Гаврил Иванович Макаров

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гаврил Иванович Макаров- Дьуон Дьаҥылы 1914 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр Чурапчы оройуонугар Болтоҥо нэһилиэгин биир уһук алааһыгар Кындалга орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини оҕо сааһын ыыра Таатта уонна Түөйэ үрэхтэр ыпсыыларын лыахтаах кырдалларынан, нэлэһийэр киэҥ алаастарынан, суһумнуу күөгэйэр чараҥ тыаларын саҕаларынан ааспыта.

Макаровтар оччотооҕу киэбинэн олох бары сиэрин-туомун тутуһан олорбуттара. Дьону мунньан олоҥхолотуу, кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ остуоруйаалааһын бу дьиэ кэргэн олоҕун аргыһа этэ.

Үөрэх-билии наадатын өйдүүр төрөппүттэр уолчааны оскуолаҕа биэрбиттэрэ. Ганя ситиһиилээхтик, умсугуйан туран үөрэммитэ. Учууталларыттан хайҕанара. Ол эрээри уолчаан ити дьоло уһаабатаҕа. Маҥнай утаа Гражданскай сэрии буолан тбыһыы-майгы уларыйыыта мэһэйдээбитэ. Онтон 1924 сыллаахха аҕата Иван Афанасьевич сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Иитэр-аһатар киһилэрэ суох хаалбыт ийэлээх уолу аҕаларын инилэрэ Иван уонна Егор Макаровтар бэйэлэригэр сыһыаран олордубуттара.

Кини оччоттон поэзияҕа тардыстыылааҕа. Норуотун ырыатын матыыбыгар дьүөрэлии хоһооннору этэн субурутарын, хоһоону айыыга дьоҕурдааҕын болтоҥолор адьас кыра сааһыттан бэлиэтии көрбүттэр эбит.

Сүүрбэ сааһын да туола илик Гаврил Иванович 1937 сыл күһүнүгэр саха бастакы лингвист-учуонайа С.А. Новгородов аатынан Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Кини Түөйэлээхэп диэн псевдонимынан хас да хоһоону өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар таһаартарбыт кэмэ этэ.

Тылбаас туһунан уопсай өйдөбүл Өксөкүлээх Өлөксөй М.Ю. Лермонтов "Демонын" тылбаастаан "Якутская жизнь" хаһыакка бэчээттэппитэ. А.С. Пушкин прозатын сабыдыалынан хас да новеллалары суруйбута, ону ааһан, 1926 сыллаахха "Борис Годуновтан" түөрт оонньууну тылбаастаабыта.

Саха литературатын саҕалааччылар А.Е. Кулаковскай, Н.Д. Неустроев, А.И. Софронов уус-уран литератураны төрүттээһиҥҥэ тылбааһы оҥоруу наадатын ыйбыттарын, кинилэр биэрбит сүбэлэрин-амаларын этигэр-хааныгар иҥэриммит Г.И. Макаров - Дьуон Дьаҥылы өссө киэҥ соругу бэйэтин иннигэр туруоруммута уонна "Евгений Онегин" курдук нуучча олоҕун энциклопедиятынан ааҕыллыбыт А.С. Пушкин сүдү суолталаах айымньытын сахалыы саҥардыы сыралаах үлэтигэр туруммута. Хоһоонунан роман хас биирдии строфата - сүнньүнэн туспа лоскуй, хоһоон иһигэр хоһоон курдук. Улахан буукуба - женскэй рифма, үһүс - мужской. Бастакы строфа тиэмэни этэр, иккис - сайыннарар, үһүс - кульминация, икки бүтэһик - кылгас быһа биэрэр сытыы афористическай түмүк. Итини барытын тылбаасчыт халбаҥнаабакка тутуспута киһини сөхтөрөр.

Г.И. Макаров А.С. Пушкин хоһоонунан романын тылбаастат, А.Т. Твардовскай аатырбыт поэматын "Василий Теркины" сахалыы саҥардыыга дьүккүөрдээхтик ылсыбыта.

Хомойуох иһин, Дьуон Дьаҥылы бу сүрүн үлэни өлөр өлүү мэһэйдээн ситэрбэккэ хаалбыта. Ол эрээри, улахан үлэ саҕаланыыта түмүктээх буолбута. Саха бастакы үгэһитэ Күн Дьирибинэ ситэрэн А.Т. Твардовскай 60 сааһын туолар үбүлүөйүн көрсө Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар "Василий Теркин" сахалыы тылынан туспа кинигэнэн тахсыбыта.

Тылбаасчыттар Дьуон Дьаҥылы уонна Күн Дьирибинэ ис сүрэхтэриттэн бэринэн туран үлэлээбиттэрэ. Тылбааска бэриниилээх буолуу - бу улахан өйдөбүл.