Бүрээттэр сахалар туһунан номохторо

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха диэн ааттаах норуот Байкал таһыгар олорбутун туһунан бүрээттэр Үөһээ Өлүөнэҕэ олохтоох эхирит диэн биистэрин эрэ номоҕор көрсүөххэ сөп. Онно кэпсэнэринэн 250 сыл анараа өттүгэр, Зулхэ-мурен (Өлүөнэ) өрүс хаҥас биэрэгэр саха норуота олорбут. Саха бухатыырдара кэлэн түһээн төлүүргэ модьуйаллара. Илдьит киһи ыытан, бу сиргэ бачча кэмҥэ туһээҥҥитин хаалларыҥ диэн ыгаллара.

Эхириттэр ортолоругар Эдэгэй диэн эдэр бухатыыр үөскээбит. Сэттэ сааһын туолан баран, түһээн төлөөн бүтүөххэ, аны кэлэн көрдөөтөхтөрүнэ мин кинилэри кытта сэриилэһэ барыам. Бүрээт норуота төгүрүк сэттэ сыл кинини көрдөспүт, туһата суох, син биир хотторор эрээри сэриини тэрийимэ диэн. Ол эрээри уон түөрт сааһын туолан баран, кырдьаҕастары олох истибэт буолбут. Онон дойдутун дьоно, туох кыахтааххын көрдөр диэн көрдөспүттэр. Ону истээт эдэр бухатыыр оҕун тардан баран, бастакы оҕун ытан баран, ону өссө үс оҕунан табан үс төгүл хайыппыт!

Ол эрээри оннооҕор буолуоҕу көрбүт кырдьаҕастар саха бухатыыра уонна ата киһи хотуппат куйаҕын кэтэ сылдьаллар диэн сэрэппиттэр. Эдэгэй саҥата суох оҕонньоттор этиилэрин истибит. Кырдьаҕастар оннук айыылаах киһини кытта хайдах киирсиэххиний диэн сэрэхидийбиттэр. Сахалартан сотору үс илдьит киһи кэлбитин, Эдэгэй иккитин өлөрбүт, үсүһүн илиитин-атаҕын тоһуппут уонна боотургар тиийэн эт, мин кинини кыргыһыы хонуутугар күүтэбин диэбит. Болдьоммут кэмҥэ икки сүүс аттаах киһилээх Эдэгэй саха бухатыыра Хүнтэ Хошошону кытта болдьоммут сиргэ көрсө тиийбит. Уҥа биэрэктэн икки сүүс аттаах абааһы бухатыыра (биһиэхэ айыы) өрүһү харбатан туораабыттар. Кинилэр бухатыырдара Хүнтэ Хошошо олус диэн уордайбыт: «Бу туох кыра уолу миигин кытары сэриилэһиннэрэ аҕаллыгыт? Мин кинини кымньаххайым биир кырыытынан охторуом!». Эдэгэй ону эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ, улахан айаххынан мээнэ саҥарыма диэбит.

Саха бухатыыра маҥнай оҕунан ыппытын, Эдэгэй иҥэһитинэн илгэн кэбиспит. Эдэгэй оҕо Хүнтэ Хошошо атын хаҥас хараҕар тиийэн õàтàíà түспүт, хаһаайына ата охторугар атын төбөтүн нөҥүө эһиллибит. Сууллан түһэригэр төбөтүн куйахатын сабар куйаҕа сирэйин саба түһэн кэбиспит, моонньо буоллаҕына аһыллан хаалбыт. Эдэгэй иккис оҕо онно тиийэн түһэн, саха бухатыырын өлөрбүт. Уолуйбут сахалар баһылыга суох хаалан үрүө-тараа куоппуттар, чугуйбуттар. Эдэгэй түһээнин төттөрү ылбыт, дьиэтигэр төннүбүт.

Эдэгэй бу 1940 сыллар диэки кэпсээбит киһи аҕатын сэттис көлүөнэҕэ өбүгэтэ эбит, дапсытын (эрхыбша) өргө диэри кэриэс оҥостон илдьэ сылдьыбыттар. Онон бу олох дьиҥнээх буолбут түбэлтэ 16-ыс үйэ бүтүүтүн диэки буолуон сөп эбит. Манан көрдөххө саха диэн ааттанар дьон Байкал таһыгар төрүт былыр курыканнар саҕана буолбакка, нуучча кэлиэн эрэ иннинэ олорбут буолан тахсаллар.