Генрих Навигатор
Генрих Навигатор | |
---|---|
порт. Henrique о Navegador | |
Төрөөбүт күнэ: | Кулун тутар 4 күнэ, 1394 сыл |
Төрөөбүт сирэ: | Порту, Португалия |
Өлбүт күнэ: | 13 Сэтинньи 1460 (сааhыгар 66) |
Өлбүт сирэ: | Сагреш, Португалия |
Гражданствота: | |
Аҕата: | Жуан I Португалиятааҕы |
Ийэтэ: | Филиппа Ланкастердааҕы |
[[:commons:Category:Биики Хааһахха |
Португалиятааҕы Генрих тойон (дон), Визеу герцога (кулун тутар 4 күнэ 1394 сыл — сэтинньи 13 күнэ 1460 сыл), биллэринэн Байҕал Айанньыта Генрих Принц (порт. Infante Dom Henrique, o Navegador), Португалия империятын үөскүүрүгэр уонна европатааҕы байҕал устун XV үйэтээҕи арыйыыларыгар уонна байҕал устун тарҕаныыларыгар киин фигура этэ. Кини дьаһайар үлэтин түмүгүнэн Улуу география арыйыыларын кэмин сүрүн төрүттээччи буолбута. Генрих Авиз диэн ыалы төрүттээбит Жуан I диэн Португалия ыраахтааҕытын төрдүс оҕото буолар.[1]
Генрих каравелла диэн саҥа аалланан баран Арҕаа Африканы, Атлантика далайын арыыларын уонна саҥа суоллары тобулааһыны наардаан, ырытан, эрдэтээҥи португалиятааҕы чинчийиилэри уонна байҕал устун эргиэн суолларын сайыннарар киһиннэн буолбута. Кини аҕатын Пиреней тумул арыытыттан Гибралтар силбэһиитин нөҥүө Хоту Африка кытылыгар баар Сеута (1415) диэн мусулмааннар портарын сэриилээн ыларга ыҥырбыта. Кини Сахара устун субуллар, онно бүтэр атыы-эргиэн суоллара төһө тоҕоостоохторун билбитэ, Африканы олус сөбүлээбитэ уонна пресвитер Иоанн туһунан христианнар үһүйээннэрин сэргии истибитэ. Кини Португалия чинчийиилэрин араҥаччылааччы быһыытынан биллэр.
Олоҕо
Генрих Иоанн хоруол уонна кини кэргэнэ Филиппа,[2] Англия хоруолун Генрих IV эдьиийин, үһүс тыыннаах ордубут оҕолоро этэ. Кини Португа сүрэхтэммитэ уонна, арааһа, онно төрөөбүтэ, хоруол дьиэ кэргэнэ билигин Каса-ду-Инфанте (Принц дьиэтэ) диэн ааттанар эргэ куораттааҕы манньыат тиэргэнигэр уонна аттынааҕы сирдэргэ олоро сырыттахтарына. Атын төрүөн сөптөөх сиринэн Леса да Палмейраҕа баар Леса ду Балиу диэн манастыыр буолар, эмиэ хоруол дьиэ кэргэнэ Португа олорор кэмигэр.[3]
Генрих 21 саастааҕар кини аҕатынаан уонна убайдарынаан Марокко хоту өттүгэр баар Сеута диэн порду маврдартан сэриилээн ылан былдьаабыттара.
Сеута өр кэмҥэ португалиятааҕы кытылга саба түһэр, дэриэбинэлэрин халыыр, олохтоохторун кулут оҥостоору африкатааҕы эргиэмсиктэргэ атыылыыр бербер пирааттарын ордуулара этэ. Ити ситиһии кэнниттэн Генрих Африка кытылын чинчийэн киирэн барбыта, оччотооҕуга ити сирдэр тустарынан Европа олохтоохторо тугу да билбэттэр этэ. Кини Арҕаа Африкатааҕы эргиэн кыһыл көмүhэ хантан хостонорун уонна үһүйээҥҥэ кэпсэнэр Пресвитер Иоанн баһылыы сылдьыбыт христианнар дойдуларын булуон баҕарара, ону таһынан португалиятааҕы кытылга пирааттар саба түһүүлэрин тохтотоору гынара.
Оччотооҕу кэмҥэ Сир ортотунааҕы байҕал устун айанныыр таһаҕаһы тиэммит ааллар итинник айаны айанныахтарын олус ыарахан уонна бытаан этилэр. Генрих дьаһайан, саҥа уонна быдан чэпчэки аалы — каравелланы айбыттара, онтукайдара ыраах айаны айанныыра уонна түргэн сырыылаах этэ.[4] Бастатан туран, сүрдээх түргэнник туора-маара хамсаныан сөбө уонна тыалы утары устуон сөбө, онон баһыйар тыалтан тутулуга суох буолбута. Каравеллаҕа хойукку античнай кэм саҕаттан христианнар Сир ортотуганааҕы байҕалга усталларыгар баһыйар өттүлэринэн туттуллубут латиннар парустара туттуллубута.[5] Ити аалларынан Португалия байҕал устун айанныыр айанньыттара өрүстэртэн уонна чычаас ууларыттан саҕалаан далайы нөҥүөлүүр айаннарга диэри Атлантика тулатынааҕы урут үөрэтиллибэтэх ууларын көҥүл чинчийбиттэрэ.[6]
1419 сыллаахха аҕата Генриҕы Алгарве провинция салайааччытынан анаабыта.
Баайа уонна дохуота
1420 сыллаахха ыам ыйын 25 күнүгэр Португалия киин сиригэр баар Томарга штаб-квартиралаах Тамплиердар орденнарын салҕааччыта буолар Христос Байыаннай Орденнарыгар улуу магистрынан Генриҕы талаллар.[7] Олоҕун тухары ити ордеҥҥа улуу магистрынан сылдьыбыта, уонна орден кини киэҥ далааһыннаах хорсун санааларын олоххо киллэрэрин үбүлүүр тэрилтэнэн буолбута, ордук Португалия дьоно 1346 сыл иннинэ арыйбыппыт диир Канаар арыыларын ньоҕойдоһон туран сэриилии сатыырыгар.
1425 сыллаахха кини иккис убайа Бүөтүр инфант, Коимбра герцога, Генрихтан сири-дойдуну билсиһиннэрэргэ, эбии харчы бэрсиһиннэрэн баран, Европа устун илдьит быһыытынан айаннаабыта. Бүөтүр Венецияттан ол кэмҥэ сөп түбэһэр Аан дойду каартатын кыбынан дойдутугар эргиллибитэ.[8]
1431 сыллаахха билим бары салааларын — грамматиканы, логиканы, риториканы, арифметиканы, музыканы уонна астрономияны үөрэттиннэр диэн Генрих Estudo Geral дьиэлэри бэлэхтээбитэ, кэлин онтуката Лиссабон университета буолбута. Атын, медицина эбэтэр философия, курдук хайысхалары ылан көрдөххө, кини хас биирдии хосторо үөрэтэр эттиктэринэн киэргэтиллэрин гына дьаһайбыта.
Генрих атын баайдаах этэ. Жуан I 1433 сыллаахха өлбүтүгэр хоруолунан Генрих убайа Португалиятааҕы Эдуард буолбута. Кини Генрих бэйэтэ арыйталаабыт сирдэригэр эргинэр харчытын барытын бэйэтэ дьаһанар курдук дьаһайбыта, ону таһынан Бохадор тумулун нөҥүө айанныыр айанньыттарга тус бэйэтэ көҥүлү биэрэр кыаҕын көҥүллээбитэ. Генрих ону таһынан Алгарве куоракка тунец балыгын балыктааһыҥҥа монополиялаах этэ. Эдуард аҕыс сылынан өлбүтүн кэннэ Генрих убайын, Коимбра герцогын, Бүөтүрү, Эдуард уола Афонсу V улаатыар диэри регент буоларыгар өйөөбүтэ, ол оннугар ити хомуурдарын салгыы хомуйарын бигэргэппитэ.
Генрих 1437 сыллаахха Танжерга Чала Бен Чаланы утары кимэн киирэн хотторбут сэрии сүрүн тэрийээччитинэн буолбута, ол хотторуу түмүгэр Португалия дьоно кэлиҥҥи өттүгэр эйэлээх буолалларын мэктиэлииргэ Генрих инитин Фердинанды өстөөхтөрө тутан ылан хаайаллар. Португалия кортестара Сеутаны Фердинаҥҥа атастаһан төннөрөрү ылымматтар, онтон кэлин кини алта сылынан хааллан олорон өлбүтэ. Регент-принц Бүөтүр Португалия дьоно байҕал устун Атлантика далайыгар уонна Африкаҕа тэнийэллэрин өйүүр, онтон Генрих Бүөтүр регенныыр кэмигэр (1439—1448 сыллардаахха) дьону Азор арыыларыгар олохсуйалларыгар көмөлөһөр. Олоҕун кэлиҥҥи өттүгэр үксүгэр байҕал тула үлэҕэ уонна баһылык салайар үлэтигэр аныыр.[9]
Вила-ду-Инфанте уонна Португалия чинчийиилэрэ
Жуан де Баррос суруйан хаалларбытыттан көрдөххө, Генрих Байҕал Айанньыта Алгарвеҕа биир дэриэбинэҕэ хаттаан дьону олохсуппут, онтукатын Терсанабал диэн ааттаабыт (терча набал эбэтэр терсена набал диэн тыллартан).[11] Ол дэриэбинэтэ кини салгыы байҕал устун айанныыр суолларыгар табыгастаах сиргэ баара уонна кэлин Вила-ду-Инфанте («Принц сирэ эбэтэр куората») диэн ааттаммыта.
Урут уруккаттан сабаҕалыылларынан, Генрих Сагреш диэн тумул арыыга баар бэйэтин дьиэтигэр байҕал айанньыттарын уонна картографтар оскуолаларын тэрийбитэ диэн. Ол эрээри ону аныгы историктар оннук буолбатах дэһэллэр. Кини кырдьык хас даҕаны картографтары Мавритания кытылын чинчийэргэ үбүлээн бэйэтигэр үлэлэппитэ, ол эрээри навигация билимин киинэ да, аныгылыы өйдөбүлүнэн обсерваторията да, наарданыллыбыт навигациятын киинэ да суохтара.[12]
Сагрешка сигэнэн, уон алтыс үйэтээҕи Португалия математига уонна космограба Педро Нуньес «Итинтэн биһиги байҕал устунан сылдьар дьоммут үчүгэй билиилээх, тэриллэринэн хааччыллыбыт, картографтар уонна байҕал айанньыттара бары билиэхтээх ньымаларын, тугу гыналларын өйдүүр-сатыыр буолан тахсыбыттара» диэбиттээҕэ.[13]
Генрих дьоно уунан устар аалларга аналлаах сэрии сэптээх-сэбиргэллээх, обсерваториялаах уонна да атын чинчийиилэри олоххо киллэрэр технологиялаах төһүүнэ буолбуттара диэн өйдөбүл дьоҥҥо элбэхтик тарҕата сатаабыттара, хатылаабыттара да бигэргэтиллибэтэҕэ.[14][15][16] Генрих сири-дойдуну билиэн- көрүөн баҕарара уонна картографтары наймылаһара. Дьон кэпсиириттэн өйдөөтөххө, Джехуда Крескес диэн биллиилээх картограф Португалияҕа кэлэн инфаҥҥа каарталары оҥор диэн ыҥырыыны истээт, сонно тута хомунан, ойон тиийбит. Престадж этэринэн, кини принц тиэргэнигэр кэлбитэ «арааhа Сагреш оскуолатын туһунан үһүйээҥҥэ төрүөт буолбут буолуон сөп, кэлин онтуката олуна суох диэн буолбута».[7]
Генрих чинчийиилэрэ
Генрих айаннары үбүлүүрэ, кэлин барыстарыттан 20%-наах түһээн (o quinto) хомуйара, ол онтуката оччотооҕу ибериятааҕы сирдэргэ тарҕаммыт үлэ этэ. Чугастааҕы Лагуш диэн порт ити айанньыттарга табыгастаах сиргэ баара. Олус кыра аалларга, үксүгэр каравеллаларга латиннар парустара парустаах, чэпчэки уонна сыыдам устар тэриллэринэн айанныыллара. Генрих ыыталаабыт үгүс айаннара биир эбэтэр икки аалларынан оҥоһуллара, олор кытыл аттынан усталлара, түүнүн ханнык эмит кытылга сыстаары тохтууллара.
Принц Генрих саҕана уонна кэлин Португалия айанньыттара Хоту Атлантикатааҕы volta do mar вольта до маар («байҕалга эргийии эбэтэр байҕалтан эргиллии») сүрүннээн экватор чугаһынан илинтэн үрэр эрэллээх пассааттар көрүҥнэрин уонна Атлантика ортотугар төннүбүт арҕааҥы тыаллары диэннэри арыйбыттара уонна сайыннарбыттара. Ити байҕал устун устуу историятыгар улахан хардыы этэ, далайга баар тыаллар көрүҥнэрин өйдөөһүн Атлантика далайын устун устууга быһаарыылаах суолталааҕа, Африкаттан уонна аһаҕас далайтан Европаҕа диэри, уонна кэлин Саҥа Сиртэн Европаҕа диэри сүрүн айан суолун тобуларга, саҥа дойдулары арыйталыыр айаннарга кыаҕы биэрбитэ. Латиннар парустара тыалы утары айанныыр кыахтааҕын үрдүнэн, суолларын устатын үгүс өттүгэр айанныыр түргэн уонна эриэ-дэхси айан тыалын хабарга төһө эмит хайысхаларын кэҥэтэллэрэ тоҕоостоох этэ. Соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа Канаар арыыларыгар уонна Арҕаа Африкаҕа диэки устар Португалия байҕаллааҕы айанньыттара кэлин хотугулуу-арҕаа диэки, ол эбэтэр континеннааҕы Португалияттан тэйэн, уонна, көстөрүнэн, сыыһа хайысханан хотугулуу арҕаа Азор арыыларын чугаһынан эргийэллэрэ уонна бүтэр уһугар илин Европа диэки айаннарын тухары айан тыала үрэрин курдук усталлара. Христофор Колумб итини Атлантика далайын нөҥүө айанныырыгар туһаммыта
Maдейра
Бастакы чинчийиилэр Сеутаны 1415 сыллаахха сэриилээн ылбыттарын кэннэ буолбуттара. Генрих куоракка кыһыл көмүһү караваны кытта хантан аҕалалларын билиэн баҕарбыта. Кини аҕата Жуан I баһылаан олорор кэмигэр Жоао Гонсалвеш Зарко уонна Тристан Васа Тейшейру диэн дьоннору байҕал африкатааҕы кытылын чинчийэ ыыппыттара. Зарко, Генрих принц рыцара, каравеллалары дьаһайара, Алгарве кытылын маврдар тоҕо ааҥнаан киирэллэриттэн харабыллыыра. Кини Сеутаҕа эмиэ сылдьыбыта.
1418 сыллаахха Зарко уонна Тейшейру Португалияҕа төннөөрү шторм буолбутуттан суолларыттан тэйбиттэрэ, ол түмүгэр вольта до маар арҕаа диэки эргийбитэ. Кинилэр биир Порту-Санту диэн ааттаабыт арыыларыгар саспыттара. Генрих Порту-Сантуга дьон тиийэн олохсуйдун диэн дьаһайбыт. Мадейра арыыларын бас билэ сатаабыттара арааһа Кастилия Канаар арыыларын бас билэ сатаабытыгар хоруйдааһын буолуон сөп.[17] 1420 сыллаахха көһөн барбыт дьон чугастыы Мадейра арыытыгар тиийэн олохсуйбуттара.
Азордар
Майоркаттан төрүттээх Габриэль де Вальсека диэн Каталония картограба уруһуйдаабыт каартатыттан сигэннэххэ, Азор арыыларын 1427 сыллаахха аан маҥнай Диего де Сильвеш арыйбыт. 1431 сыллаахха Гонсалу Велью де Сильвеш арыйталаабыт «арыылара» ханан баалларын быһаартарар сорудахтаах айаннаабыт. Велью, арааһа, архипелаг илин өттүгэр баар Формигаска тиийэн баран Сагрешка төннүбүт, сабаҕалаатахха, куһаҕан погодаттан сылтаан.
Ити кэмҥэ Португалия айанньыттара Саргасс байҕалыгар Хоту Атлантика арҕаа өттүгэр эмиэ тиийбиттэрэ, ол аатын онно үүнэр саргасс салахайдарын аатынан ааттаабыттара (sargaço / sargasso португааллар тылларыгар).[18][19]
Арҕаа Африка кытыла
Генрих кэмигэр диэри Африка кумах куйаарынааҕы кытылыгар баар Бохадор тумул арыы Европа дьонугар биллэр муҥутуур соҕуруу кытыы сиринэн биллэрэ. Абааһыны-таҥараны, араас бити итэҕэйээччи байҕал айанньыттара Бохадору аастахха байҕал дьулаан улахан харамайдара кистэнэ сылдьар сирдэрэ кэлэр уонна Сир-Дойду кырыыта дииллэрэ. 1434 сыллаахха Генрих тэрийэн ыыппыт айанньыттарын бөлөҕүттэн биирдэстэрин Гил Эанес диэн салайааччыта Европа дьонуттан Бохадор тумул арыытын ааспыт маҥнайгы биллэр киһинэн буолбута.
Аал саҥа көрүҥүн туһанан экспедициялар салгыы айаннаабыттара. 1441 сыллаахха Нуну Тристао уонна Антау Гонсалвеш Бланко тумул арыытыгар тиийбиттэрэ. Аргуин хомотун Португалия дьоно 1443 сыллаахха көрбүттэрэ уонна 1448 сыллаахха «форте-фейторио» (атыы-эргиэн поһун араҥаччылыыр форт) Аргуин арыытыгар туппуттара. Сотору соҕус буолан баран, 1444 сыллаахха Диниш Диас Сенегал диэн өрүһү туораабыта уонна Кап-Вер тумул арыыны тула эргийбитэ. Ити кэмҥэ чинчийээччилэр кумах куйаар соҕуруу кырыытын ааспыттара, онон Генрих биир баҕа санаата туолбута: Португалия дьоно мусулмааннар сирдэрин уонна Сахара арҕаа өттүнэн ааһар эргиэмсиктэр суолларын ааспыттара, ол кэнниттэн Португалияҕа кулуттарынан уонна кыһыл көмүһүнэн байааһын саҕаламмыта. Ити атыы-эргиэн суола уларыйааһына Алжиры уонна Туниһы дьадаппыта, онтон Португалияны байыппыта.[20] 1452 сыллаахха кыһыл көмүс кутуллааһына Португалияҕа крузадо диэн маҥнайгы кыһыл көмүс манньыаттарын оҥорор кыаҕы биэрбитэ. Оччолорго крузадо 400 рейска тэҥ этэ. 1444 сылтан 1446 сыллаахха диэри Генрих аатынан Лагуштан түөрт уоҥҥа диэри аал айаҥҥа туруммута, уонна бастакы биирдиилээн дьон эргинэр айаннара саҕаламмыта.
1453 сылтан 1456 сылга диэри Альдизе Кадамосто Африка атлантикатааҕы кытылын чинчийбитэ уонна Күөх Тумус архипелагын хас даҕаны арыыларын арыйбыта. Кэлин Антонио Ноли мин маҥнай сылдьыбытым диэн мөккүспүтэ. 1462 сыллаахха Португалия дьоно билиҥҥи Сьерра-Леонеҕа диэри Африка кытылын чинчийбиттэрэ. Сүүрбэ аҕыс сыл ааспытын кэннэ, Үчүгэй Эрэмньи тумсугар диэри континент соҕуруу кытыытыгар тиийэн баран, Бартоломиу Диаш Африканы эргийиэххэ сөп эбит диэн туоһулаабыта. 1498 сыллаахха Васко де Гама байҕалынан Индияҕа тиийбит Европа байҕал устун айанныыр айанньыттарыттан бастакы буолбута.
«Навигатор» диэн хос аата үөскээһинэ
Генрих Байҕал Айанньыта диэн ааты кини тыыннааҕар уонна кэлин үс үйэ тухары ким да туттубат этэ. Ааты уон тохсус үйэҕэ икки ньиэмэс историктара, Генрих Шифер уонна Гюстав де Веер, айбыттара. Кэлин ити ааты икки британиятааҕы автордар, Генри Мейджор 1868 сыллаахха уонна Раймонд Бизли 1895 сыллаахха, олоҕун ойуулаан, киэҥник дьоҥҥо биллэр гына тарҕаппыттара.[12] Португааллар тылларынан оннооҕор билиҥҥи кэмҥэ диэри ити аатынан бэрт сэдэхтик ааттыыллар «Инфанте Д. Энрике» дииллэрэ ордук табыгастаах.
Бииргэ төрөөбүт убайдарыттан, инилэриттэн ураты, Генриҕы кытта биир кэмҥэ олоро сылдьыбыт дьон кини өй өттүгэр дьоҕурун хайҕаабаттара. Кэлин хойутаан эрэ баран, Жоао де Баррос уонна Дамиан де Гойс курдук, уруккуну хасыһар дьон кини үөрэххэ охторун, Аан Дойдуну билиэн-көрүөн баҕарарын туһунан суруйбуттара. «Сагреш оскуолатын» туһунан үһүйээн сүрүннээн Самуэль Пурчаһынан уонна Антуан Превонан XVII үйэҕэ айыллыбыта. Уон тохсус үйэтээҕи Португалияҕа, сабаҕалыылларынан, чинчийии уонна билим пионера буоларын быһыытынан кинини идеал курдук көрүү муҥутуур чыпчаалга тасхыбыта.[21]
1824 сыллаахха дьон ааҕарыгар анаан тахсыбытаҮрдүк Аттаах Бавария хоруола ыйааҕынан Дж. Б. Спикс луохтуурунан уонна К.Ф.П. Мартиус луохтуурунан оҥоһуллубут1817-1820 сыллардаахха Бразилия устун айан «Инфант Дон Энрике» саахар тростнигын Бразилияҕа илдьиитин кэмигэр буолбута.
Фантастика
- Аркан Самаан, L'Écuyer d’Henri le Navigateur, Éditions l’Harmattan, Paris. Сүрүн ис хоһоонугар Зурар хроникатыгар олоҕуран, француз тылынан суруллубут история романа.
Төрүттэрэ
Халыып:Ahnentafel
Салгыы көр
- Prince Henry the Navigator Park
- Hermitage of Our Lady of Guadalupe
Хос быһаарыылар
Халыып:Notelist
Ыйыылар
- ↑ Ivana Elbl, «Man of His Time (and Peers): A New Look at Henry the Navigator.» Luso-Brazilian Review 28.2 (1991): 73-89.
- ↑ "Prince Henry the Navigator", The Mariners' Museum.
- ↑ Bradford, 1960.
- ↑ Merson, John (1990). The Genius That Was China: East and West in the Making of the Modern World. Woodstock, New York: The Overlook Press. pp. 72. ISBN 978-0-87951-397-9. https://archive.org/details/geniusthatwaschi0000mersA companion to the PBS Series The Genius That Was China
- ↑ Castro et al., 2008, p. 2
- ↑ Boorstin, Daniel (1985). The Discoverers: A History of Man's Search to Know His World and Himself. Vintage. pp. 156–64.
- ↑ 7,0 7,1 Prestage, Edgar. «Prince Henry the Navigator.» The Catholic Encyclopedia Vol. 7. New York: Robert Appleton Company, 1910. 23 May 2015
- ↑ Rush, Timothy. "Prince Henry the Navigator and the Apollo Project that Launched Columbus", 21st Century, summer, 1992.
- ↑ Bradford, 1960.
- ↑ BRANCO, FERNANDO (2022). «HENRY THE NAVIGATOR AND THE ST. VINCENT PANELS». TRIPLO V, CLEPUL Univ. Lisboa.
- ↑ Bluteau, Rafael (1721). Vocabulario portuguez & latino .... Lisbon: na officina de Pascoal da Sylva. pp. 109. https://books.google.com/books?id=RwGCgmERezIC&pg=PA109.
- ↑ 12,0 12,1 Randles, W.G.L. «The alleged nautical school founded in the fifteenth century at Sagres by Prince Henry of Portugal called the 'Navigator'». Imago Mundi, vol. 45 (1993), pp. 20-28.
- ↑ Mark, Hans. «Henry the Navigator and the Early Days of Exploration», American Association for the Advancement of Science, Annual meeting, February 1992
- ↑ Marques, Alfredo Pinheiro (2005) (in pt). Os Descobrimentos e o 'Atlas Miller'. Universidade de Coimbra. https://docs.google.com/open?id=0B2xiUdRpMxk6YW5fMzNTTFlJYUE., p. 52
- ↑ Rocha, Daniel (8 February 2009). "Brasil: historiador nega existência da Escola de Sagres". Público. http://www.publico.pt/cultura/noticia/brasil-historiador-nega-existencia-da-escola-de-sagres-1364441.
- ↑ de Albuquerque, Luís (1990). Dúvidas e Certezas na História dos Descobrimentos Portugueses. Lisboa. pp. 15–27.
- ISBN 1-4088-0950-8
- ↑ Wide Sargasso Sea - Setting - Book Drum.
- ↑ The Sargasso Sea. BBC Nature.
- ↑ Rice Jr., Eugene F.; Grafton, Anthony (1994). The Foundations of Early Modern Europe, 1460-1559. W.W. Norton & Company. p. 35.
- ↑ Alegria, Maria Fernanda; Daveau, Suzanne; Garcia, Joao Carlos; Relaño, Francesc (2007). "Portuguese Cartography in the Renaissance". in Woodward, David. Cartography in the European Renaissance. The History of Cartography. 3. University of Chicago Press. p. 1002. ISBN 978-0-226-90733-8. https://www.press.uchicago.edu/books/HOC/HOC_V3_Pt1/HOC_VOLUME3_Part1_chapter38.pdf.
Сигэлэр
Халыып:Library resources box
- Ariganello, Lisa. Henry the Navigator : prince of Portuguese exploration (2007); for elementary schools. online
- Beazley, C. Raymond (1894). Prince Henry the Navigator, the Hero of Portugal and of Modern Discovery, 1394–1460 A.D.: With an Account of Geographical Progress Throughout the Middle Ages As the Preparation for His Work. London: G.P. Putnam's Sons. https://archive.org/details/princehenrythena18757gut.
- Халыып:Cite EB1911
- Boxer, Charles (1991). The Portuguese Seaborne Empire, 1415–1825 (2nd rev. ed.). Carcanet Press. ISBN 978-0-85635-962-0.
- Bradford, Ernle. A Wind from the North: The Life of Henry the Navigator (1960) online or Southward the Caravels: The Story of Henry the Navigator (UK edition, 1961)
- Castro, F.; Fonseca, N.; Vacas, T.; Ciciliot, F. (2008), "A Quantitative Look at Mediterranean Lateen- and Square-Rigged Ships (Part 1)", The International Journal of Nautical Archaeology 37 (2): 347–359, doi:
- Diffie, Bailey; George D. Winius (1977). Foundations of the Portuguese empire, 1415–1580. University of Minnesota Press. ISBN 978-0-8166-0782-2. https://books.google.com/books?id=vtZtMBLJ7GgC.
- Elbl, Ivana. «Man of His Time (and Peers): A New Look at Henry the Navigator.» Luso-Brazilian Review 28.2 (1991): 73-89. online
- Fernández-Armesto, Felipe (1987). Before Columbus: Exploration and Colonisation from the Mediterranean to the Atlantic, 1229–1492. London: MacMillan Education. ISBN 978-0-333-40383-9. https://books.google.com/books?id=YAFzrIOrP6MC.
- Major, Richard Henry (1877). The discoveries of Prince Henry, the Navigator, and their results. London: Sampson, Low, Marston, Searle and Rivington. OCLC 84044057. https://books.google.com/books?id=VrkEAAAAMAAJ.
- Martins, J.P. Oliveira (1914). The golden age of Prince Henry the Navigator. London: Chapman and Hall. https://archive.org/details/goldenageofprinc00martuoft.
- Russell, Peter E. (2000). Prince Henry "the Navigator": a life. New Haven: Yale University Press. ISBN 978-0-300-08233-3. OCLC 42708239. https://books.google.com/books?id=J2pr2Wg24MsC.
- Zurara, Gomes Eanes de, trans. Edgar Prestage (1896). Chronica do Descobrimento e Conquista da Guiné, vol. 1 (The chronicle of discovery and conquest of Guinea). Hakluyt Society. https://books.google.com/books?id=Z3m9zdZ00NsC.
- Zurara, Gomes Eanes de, trans. Edgar Prestage (1896). Chronica do Descobrimento e Conquista da Guiné, vol. 2. Printed for the Hakluyt Society. https://books.google.com/books?id=qeEOAAAAYAAJ.
Халыып:S-start Халыып:S-hou Халыып:S-roy Халыып:S-new Халыып:S-ttl Халыып:S-aft Халыып:S-mil Халыып:S-bef Халыып:S-ttl Халыып:S-vac Халыып:S-end
Халыып:Portuguese infantes Халыып:House of Aviz