Буулка маска үүммэт

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Буулка маска үүммэт (нууч. Булки не растут на деревьях) — чааһынай үөрэхтээһин бырайыага, түмэт урбаан бириинсиптэринэн үлэлиир. 2011 сылтан саҕалаан Москубаҕа генераальнай дириэктэр Мария Иванова баһылыктаах үлэлиир. Оҕолорго уонна эрдэҕэс оҕолорго анаан идэҕэ хайысханы булуу куурустарын ыытар.

Остуоруйата

Бырайыак 2011 сыллаахха Нижний Новгород Н. А. Добролюбов аатынан судаарыстыбаннай лингвиистика үнүбүрсүтүөтүн бүтэрбит Мария Иванова салалтатынан үөскээбит. Ити иннэ Иванова чааөынай оҕо уһуйаанын тэрийиинэн дьарыктаммыта уонна кыра AdComm интэриниэккэ маркетинг агентствотын салайбыта[1].

Биизинэс-былаанын быһыытынан бырайыага икки тутуллаах: интер-көхтөөх онлайн-портал уонна маастар-кылаастары ыытар, оффлайн үлэлииргэр кыаҕы биэрэр партнердар хампаанньалара. Аһаҕас интэриниэт-саайт үөрэх тутулун интегратора, онно оҕо туохха үөрэниэн, ким буолуон баҕарарын эбэтэр тугу тутууга кыттыан баҕарарын уонна бэйэтин бириэмэтин туохха аныырын талыан сөп: учууталы кытта видео-уруоктар, биктэриинэ ыйытыыларыгар эппиэттэр, роботы хомуйуу, уруһуй о.д.а. Оффлайн өттүгэр оҕо, анал куурустарга кыттан, тэрилтэлэргэ стажировканы баран, бэйэтин ханнык эмэ идэҕэ тургутан көрүөн сөп. «Буулкалар мас үрдүгэр үүммэттэр» тэрилтэ аудиторията - 7-16 саастаах оҕолор уонна эдэр дьон төрөппүттэрин кытары, сүрүннээн дьиэлэригэр үөрэнэр оҕолор.

Бырайыак 2011 сыллаахха атырдьах ыйын 14 күнүгэр, тэрилтэ IpPro хампаанньа ыыппыт «Оранжерея проектов» стартаптар куонкурустарыгар кыайыытыттан саҕалаан, үлэлээбитэ[2].

Иванова урбаанньыттарга аналлаах тэрээһиннэргэ кыттыбыта, презентаациялары оҥорбута, сотору кэминэн биир санаалаахтарын кытта хамаанда тэриммитэ - саҕалыыр кэмигэр 16 киһилээх модельердарга аналлаах кууруһу хомуйбута. 2012 сыл күһүнүн диэки үөрэх бырагырааммата номнул 12 толору куурустаах этэ, ол быыһыгар режиссердар, актердар, хаартыскаҕа түһэрии, архитектуура уо.д.а. Тэрилтэ ЗИЛ Култууратын дыбарыаһыгар хостору арендалаабыта, 2013 сылга биэс кууруһу ыыппыта (хас биирдии куурус 10-15 дьарыктаах), үөрэнээччилэр 15-тии киһинэн бөлөхтөргө арахсыбыттара, дьарыктар нэдиэлэҕэ биирдэ буолаллара, биир дьарык сыаната 1000 солкуомай[3][4][5].

Хампаанньа оҥоһуллубут методикаларын лицензиялыыр, онлайн-технологиялары сайыннара, франшиза тэрийэр былааннаах[6].

Быһаарыылар

  1. Вадим Тихомиров. Естественный отбор. Беседуем с идеологом образовательного проекта для детей «Булки не растут на деревьях» Марией Ивановой. Маяк (14 Олунньу 2013 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2015.
  2. «Булки не растут на деревьях». Детско-взрослая образовательная среда в интернет и оффлайн. Forbes (11 Балаҕан ыйын 2011 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2015.
  3. Вера Тименчик, Наташа Афанасьева. Курсы «Булки не растут на деревьях». Большой город (15 Сэтинньи 2012 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2015.
  4. Комсомольская правда (21 Олунньу 2013 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2015.
  5. Надежда Маленко. Булки не растут на деревьях. МиниБанда (20 Бэс ыйын 2012 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2015.
  6. Ведомости (8 Олунньу 2013 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2015.

Сигэлэр