-истэн, үчүгэй, көрүүлээх аһылыгынан аһатыы маанылааһын буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн аһара мааныланан, көрүллэн хааллаҕына ол майгыта өйүгэр-санаатыгар олохсуйан, иҥэн атаах буола улаатар.
Кэлин кэмҥэ олохпут көнөн, бары-барыта баар буолан, государство олус көмөлөһөн, сымнаҕас, мөлтөх майгылаах, өйдөөх-санаалаах дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарабыт. Бу дьоммут эттэрин-сииннэрин баҕатын кыайан өйдөрүнэн-санааларынан салайбат дьон буола улааталлар, эттэрин-сииннэрин кыайан дьарыктаабаттар, доруобуйалара сылтан-сыл аайы мөлтөөн-ахсаан иһэр. Кэлэр көлүөнэ дьоммут быстах баҕа санааларын, эттэрин-сииннэрин көрдөбүллэрин уруттаан толоро сылдьыы диэки салаллан иһэллэр.
Минньгэстик аһааһын, табааҕы тардыы, арыгыны иһии, наркотикка ылларыы барыта мөлтөх, кыаммат өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо аан маҥнай дьайаллар. Олохпут сайдан иһиитэ киһи өйүн-санаатын буккуйар, этин-сиинин ымсыырдар араас абылаҥнар элбээн, дэлэйэн иһиилэригэр тириэрдэр. Олох көнөн, тупсан, бары-барыта дэлэйэн иһиитэ дьоҥҥо ордук ыарахаттары, ураты тулуурдаах буолууларын эрэйэр. Сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрэ хаһан да хаалан хаалбат, саҥа, сайдыылаах үйэҕэ суолтата ордук үрдээтэ. Арыгы, наркотик албын абылаҥнарыгар киирэн биэрбэт туһугар киһи өйө-санаата ордук тулуурдаах, өһөс буолара наада.
Кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо ордук күүстээх санаалаах, тулуурдаах, өһөс буолуу ирдэнэр кэмэ кэлэн иһэр. Былыргы өспүт хоһоонун «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэни олохпутугар туһаннахпытына эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааталлар. Олус тулуурдаах, дьаныардаах, ылыммыт сыалын толорууга дьүккүөрдээх кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы билиҥҥи дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолла.
Кэлэр көлүөнэлэр киһилии майгылаах, тулуурдаах буола улааталларын иһин төрөппүттэр бэйэҕит холобургутунан, үтүгүннэрэн, көрдөрөн биэриигитинэн эрэ үөрэттэххитинэ оҕолоргут эһиги курдук өйдөөх-санаалаах буолар кыахтаахтар. Доруобай, бары үлэни-хамнаһы кыайар, тулуурдаах, дьулуурдаах, киһилии майгылаах, киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннараргытыгар баҕарабыт. Уруй буоллун сахаларга! Эһиги баҕа санааҕытын толороргутугар бэйэҕит эмиэ дьулуурдаах уонна тулуурдаах буолууга эрчиллэ сылдьыаххытын наада. (1,76).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.