Варгасов Михаил Иванович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Варгасов Михаил Иванович (1895 – биллибэт) - Саха сиригэр Гражданскай сэрии кыттыылааҕа Урүҥ аармыйа подполковнига.

1895 сыллаахха Акмолинскай уобалас (Казахстан) Петропавловскай куоратыгар төрөөбүт. Кэргэннээх эбит. Рабочайдартан төрүттээх. Ыраахтааҕы армиятыгар подпоручик, Үрүҥ Армияҕа – подполковник.

Подполковник М.И. Варгасов 1922-23 сылларга Пепеляев генерал дружинатыгар холбоһон Саха сиригэр кэлбитэ. Амма Солобуодатын ылан баран Пепеляев Варгасовы Амма уонна Чурапчы икки ардыларынан ыыппыта. Варгасов сахалар кыра партизанскай этэрээттэрин хомуйан 110 саллааттаах батальон тэрийбитэ. Кини этэрээтин соруга диэн Чурапчытааҕы Курашов этэрээтэ Ракитин уонна Пепеляев этэрээттэригэр кэтэхтэриттэн саба түспэтин хааччыйыы этэ. Варгасов этэрээтэ төһө да сотору кэминэн ыһыллан хааллар бу сорудаҕы маҥнай утаа үчүгэйдик толорбута.

Пепеляев Читааҕа 5-с Армия трибуналыгар сууттанарыгар 29 саастааҕа.

Варгасов кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт[1].

Быһаарыылар

  1. Саха чаҕылхай уолаттара. Ылдьаа Колосов. Ааптар манна сигэнэр: Борьба за установление и упрочение Советской власти в Якутии. Документы и материалы. Часть 2, книга 2, с. 300-315, Якутск, 1962