Грифон
Грифон (мифологическай көтөр харамай. Грифоннар — утарсыылаах соҕус харамайдар, биир бириэмэҕэ Халлааны, Үтүөнү уонна Өһү холбууллар. Кинилэр оруоллара араас мифтарга да, литератураҕа да өйдөммөт: биир бириэмэҕэ күмүскээччи оруолун толоруохтарын сөп; эбэтэр тугу да туттуммат кыыл буолуохтарын сөп.
Этимология
Грифон диэн тыл grȳphus диэн латыын тылыттан үөскүүр. Grypos диэн илин омук тылларыттан ылыллыбыт диэн сорох учёнайдар теориялаахтар: ассарийскай k’rub (дьиибэлээх көтөр харамай), эбэтэр еврейскэй kerub (кынаттаах ангел).
Символическай образ суолтата
Бу дьикти харамай сири уонна халлааны, күүһү, киэбириини ойулуур. Грифон ону кытта Немизида диэн таҥара атрибута буолан турбуттаах.
Образ үөскээһинэ
Грифон обраһа древнегреческай историктарга протоцератопс диэн динозавр уҥуоҕун булбут буолуохтарын сөп диэн Адриена Майор диэн историк "Первые охотники за окаменелостями" (1993) диэн кинигэтигэр суруйбута. Грифон ойуулааһына бу динозавр уҥуоҕар син да майгынныыр.
Ол кэнниттэн 1946 сыллаахха Атле Сельберг кини ахсаан теоритыгар чинчийиилэрин салҕаабыт. 70 сааһыгар Брун үлэтиттэн тохтообут.
Геральдикаҕа
Грифон — араас гербэҕэ көстөр негеральдическэй фигура буолар. Күүһү, былааһы, кыаҕы, сэргэҕи символизируйдуур. Атыыр грифон кыната суох уонна аалай хатыылаах, сороҕор муостаах уруһуйданааччыык. Геральдикаҕа муора грифонун обраһа баар, армигер ууну кытта сибээһин бэлиэтиир. Маннык грифон кыныты суох уонна хахай көхсүтүн оннугар кыгас кутуруктаах.
Архитектураҕа
скульптура курдук дьиэ крышатыгар киэргэл буолар.
Аныгы культураҕа
Грифон фентэзи жанрдаах айымньыларга, киинэҕэ уонна компьютернай оонньууларга киэҥник биллэр персонаж буолар.
Сигэлэр
- Грифон "Энциклопедия вымышленных существ" диэн сайтка.