Викрам Акула

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Викрам Акула
ааҥл. Vikram Akula
Vikram Akula at the India Economic Summit 2008 cropped.jpg
Төрөөбүт күнэ около 1968
Төрөөбүт сирэ
Үлэтэ урбаанньыт
Наҕараадалар уонна бириэмийэ
Ситим-сир vikramakula.com

Викрам Акула — SKS Microfinance микро үбүлээһин хампаанньатын тэрийээччите уонна урукку салайааччыта. SKS Microfinance соруга - дьадаҥы индия дьахталларыгар микро заайым уонна страхование биэрэн дьадаҥы буолуу таһымын түһэрии.

Олоҕо

Викрам аҕата, Акула В. Кришна — хирург, дьиэ кэргэнин кытта Скенектадига (штат Нью-Йорк) эмиграциялаабыта[1]. Викрам оскуоланы 1986 сыллаахха бүтэрэн баран, Тафтс үнүбүрсүтүөтүгэр үөрэммит. 1990 сыллаахха үнүбүрсүтүөтү туйгуннук үөрэнэн бүтэрэн, философияҕа уонна англиийскай тылга икки үөрэхтэммит[2]. Ол кэннэ Акула аан дойду сыһыаннарыгар магиистир истиэпэнин ылаары Йель үнүбүрсүтүөтүгэр үөрэммитэ.

1994-1995 сылларга Индияҕа микро үбүлээһин бырайыагар Фулбрайт бырагыраамма граанын ылбыта. 2004 сыллаахха Викрам Акула Чикаго үнүбүрсүтүөтүгэр политологияҕа дуоктар истиэпэнин ылбыта][3].

Карьерата

1990 сыллаахха Тафтс үнүбүрсүтүөтүн бүтэрэн баран, Акула Индияҕа төннүбүтэ уонна Deccan Development Society кыра тыа сирин кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэтин кытта үлэлэспитэ. Ол кэннэ Вашингтоҥҥа (Колумбия уокуруга) Аан дойдуну кэтээһин институутугар үлэлээбитэ, дьадайыы уонна тирэхтээх экэниэмикэ сайдыытын туһунан ыстатыйалары суруйбута. Deccan Development Society кытта үлэлэһэр кэмигэр Акула кэммиэрсийэтэ суох микро үбүлээһин кэмчи кыахтардааҕын бэлиэтии көрөн, ырыынактыы сыһыаны киллэриини туһунан эппитэ[4]. Бу кыһалҕаҕа бэйэтин көрүүлэрин A Fistful of Rice: My Unexpected Quest to End Poverty Through Profitability диэн кинигэҕэ сиһилии суруйбута, кинигэтэ 2010 сыллаахха Harvard Business Press бэчээттэммитэ[5][6].

SKS Microfinance

1996 сыллаахха Викрам Акула Фулбрайт грааныгар бырайыагын бүтэрэн, Чикаго үнүбүрсүтүөтүгэр политологияҕа дуоктар истиэпэнин ылаары киирбитэ. Онно кэммиэрсийэтэ суох микро үбүлээһин хампаанньаларыгар анаан биизинэс-былаан оҥорбута, 1997 сыллаахха ахсынньыга Акула Индияҕа төннөн, биизинэс-былаанын олоххо киллэрээри SKS (Swayam Krishi Sangam) тэрийбитэ. Бастааҥҥытынан кэммиэрсийэтэ суох тэриллэн баран, 2005 сыллаахха SKS Microfinance кэммиэрсийэлээх тэрилтэ буолбута[3].

2010 сыл атырдьах ыйын ортотугар SKS Microfinance бэйэтин аакцияларын Мумбат пуонда бииржатыгар туруорбута, акцияларыгар наадыйыы атыыга таһаарыыттан 14 төгүл үрдүк буолбута, онон хампаанньа Джордж Сорос курдук тирэх буолуох инвестордаммыта[7][8].

сэтинньи 23 күнүгэр Акула бэрэссэдээтэл уонна 2014 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр промоутер дуоһунастарыттан уурайбыта[9].

Сабыдыал

SKS тэриллиитигэр Акуланы Нобель бириэмийэтин лауреаата уонна Бангладешка аан дойдуга бастакы микро үбүлээһин баанын Grameen Bank тэрийээччитэ Мухаммад Юнус үлэтэ көҕүлээбитэ[10].

Наградаалара

  • Time сурунаал 2006 сыллаах версиятынан сыл 100 кыахтаах уонна сабыдыаллаах дьон ахсааныгар киирбитэ[11]
  • Индияҕа 2006 сыл түмэт урбаанньыта[12]
  • Ernst & Young (Start-up, 2006) версиятынан Индияҕа сыл урбаанньыта[13]
  • Ernst & Young (Business Transformation, 2009) версиятынан Индияҕа сыл урбаанньыта[14]
  • India Today версиятынан «Индия 50 кыахтаах дьонуттан» биирдэстэрэ (2009)[15]
  • Forbes сурунаал версиятынан «Сыл киһитэ» номинация (2009)[16]
  • World Economic Forum’s Young Global Leader award, 2008[17]
  • Echoing Green Poverty Alleviation Economic Development — 1998 Fellow[18]
  • Real Wealth Creators for the Communities категорияҕа Karmaveer Puraskaar , 2006—2007[19]

Быһаарыылар

  1. Asha Chopra. NRI named TIME 100: The People Who Shape Our World(ааҥл.). NRI Entrepreneurs (1 мая 2006). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  2. Alumni Hall of Fame Honorees, Niskayuna CSD, Niskayuna, NY(ааҥл.). Niskayuna. Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  3. Echoing Green. Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  4. Vikram Akula, A90(ааҥл.). The Fletcher School, Tufts University. Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  5. Vikram Akula(ааҥл.). India Development Service. Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  6. Book. Vikramakula.com. Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  7. Ruth David. SKS Microfinance Shares Jump in Mumbai Trading Debut(ааҥл.). Bloomberg Business (16 августа 2010). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  8. The Hindu (2 августа 2010). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  9. The Times of India (3 мая 2014). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  10. Megha Bahree. A Big Split Over Microfinance(ааҥл.). Forbes (10 января 2010). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  11. Time. conserveicontent.time.com/time/specials/packages/article/0,28804,1975813_1976769_1976772,00.html. Retrieved on 2015-05-01. 
  12. Akula named Social Entrepreneur(ааҥл.). The Tribune (27 November 2006 </noinclude>). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  13. Entrepreneur of the Year 2011: Start-up companies - Ernst & Young - India. Ernst & Young. Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  14. Anand Mahindra wins E&Y 'Entrepreneur of the Year' award 2009(ааҥл.). Business Standard (17 February 2010 </noinclude>). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  15. S. Prasannarajan. Power Pyramid(ааҥл.). India Today (26 March 2007 </noinclude>). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  16. Shloka Nath. The TightRope Walker(ааҥл.). Forbes (19 December 2009 </noinclude>). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  17. World Economic Forum - Vikram K. Akula. World Economic Forum. Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  18. Vikram Akula - 1998 Fellow. Echoing Green. Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  19. Awardees - By Category(ааҥл.). Karmaveer Puraskaar. Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.