Васильев Виталий
Бу ыстатыйаҕа төрүттэргэ сигэниитэ тиийбэт. |
Өссө маны көр
Виталий Васильев — ыстаҥаҕа, куобахха өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх абсолютнай чөмпүйүөнэ.
Олоҕун олуктара
1983 с. Ньурбаҕа төрөөбүтэ. Ньурба орто оскуолатын, СГУ физкультурнай институтун бүтэрэн, билигин преподавателинэн үлэлиир. Виталий бастакы тренерэ Чумпуров Г. Д, СГУ-га үөрэнэр кэмигэр Прокопьев А. Т, билигин норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарыгар В. В. Соковка эрчиллэр.
Спортка ситиһиилэрэ
- Сахалыы ыстаныыларга Россия спордун маастара. Куобахха өрөспүүбүлүкэ рекордсмена — 40 м 71 см (2008 с).
- 2000 с. ыытыллыбыт «Аҕия оҕолоро» оонньууга куобахха бастаабыта. Хандыгаҕа ыытыллыбыт Саха Сирин норуоттарын III спортивнай оонньууларын үстэ ыстаныыга чемпиона.
- 2005 с. Майаҕа ыытыллыбыт Манчаары оонньууларын спартакиадатыгар «УАЗ» массыына хаһаайына буолбута.
- 2008 с. (Москва) Россияҕа куобахха бастакы, троеборьеҕа үһүс миэстэни ылары ситиспитэ (132 м 82 см).