Б.э.и. 331
- Алтынньы 1 — Александр Македонскай Персия ыраахтааҕытын Дарий III сэриитин быһаарыылаах Гавгамела кыргыһыытыгар кыайбыт. Кыргыһыы байыаннай ускуустуба уһулуччулаах холобурдарыттан биирдэстэрэ. Бу кыргыһыы кэнниттэн ол саҕанааҕы аан дойду дьонун ахсаанын аҥаарын баһылаан олорбут Ахеменидтар судаарыстыбалара (билиҥҥи Греция, Ливия, Эгиипэт, Хапхаас, Сиирийэ, Ииндийэ уо.д.а. сирдэринэн тайаан сыппыт) ыһыллыбыта.