Бөрө (түүр өйдөбүлэ)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бөрө түүрдэргэ суолтатабөрө түүр омуктар олорор сирдэригэр барытыгар баар буолан былыр-былыргыттан култуураларын сорҕото буола сылдьар.

Бөрө – түүр омуктарыгар көҥүл буолуу сүрүн бэлиэтэ. Бөрө ханнык да үөрэтиигэ, уһуйууга, эрчийиигэ бэриммэт. Бөрө – сомоҕолоһуу бэлиэтэ, үөрүнэн сылдьар. Бөрө тобоҕунан, сытыйбытынан аһаабат, ол аата ыраас, чэбэр буолуу бэлиэтэ. Бөрө охсуһууга кыайыар эбэтэр өлөн охтуор диэри киирсэр, чаҕыйбат быһыы, толлубат буолуу бэлиэтэ. Бөрө үйэтин тухары биир тыһылаах буолар, эрэллээх буолуу бэлиэтэ. Бу бөрө майгытын сорҕото эрэ.


Бөрө номохторго:

Башкирдарга номох кэпсииринэн, усерган аймаҕын сороҕо кэрэ дьүһүннээх бөрө кыыһы ойох ылбыт Башбуре (Баһылык бөрө) булчуттан сыдьааннаах. Кекбуре (Көҕөччөр бөрө) – урман-кудий башкир бииһин төрүтүнэн буолар.

Маҥан бөрө Х-XII үйэҕэ огуз-кыпчактар сүрүн тотемнарынан буолара. Татаар номоҕо кэпсиир:  биирдэ ойуурга муммут көс биис өстөөхтөр тоһуурдарыгар түбэспит. Онуоха бу бииһи араҥаччылыы сылдьар Маҥан бөрө кинилэри ойууртан тыыннаах таһаарбыт. Бу бөрө түүр омук биллэр дьоруойа– аарыма улахан Алып (Алпамыш) саҕа улаханнаах эбит.


Бөрөҕө сыһыан:

Түүр омуктар бөрөҕө ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара кинилэр бэлиэлэригэр уонна өс номохторугар көстөр. Татаардар бөрө улуйуута – эйэлээх уонна нус-хас олоҕу түстүүр дииллэр. Улахан ситиһиилэммит киһиэхэ – “бересе улый” (бөрөлүү улуйда) дииллэр. Татаар чинчийээччитэ  Иакинф Бичурин бигэргэтэринэн, кытайдар тюркюттары бөрөлөрүнэн ааттыыллар.

Бөрө бэлиэтэ:

Түүр омуктар былаахтарыгар бөрө тотемын элбэхтик көрүөххэ сөп. Холобурга, Ногайскай Орда былааҕа.