Бэс сутуката

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс сутукатабэс мас хатырыгын анныгар баар субата. Былыр сахалар бэс сутукатын хатаран, мэлийэн, үөрэҕэ, хааһыга булкуйан сииллэрэ.

Бэс сутукатыгар элбэх туһалаах флавоноидтар бааллар. Кинилэр тымыры бөҕөргөтөллөр, сыынга ыарыынан ыалдьыбат.

Хомуйуу

Бэс ыйын саҥатыгар, от-мас тыллан, ууну оборон, сымнаан турар, үүнэр-уһуур кэмигэр хомуллара ордук туһалаах. Бэс хатырыгын хастаатахха, сырдык өҥнөөх, сымнаҕас суба баар буолар. Ол – сутука. Хатырыгын хастаан баран, ону быһаҕынан сэрэнэн хастаан ылыллар. Маһын бааһырдыллыбат.

Сутуканы сиикэйдии да ылан ыас курдук ыстыахха сөп. Оттон буһардахха, үллэн тахсар, сымныыр, ону сиэххэ сөп. Маннык буспут сутуканы хатаран, мэлийэн баран, бурдук оҥорон, лэппиэскэ оҥоруохха, хааһыга да кутуохха сөп. Килиэп оҥорорго атын бурдугу (сэлиэһинэй, оруос, уо.д.а) кытта булкуйар ордуга буолуо.

Бэс сутукатыттан миин

Саҥардыы хастаммыт сутука – 300 гр., уу – 2 л, үүт – 1 ыстакаан.

Сутуканы ууга уган, буһарабыт. Оргуйбутун кэннэ, уута хараҥа өҥнөнөр, ону тоҕобут. Сутуканы ыраас уунан сууйабыт, кырбыыбыт уонна иккиһин оргута уурабыт. Оргуйбутун кэннэ үүт кутан баран, тэптэрэ түһэбит.

Маннык миин ордук саас – киһи мөлтүүр, битэмииннэрэ тиийбэт кэмигэр олус туһалаах.

Сутукалаах лэппиэскэ

Бэс сутукатын маннык бэлэмнииллэр: хастаан баран, оһоххо (аныгы кэмэҥэ духуопкаҕа) хатараллар. Ол кэнниттэн мөлтөх уокка арыыга ыһаарылыыллар, хатаран, илдьиритэн, бурдук оҥороллор (блендергэ, кофемолкаҕа). Олус күүскэ ыһаарылаатахха, аһыы амтаннанар. Ити хатарар, ыһаарылыыр кэмҥэ сымалата, аһыы амтана тахсар, онон кэлин аска туттарга быдан ньулуун, минньигэс амтаннанар.

Килиэп оҥорорго 1 ыстакаан сутукаттан бурдугу, 1 ыстакаан сэлиэһинэй эбэтэр оруос бурдугун (тэҥ тэҥҥэ) ылан, лэппиэскэни буһарар курдук, буһарабыт. Ол эбэтэр суоракка туус, сымыыт, суода, саахар кутан баран, бурдугу кутан, мэһийэбит. Килиэп оҥорор буоллахха, доруоһалаан оҥоруохха сөп. Бэс сутукатын бурдугун чааһын (үс гыммыт биирэ) кыччатыахха эмиэ сөп, ким хайдах сөбүлүүрүнэн.