Вали-хан
Вали-хан | |
---|---|
каз. Уәли хан | |
| |
Орто жуз Хаана
|
|
1781 — 1819 | |
Предшественник | Абылай-хаан |
Преемник | Губайдулла-хаан |
|
|
Төрөөбүтэ | 1741 |
Өлбүтэ | 1819 |
Ууһа | чингизиды торе |
Аҕата | Абылай-хаан |
Ийэтэ | Сайман-Ханым |
Оҕолоро | сыновья: Губайдулла-хаан, Габбас, Чингиз |
Итэҕэлгэ сыһыана | ислаам суннит көрүҥэ |
Военная служба | |
Звание | Главнокомандующий Среднего жуза |
Уали-хан (султан Вали Бахадур, Вали) (1741-1819) — Орто жуз (казахтар уустарын холбоһуга) (1781-1819) хаана, Абылай хаан, иккис ойоҕо каракалпачка Сайман-Ханымтан улахан уола.
Биография
Султан Уали аҕатын Джунгариятааҕы похуоттарыгар кыттыбыта. 1769 с. Кытайга ыытыллыбыт казаах посольствотын салайбыта. 1781 с. атырдьах ыйыгар, аҕата Абылай хан өлбүтүгэр, кини кэриэһинэн, норуот мунньаҕа Орто жуз саҥа ханынан улахан уолун Уали ханы талбыта. Кини, Орто жуз ханынан талыллыбытын билинэллэригэр көрдөһөн, ол туһунан Петербурга уонна Кытайга биллэрбитэ.
1782 с.тохсунньу ый саҥатыгар, Цин императора кинини ханынан билиммитэ, онтон олунньу 23 күнүгэр, Орто жуз ханынан, анал суругунан Нуучча ыраахтааҕыта бигэргэппитэ. Ити сыл, сэтинньи 1 күнүгэр, Сибэтиэй Петр кириэппэһигэр, Иркутскай уонна Колывановскай генерал-губернатора И.В.Якоби баарыгар, султаннар уонна бийдар Орто жуз ханынан ааттаабыттара[1].
Уали-ханы баай казаахтар уонна нэһилиэнньэ өйөбөт этэ. 1780 с. тортул уонна каракесек уустарын казаахтара султан Барак уолун Даир(1781-1784) ханы, бэйэлэрин ханынан талбыттара. Элбэх султаннар уонна бийдэр, Уали-хан былааһын билиммэттэр этэ. Ол иһин, кини Кытай уонна Нуучча сирин өйөбүлүгэр тирэнэрэ. 1795 с.кыраныысса аттыгар олорор казаахтар(2 султан, 19 уус чаччыыналарауонна 120000 ахсааннаах киһи), Уали-хан батталыттан босхолоон Иртыш өрүс уҥа биэрэгэр олохсутарыгар көрдөһөн, Арассыыйа императрицата Екатерина ll сурук суруйбуттара.
Ыраахтааҕы бырабыыталыстыбата Уали-ханы былааһыгар хаалларан туран, нэһилиэнньэни кытта сыһыанын тупсара сатаабыта.
1800 с. Уали-хан, бөрөстүөлүн сүтэрбэт туһугар, Кытай императорын, хан бөрөстүөлүн уолун Габбас аатыгар аныырын өйүүрүгэр көрдөспүтэ.1815 с.нуучча кыраныыссатын салалтата Орто жуз саҥа ханынан, Уали-ханы кытта бииргэ салайалларыгар, Дайр кыра быраатын Бокейы(1815-1817 ) анаабыта. Кини өлбүтүн кэннэ, хан былааһа, ыраахтааҕы былааһын салалтатынан суох оҥоһуллубута. Онтон, "Сибиир киргиистэрин туһунан Устаап" ылыллыбытын кэннэ,Уали-хан сирдэрин уолаттара үллэстибиттэрэ. Боровой күөлгэ баар хан олоҕо - улахан уолугар түбэспитэ. Уали-хан өлбүтүн кэннэ, кылаан баһылыгынан кини ойоҕо Айганым(1783-1853 буолбута.
Дьиэ кэргэн
Уали-хан икки ойоҕуттан 14 уоллааҕа: улахан ойоҕуттан - биэс, кыра ойоҕуттан Айганымтан - тоҕус: Абулмамбет, Шынгыс, Хамза, Бегалы, Аблай, Шеген, Торежан, Габбас, Джучи,Тауке, Канкожа, Али, Губайдулла, Есим.
Тас политика
Уали-хан, аҕатын Аблай хан дьыалатын салгыы ыыппыта,ол курдук посольствотын Цинскай Кытайга 1782, 1787, 1791, 1795, 1803, 1809 сс., оттон, ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа:1781, 1784, 1787, 1798 сс.ыыталаабыта.
Быһаарыылар
- ↑ Ерофеева И.В. Символы казахской государственности (позднее средневековье и новое время) / под ред. Т.И. Султанова. — Алматы: Аркаим, 2001. — С. 129. — 152 с. — ISBN 9965-603-00-6