Войнич Этель Лилиан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Этель Лилиан Войнич
Ethel Lilian Voynich
Төрөөбүт күнэ: 11 ыам ыйа 1864(18640511)
Төрөөбүт сирэ: Корк, Ирландия
Өлбүт күнэ: 27 от ыйа 1960
Өлбүт сирэ: Нью-Йорк
Дьарыга: прозаик, тылбаасчыт
Айбыт сыллара: 18971945
Айымньыларын тыла: английскай

Этель Лилиан Войнич (төрөөбүтүнэн Буль) - Англия суруйааччыта, "Овод" (Күлүмэн) диэн роман ааптара.

1864 с. ыам ыйын 11 Джордж Буль диэн аатырбыт математик дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт (аҕата сотору өлбүт), абаҕата Джордж Эверест диэн полковник, уһулуччулаах географ (кини аатынан аан дойду саамай улахан хайата ааттаммыта). 18 саастааҕар Лондоҥҥа консерваторияҕа үөрэнэ сылдьан Лили Сергей Степняк-Кравчинскэй диэн нуучча эмигрант-суруйааччытын кытта билсибит, уонна Арассыыйаннан үлуһүйбүт. Воронеж губерниятыгар гувернантканан үлэлии барбыт, онно хаһаайыттарын кытта сатаспатах, ол эрээри таптыыр дойдутугар өссө балтараа сыл олорбут, өрөбөлүүссүйэни тэрийээччи эдэр дьону кытта булсубут (народоволец И. Попов подпольнай куруһуоктар активистарын "англичанка Лили Буль" диэни ахтар). 1889 с. дьиэтигэр төннөр, "Нуучча көҥүлүн доҕотторун уопсастыбатыгар", эмиграаннар ыраахтааҕыны утарар хаһыаттарыгар үлэлиир. Арассыыйаттан күрээбиттэргэ көөлөһөр, пропагандисткай литератуураны ыытарга көмөлөһөр.

Мхаил Войнич
Билэ:Sergei Kravchinski.jpg
Сергей Кравчинскай

Суруйааччы Степняк - ол саҕанааҕы "тиранияны утарар" сэриилэргэ барыларыгар кыттыбыт, Петребурга жандармнар тойоннорун Мезенцевы быһаҕынан анньан өлөрбүт киһи эбит. Лилины "Булочка" диэн ааттыыр эбит. Лили Степняк табаарыһыгар Михаил-Вильфрид Войнич диэн поляк-белорус төрдүлээх киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. 1895 с. Степняк алҕас поездка киирэн биэрэн өлөн хаалар. Бу кэмҥэ Войнич "Оводун" суруйа сылдьар. Роман 1897 с. тахсар. Билигин бу кинигэ уопсай тирааһа 10 мөл. тахса экз. буолбут, элбэх тылынан тылбаастаммыт, хаста да киинэ быһыыытынан уһуллубут. Роман Италияҕа буолар дьайыылары көрдөрөр эрээри, сүрүн дьоруойугар Степняк уонна Войнич ойууланаллара таайыллар.

Михаил Войнич Англияҕа олорон антикварнай лааппы арыйар. Байар. Ол да буоллар өрөбөлүүссүйэннэн үлүһүйүүтүн бырахпат, лааппытыгар дьон кистээн көрсөр сирин (явка) оҥорор, харчынан көмөлөһөр. Англия спецсулууспалара Арассыыйа дьыалатыгар соччо орооспоттор, ол гынан баран бэйэлэрин киһилэрин ол куруукка киллэрэллэр. Бу киһиннэн Войнич маҕаһыынын бирикээсчигэ, эмиэ Арассыыйаттан төрүттээх киһи, Зигмунд Розенблюм буолар. Бу Розенблюм кэлин Сидней Рейли аатынан биллибит спецсулууспалар агеннара, Джеймс Бонд прототиибэ буолбут киһи.

Михаил Войнич устуоруйаҕа биллибит киһи. Кини аатын кытта өссө биир түгэн сибээстээх. Бу баччааҥҥа диэри ааҕылла илик Мондрагон рукопиһа - Войнич манускриибэ. Бу дөкүмүөн 200 илиинэн суруллубут бииргэ тигиллибит пергамен лиистэрэ. Таһа суох. Биллибэт тылынан биллибэт бэлиэлэринэн чэриниилэннэн көтөр куорсунунан суруллубут, ымпыктаан-чымпыктаан оҥоһуллубут уруһуйдардаах. Ойууларынан кинигэни алта салааҕа араараллар: "ботаника салаата" (үүнээйи ойуулардаах); "астрология салаата" (зодиак сулус бөлөхтөрө ойууламмыт); "биология салаата" (киһи уонна дьикти механизмнар ойуулара); "космология салаата" (биллибэт бэлиэлэр, сабаҕалааһынан Вселеннайга буолар дьайыылары ойуулуур); "фармацевтика салаата" (медицинэҕэ туттуллар иһиттэр ойууламмытар); "рецепт салаата" (кылгас суруктар, баҕар эмтэр рецептара буолуон сөп). Барыллааһынынан рукопиһы 1450 уоона 1520 сыллар ыккардыларыгар суруйбуттар.

Бу дөкүмүөн туһунан элбэх чинчийиилэр тахсыбыттара. Саамай баһыйар барылынан манускриип - былыргы медицина учебнига. Атын экзотическай барыллар эмиэ бааллар - холобур, "эндура" быһаарар кинигэтэ (орто үйэ катардарын баҕа өттүнэн аччыктаан өлүүлэрэ).

Манускриибы Войнич бэйэтэ онорбут буолуон сөп. Эбэтэр орто үйэҕэ ким эрэ оҥортобут буолуон сөп, холобур ханнык эмит баай быраас - пациеннарыгар көрдөрөөрү.

1920 сыллаахха кэргэнниилэр АХШ-ка көспүттэр. 1930 с. М. Войнич өлбүт. Этель Лилиан Войнич 1960 с. өлбүт. Рукопись Йель университетын (Yale University in New Haven, Conn. USA) бибилитиэкэтигэр харалла сытар.

Ылыллыбыт сирэ