Джей Киммельман

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Джей Киммельман
Төрөөбүт күнэ 21 от ыйын 1977({{padleft:1977|4|0}}-{{padleft:7|2|0}}-{{padleft:21|2|0}}) (47 саастаах)
Үлэтэ урбаанньыт
Супруга Q115558199?

Джей Киммельман (от ыйын 21 күнэ урбаанньыта уонна менеджерэ; АХШ-ка биир бөдөҥ Edusoft (Houghton Mifflin, 2003) үөрэх уобалаһыгар статистиичэскэй бырагыраамманы оҥорор тэрилтэ уонна Bridge International Academies (2007 сылтан) эмиэ аан дойдуга биир бөдөҥ Кения дьадаҥы олохтоохторугар анаммыт оскуолалар ситимнэрин тэрийсээччитэ уонна салайааччыта[1][2][3][4][5].

Биографията

Джей Киммельман 1977 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр төрөөбүтэ[2].

Гаарвард үнүбүрсүтүөтүгэр информаатика уонна электроника уобалаһыгар бакалавр истиэпэнин ылбыта (1995-1999)[2][5].

Edusoft

2000 сыл балаҕан ыйыгар кэллиэһи бүтэрэн баран Джей Киммельман Edusoft хампаанньаны тэрийбитэ, хампаанньа сыана туруорар (К-12) уонна АХШ оскуолаларыгар статистика хомуйуутун платоформатын оҥорбута[1][2].

Систиэмэтин Эмиэрикэ Холбоһуктаах Ыстааттарын үөрэҕин судаарыстыбаннай систиэмэтэ ылбыта, бу систиэмэтэ бэйэтин уобалаһыгар лиидэр буолбута[1][2].

2003 сыл бүтүүтүгэр Edusoft хампаанньаны, ол кэмҥэ 150 үлэһиттээх, Houghton Mifflin 20 мөлүйүөн АХШ дуолларыгар атыыласпыта[2][5].

2004 сыл ахсынньыга Джей Киммельман бырайыагын быраҕан, Houghton Mifflin үөрэх салаатын бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар көспүтэ (2005 сыл муус устарыгар дылы).

Bridge International Academies

2000-с сыллар саҕаланыыларыгар, Сан-Францискоҕа үөрэх бырагырааммаларыгар бииргэ үлэлэһии кэмигэр, Джей Киммельман Шеннон Майы (ааҥл. Shannon May) кытта билсиспит, ол кэннэ көрсүһэр буолбуттара[4].

2000-с сыллар ортолоругар эдэр дьон Кытайга барбыттар, Шенно онно хандьдаатын диссертаациятыгар матырыйааллары хомуйбут[4].

Кытайга тыатын оскуолаларыгар үөрэхтээһин систиэмэтэ ситэтэ суоҕун бэлиэтээбиттэр[4].

Онно сылдьан, бастакытынан, кэргэннии буоларга, иккиһинэн, Bridge International Academies хампаанньаны тэрийэргэ быһаарыммыттара. Хампаанньа дьадаҥы дойдуларга үөрэхтээһин кыһалҕаларын систиэмэ быһыытынан аныгы технология көмөтүнэн быһаарар соруктаах[4].

2007 сыллаахха хампаанньаларын арыйан, үөрэх бырагырааммаларын оҥорууга, оскуолалары арыйыы систиэмэтин туруорууга уонна үөрэх барыытын салайыыга эмиэрикэ бастыҥ специалистарын кытыннарбыттар. 2009 сыл тохсунньуга Мукуруга (Кения) Найроби трущуобаларыгар бастакы оскуоланы арыйбыттара, ол кэннэ аҕыйах ыйынан иккис оскуола аһыллыбыта[6].

2010 сылга Bridge International Academies Найробига 12 оскуоланы аспыт[7].

2014 сыл муус устарыгар хампаанньа кенияҕа 300 начаалынай оскуолалары тутан 100 000 оҕону үөрэппит; хас 2-3 күн аайы биирдии оскуоланы арыйбыт[6]. Ол кэмҥэ хампаанньа барыыһа суох үлэлээбит, 2016 сылга 500 000 үөрэнээччилэнэн ороскуотун уйунар былааннаах[6].

Награадалара уонна премиялара

2014 сыллаахха Bridge International Academies тэрийбиттэрин иһин Джей Киммельман уонна Шеннон Май Шваб түмэт урбаанын пуондатынан сыл түмэт урбаанньыттарынан биллэриллибиттэрэ[1].

Быһаарыылар

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 Jay Kimmelman(ааҥл.). Шваб түмэт урбаанын пуондата (2014). Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 Shannon May and Jay Kimmelman(ааҥл.). CNBC. Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.
  3. V. Kasturi Rangan, Katharine Lee. Bridge International Academies: A School in a Box(ааҥл.). Harvard Business School (27 September 2010 </noinclude>). Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.
  4. 4,0 4,1 4,2 4,3 4,4 Jason Materi, Pat McArdle. Bridging Education and Efficiency(ааҥл.). tc.umn.edu (2014). Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.
  5. 5,0 5,1 5,2 Jay Kimmelman(ааҥл.). The Huffington Post. Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.
  6. 6,0 6,1 6,2 Leigh Buchanan. The Mission: Teach 10 Million Kids--and End Poverty(ааҥл.). Inc (23 April 2014 </noinclude>). Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.
  7. empower t hrough education(ааҥл.). intellecap.com (9 March 2011 </noinclude>). Тургутулунна 5 Бэс ыйын 2015.

Сигэлэр