Бэйэҕэ тиийинии элбээтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

иитии, үөрэтии хайысхата сыыһатын биллэрэр.

Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлөр дьону мөлтөх майгылаах, олох иһин охсуһууга кыаттарбыт, барар-кэлэр сирдэрэ бүөлэммит, ыарахан кэмҥэ кыайан сөптөөх быһаарыыны ылыммат буола буорайбыт дьонунан ааҕаллара. Бэйэҕэ тиийиниини киһи бэйэтин олоҕор оҥорор саамай ыар буруйунан, саҥаны айыытынан билинэллэрэ. Бу дьон кэлэр көлүөнэлэрин туһугар ханнык да ыллыктаах санаалара суох дьон диэн этэллэрэ, ол барыта бэйэҕэ тиийинии кэлэр көлүөнэ дьон өйүгэр-санаатыгар олус куһаҕаннык дьайарыгар олоҕурар.

Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт киһи өйө-санаата куһаҕан, өлөр санаанан туолан, бу киһи кута ыараан, Үөһээ дойдуга кыайан көппөт буолан, үөр буолар дьылҕаланара биллэр. Үөр буолбут киһи кута бэйэтин аймахтарыгар, чугас дьонугар илэ да эбэтэр түүллэригэр киирэн элбэхтик куһаҕан көрүҥүнэн көстөн, дьонун санааларын элбэхтэ түһэрэн, олохторун буортулуон сөп дииллэр. Бу быһаарыы түүлү көрүүнэн эмиэ дакаастанар. Түүлгэ куһаҕан көрүҥнээх киһи көстүүтэ туох эрэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыы кэлэн иһэрин бэлиэтиир көстүү буолар.

Сахалар олохторун үөрэҕэр «Олох иһин охсуһуу» диэн өйдөбүл баар. Бэйэҕэ тиийинии, эдэр эрдэххэ өлүү киһи бэйэтэ олох ыараханын тулуйбакка олохтон туораан биэриитэ, олох ыарахаттарыгар бэриниитэ буолар. Бэриммит киһи олох иһин охсуһарын тохтотор. Элбэх кэпсээннэргэ киһи бэйэтин тулуурунан, дьулуурунан өлүүнү эмиэ кыайбыта кэпсэнэр. Киһи бэйэтин баҕа өттүнэн дьарыктанан, тулуурун сайыннаран, этин-сиинин эрчийэн олоҕун уһунун төһө баҕарар уһатыан сөбүн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттара ыраатта.

Оҕону аһара көрөн-истэн, маанылаан, атаахтатан иитии өйө-санаата тиэрэ баран, олох ыарахаттарын тулуйбат буолуутун үөскэтэр. Маннык иитиилээх оҕолор туохтара-эмэлэрэ тиийбэтэҕинэ өлөллөрүнэн куттаан эбэтэр «Тоҕо төрөппүккүнүй?»- диэн ыган бардахтарына барыта бэлэмҥэ үөрэппит төрөппүттэр чахчы ыксыыллар. Атаах оҕолор саҥа соппуоска ылбатыгыт диэн куттаан балконтан ыстанан кэбиһэр түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар. Оҕону атаах гына иитии кини олоҕун сыаналаабат, атын ким эрэ, төрөппүттэрин туһугар олорор курдук сананыытын үөскэтэр.

Арыгыһыт буолуу олох ыараханын тулуйбат буолуу биир көрүҥэр киирсэр. Арыыйда мөлтөх, киһиргэс майгылаах, тулуура соччо тиийбэт, сымнаҕас, чэпчэки олоххо үөрэммит оҕолор арыгыга түргэнник ыллараллар.

Өйү-санааны наркотигынан буккуйуу бу бэйэҕэ тиийиниигэ тэҥнэнэр быһыы буолар. Өй-санаа тулуура тиийбэтэҕинэ быстах, көтө сылдьар чэпчэки өйгө-санааҕа баһыттаран, наркоман буолууга ылларар.

Өйү-санааны Үөһээ дойдунан буккуйуу, айыы "үчүгэй" диэн сыыһа үөрэтии, дьону бэйэлэригэр тиийиниилэригэр, олох ыарахаттарыгар бэриниилэригэр ыҥырар, олус куһаҕан быһыы буолар. Өй-санаа киһи өллөҕүнэ арахсан, туспа баран Үөһээ дойдуга барыыта, айыы буолуута, көҥүл көтөн хаалыыта чахчы. Киһи өйө-санаата ол дойдуга бэйэтинэн сылдьыбат. Кут диэн тус-туспа үгэс буолбут өйдөр-санаалар холбоспуттара буолар. Киһи өлбүтүн кэнниттэн 40 хонугунан куттара барылара үрэллэн, тус-туспа арахсан, ыһыллаллар. Yөһээ дойдуга өй-санаа толору бэйэтинэн сылдьыбатын бэлиэтинэн түүлгэ көстөр дьон өйдөрө-санаалара аҥардас көстүүлэринэн уонна быстах-быстах бэлиэлэринэн эрэ биллэллэр.

Атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарыннаабат өй-санаа туста бөлөх, кут буолан бэйэтинэн уларыйбакка өр кэмҥэ сылдьыан сөп. Маны олус былыргы дьон түүлгэ көстүүлэрэ бигэргэтэр. Онтон атын дьон өйдөрүгэр-санааларыгар маарынныыр, биир тэҥ өрүттэр атын өйдөргө-санааларга холбоон, симэлийэн сүтэн хаалаллар. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата үөр буолан ыһыллаллар диэн сахалар этэллэр. Yөр буолуу диэн бытарыйыы, ыһыллыы аата.

Бэйэҕэ тиийинии диэн киһи этин-сиинин өлөрүнүүтэ, олус ыар саҥаны айыыта буолар. Быстах санааҕа баһыттарыы бэйэҕэ тиийиниигэ тириэрдэр. Өй-санаа туруга суох буолан олох ыарахаттарын тулуйбат, быстах санааҕа киирэн биэрэр. Быстах санааҕа баһыттарыы өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр куттала бэйэҕэ тиийинэр дьону тохтотуон сөп. Быстах санааҕа баһыттарыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэт.

Сахалар бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт киһини ахтыбакка, кистээн дьон сылдьыбат сирдэригэр хоруобугар умсары уган көмөллөрө. Ол барыта куһаҕан санаалаах өлбүт киһи оҥорбут хара айыытын хаалар дьон умналларын, аны хатылаабаттарын туһугар оҥоруллар быһыы буолар. Олус куһаҕан быһыыны оҥорбут киһи аата умнуллуохтаах. Аат умнулларын тэҥэ оҥорбут куһаҕан быһыыта эмиэ умнуллар. (1,42).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Киһи быһыыта. - Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005. - 92 с.