Вертолет киинэ кэнниттэн санаалар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

«Вертолет» киинэ кэнниттэн санаалар

Саха эстрадатын ырыаhыта Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй сценарийынан уhуллубут «Вертолет» диэн киинэни көрдум. Лэгэнтэй бэйэтэ Дьааны улууhуттан төруттээх буолан, хоту сир сүрүн проблематын таарыйбыт. Ол- айан суола, транспорт. Киинэни режиссер Михаил Лукаческай уhулбут.

Хоту сир айылҕата тыйыс, ыраах, киэҥ сирдэри тайаан сытар хайалаах, үгүс күөллээх, өрустээх, уулаах-хаардаах тымныы дойду буолан, суол-иис оҥорорго уустук. Манна түн былыргыттан олохтоох омуктар, сахалар, эбээннэр, эбэнкилэр сүөhү, сылгы, таба иитэн, балыктаан, бултаан олороллор. Сэбиэскэй кэм саҕана дойдуну балыгынан, күндү түүлээҕинэн хааччыйан олорбуттара. Дьонум кэпсииллэринэн, ол 60-80-с сылларга хоту сир мунутуурдук сайдан олорбут кэмнэрэ эбит. Уларыта тутуу сыллара кэлэннэр, дойдуга ыhыллыы-тоҕуллуу 90-с, 2000 сыллар саҥаларыгар саҕаламмыт. Олохтоохтор урукку курдук аhынан-таҥаhынан хааччыллан олорбуттара мөлтөөбүт. Онон, дьон-сэргэ кииҥ сиргэ көспүт. Арай хоту сир олохтоохторо, ордук саастаах дьон дойдуларын таптаан, билигин да улэлии-хамсыы олороллор.

Мин хоту сир биир кыра бөhүөлэгэр төрөөбүт, улааппыт буоламмын киинэни чугастык ылынным. Ордук саас, күhүн айан суола сабыллар. Үрэхтэр, күөллэр уунан туолаллар. Оттон кыhалҕа тирээтэҕинэ, бу киинэ курдук оҕо ыарыйдаҕына олоҕу быыhыыр биир саамай наадалаах көлө бөртөлүөт буолар. «Санавиация» эрэ быыhыыр туруга үөскүүр. Сороҕор ол кыаллыбат. Вертолет кэлэн биэрбэт, оччоҕо аллараанан айанныырга тиийэҕин. Ирэн, устаары турар өрүhү туораабыттарын, эбэтэр хас эмэ суукка араас көлөнөн айанныылларын мин бэркэ билэбин. Онно мин аҕам курдук хорсун-хоодуот уолаттар эрэ быыhыыллар. Кинилэр хас биирдии үрэҕи, быhыыны өндөппөккө билэллэрэ наада, эрэйдээх айаны тулуйар бураннара, мотуордара, вездеходтара суох ол кыаллыбат. Итинник сырыыга хоту дойду дьоно бэйэ бэйэлэригэр көмөлөhөн олороллор. Хомойуох иhин, оннук айаннарга сороҕор киhи да олоҕо былдьанара да тахсааччы. Аны оҕо, кырдьаҕас, ыалдьыбыт киhи аллараа сиринэн айаны тулуйара, биллэн турар, ыарахан. Кэнники сылларга олох сайдан, аныгы техника элбээн эрэр. Араас оҥоhуулаах квадроциклар, вездеходтар да хоту дьон олоҕун тупсараллар. Ол эрээри ол элбэх бензини, ороскуоту эрэйэр.

Киэн Россия уhук хоту олохтоохтору сир-халлаан икки ардыгар хаалларбакка кыра авиацияны сайыннарара хайаан да наада. Бу киинэ ону толкуйдатар, улахан кыhалҕаны аhаҕастык туруорар.