Викрам Кумар
Викрам Кумар | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1976 |
Төрөөбүт сирэ | |
Дойду | |
Үлэтэ | урбаанньыт |
Викрам Шил Кумар (Нью-Йорк, менеджер, Dimagi хампаанньаны тэрийээччи уонна салайааччы , о.д.а. технология уонна медицина хампаанньаларын[1][2][3][4].
Биографията
Викрам Кумар АХШ-ка Джеймстауҥҥа (штат Нью-Йорк) индийскэй-эмэрикээнскэй дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт[5]. Аҕата - нейрохирург, АХШ-ка үчүгэй практикаттан аккаастанан Индияҕа балыыһа тутаары төннүбүт[4][5].
Уон сааһыгар Индияҕа төннөн баранНью-Дели аныгылыы оскуолатыгар үөрэммит. Индия технология институутун бүтэрэн, инженер идэтин ылбыта, бырагырааммалары суруйарга үөрэммитэ[1][4].
1995 сыллаахха, АХШ-ка төннөн, Колумбия үнүбүрсүтүөтүгэр үөрэнэ киирбитэ, 1999 сыллаахха бакалавр истиэпэнин ылбыта[4][6][7].
Ол кэннэ Гаарвард үнүбүрсүтүөтүн уонна Массачусетс технология институутун холбоһун подразделенияларыгар медицина науукаларын уонна технологияларын уобалаһыгар үөрэммитэ[1][4][6][7].
2002 сыллаахха MIT Media Lab үөрэнэ сылдьан Вишванат Анантраманы (ааҥл. Vishwanath Anantraman) уонна Тарьей Миккельсены (ааҥл. Tarjei Mikkelsen) кытта Dimagi бырайыагы тэрийбит[6][7][8].
2004 сылга DiaBetNet диэн туттарга табыгастаах прибуору оҥорбут, бу прибуор оонньуу фуорматынан саахар диабетынан ыалдьар оҕолору хааннарыгар баар саахардарын таһымын кэмнэнэллэригэр көмөлөһөр (сөпкө таайбыт таһым иһин глюкоза нагараадалаах)[1][3][4][9].
2007 сыллаахха ординатуураны бүтэрбит уонна салгыы Brigham and Women’s Hospital-гэ үлэлиир, бэйэтин бырайыактарынан дьарыктанар[4][5][7].
Тус олоҕо
Бостоҥҥа (Массачусетст, АХШ) олорор[10]. 2004 сылга кыбартыыратын аймахтарын кытта түҥэттэн олорбут, куорат устун билисипиэтинэн эбэтэр 20-чэ сыллааҕы Mercedes-н айанныыр[5].
Награадалар уонна премиялар
2004 сыллаахха Массачусет технология институутун 100 эдэр инноватордарын туоптарыгар киирбитэ[7][9].
2005 сыллаахха «Ten Outstanding Young Americans (TOYA)» бириэмийэни ылбыта[10].
2012 сыллаахха Dimagi тэрийсээччитин Джонатан Джексоны кытта [[Шваб түмэт урбаанын пуондата|Шваб түмэт урбаанын пуондатынан]] сыл түмэт урбаанньыттарынан биллэриллибиттэрэ[1][11].
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 Vikram Kumar(ааҥл.). Шваб түмэт урбаанын пуондата (2012). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Erika Jonietz. High-tech Humanitarian(ааҥл.). MIT Technology Review (30 September 2004 </noinclude>). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 3,0 3,1 3,2 Gwen Outen, Gary Garriott. Handheld Medical Computers(ааҥл.). VOA (14 November 2004 </noinclude>). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 4,0 4,1 4,2 4,3 4,4 4,5 4,6 4,7 Vikram Kumar(ааҥл.). Nature Publishing Group (2007). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015. (копия).
- ↑ 5,0 5,1 5,2 5,3 5,4 It Works: Rural Health-Care Tech(ааҥл.). Wired (Associated Press) (23 October 2014 </noinclude>). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 6,0 6,1 6,2 Naomi Grossman. Dimagi seeks to better health care in Third World(ааҥл.). IndUS Business Journal (1 January 2005 </noinclude>). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Всемирный экономический форум. Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Jessica Shambora. The health-care cure: Your cell phone(ааҥл.). Fortune (30 December 2008 </noinclude>). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 9,0 9,1 Marc Kristal. Vikram Sheel Kumar: Software Design(ааҥл.). Metropolis (January 2006 </noinclude>). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 10,0 10,1 Dr Vikram Kumar(ааҥл.) (2005). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
- ↑ Jonathan Jackson(ааҥл.). Шваб түмэт урбаанын пуондата (2012). Тургутулунна 29 Ыам ыйын 2015.
Сигэлэр
- Профиль на сайте Dimagi: vikram.
- Публикации: