Домино

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билэ:Dominomatrix.svg
Домино таастара

Домино — остуол оонньуута, утарылаһааччылар аналлаах таастары сөп түбэһэр өрүттэринэн утуу-субуу уураллар. Ким эрдэ тааһын ууран бүтэрбит ол кыайар.

Иккиттэн биэскэ дылы киһи оонньуур. Таастар ахсааннара 28. Хас биирдии таас икки аҥардаах, ол аҥардарыгар бииртэн алтаҕа дылы ахсааннаах туочукалар ойууланаллар.

Хайдах оонньоноро

Аан бастаан таастары барытын умса уураллар уонна хас биирдии оонньооччу бэйэтигэр таас ылынар (икки-үс оонньооччу баар буоллаҕына сэттэлиини, 4-5 буоллахтарына - биэстиини). Таастарын утарылаһааччылар көрбөттөрүн курдук бэйэлэрин иннилэригэр уураллар. Саамай улахан дубльлаах киһи саҕалыыр (холобур, алта-алта), тааһын остуол ортотугар сирэйинэн үөһэ уурар. Иккис киһи (хаҥас өттүгэр олорооччу) онно сөп түбэһэр ахсааннаах туочукалаах тааһы салгыы уурар. Үһүс киһи ол икки таастан хайаларыгар эрэ эмиэ сөп түбэһэр тааһы ууран биэрэр. Сөп түбэһэр тааһа суох киһи баһаартан таас ылар. Баһаарга таас бүттэҕинэ хаамыытын көтүтэр уонна уочаратын кэтэһэр.

Кыайбыт оонньооччуга атыттарга хаалбыт таастарга туочукаларын ахсаана эбиллэр. Ким 100 эбэтэр 50 очкуону бастаан ылбыт ол хотор.

Ким да хаамар кыаҕа суох буолан хааллаҕына бүтэһик уурбут киһи кыайбытынан ааҕыллар, киниэхэ хаалбыт очкуолары атын дьон оскуотуттан көҕүрэтэн баран ону ааҕынар.

Домино көрүҥнэрэ

Домино өссө да элбэх ньыманан оонньонор. Холобур «Тутуу доминотун» быраабылата өссө судургу. Кыра оҕолорго барсыан сөп. Икки буоллахтарына 13-түү тааһы ылаллар, ким эрдэ ууран бүппүт ол кыайар. Үс буоллахтарына аҕыстыыны, түөрт буоллахтарына алталыы тааһы ылаллар. Хаалбыт таастар оонньооботтор[1].

Быһаарыылар

  1. Лучшие игры. Брайан Бенс. М. Мир книги, 2006