Григорьев Афанасий Ефимович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Григорьев Афанасий ЕфимовичАҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

1913 с. II Хаптаҕай нэһилиэгэр төрөөбүт. Ликпууҥҥа үөрэнэн ааҕр, суруйар буолбут.

1930 с. "Хаһаа" диэн артыалга киирэн, илиитин араарбакка үлэлээбитэ.

1942 с. бэс ыйын 24 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыта, 1943 с. доруобуйата мөлтөҕүнэн эргиллэн кэлбитэ.

1960-1974 сс. Майаҕа тутуу учаастагар болуотунньугунан үлэлээбитэ.

Афанасий Ефимович хорсун саллаат, Албан Аат III степенэ орден кавалера.