Бункер Рой
Бункер Рой | |
Bunker Roy | |
Төрөөбүт аата: |
Сандьит Рой |
---|---|
Дьарыга: |
түмэт урбаанньыта, менеджер, түмэт үлэһитэ, үөрэтээччи, спортсмен |
Төрөөбүт күнэ: |
1945 сыл атырдьах ыйын 2 күнэ (69 саастаах) |
Төрөөбүт сирэ: |
Бунпур, Арҕааҥҥы Бенгалия |
Дойдута: | |
Ойоҕо: | |
Бункер Рой Викискладка |
Сандьит Рой (англ. Sanjit Roy), ордук биллэр аата Бункер Рой[1] (англ. Bunker Roy; төр. 1945сыл атырдьах ыйын 2 к.) — Индия түмэт урбаанньыта, менеджер, түмэт үлэһитэ уонна үөрэтээччи; Barefoot College тэрийээччитэ[2][3]; спортсмен, 1965, 1968 уонна 1971 сыллаах сковш чемпионатын кыттыылааҕа[2][3][4][5].
2008 сыллаахха The Guardian эппитинэн Рой-профессор айылҕаны быыһыан сөптөөх 50 экологтартан биирдэстэрэ[2]. Time сурунаал 2010 сылга Ройу Аан Дойду 100 саамай ааттаах дьон тиһигэр кииллэрбитэ[2][6].
Олоҕо
Сандьит Рой 1945 сыллаахха атырдьах ыйын 2 күнүгэр Арҕаа Бенгалияҕа баар Бунпур куоракка баай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт[5][7][8].
1956-1962 сылларга Уттаракханд диэн Индия ыстаатын киинигэр баар The Doon School оскуолаҕа үөрэммитэ[2][3], 1962 сылтан 1967 сылга дылы Дели Университетын иһинэн баар St.Stephen’s College диэн колледжка үөрэммит[2][3][4].
Үчүгэй үөрэҕи ылан 1967 сыллаахха Индия биир провинциятын олохтоохторугар кудуктары (колодецтары) тутарга сананар[2][3][7].
Бункер Рой, 100 курааннаах оройуоннарга оҥоһуллубут кудуктары чинчийэн баран, 1972 сыллаахха Индиятааҕы Радьастаан кумах куйаарыгар баар Тилония диэн сиргэ (англ. Tilonia) The Social Work and Research Centre (SWRC) хампаанньаны тэрийэр (билигин Barefoot College диэн биллэр)[5][7][9].
Сотору буолан баран хампаанньа нүөлсүтүүнэн буолбакка тыа сирэ бэйэтэ бэйэтин хааччыйыытын уонна тирэхтээх буоларын туһугар дьарыктанар[7][9]. Рой тэрилтэтэ тыа дьонун эмчит, үөрэтээччи, инженер, дизайнер, тутааччы уонна тиис эмтээччитин үөрэҕэр үөрэтэр эбит[7][9].
1984 сыллаахха Индия саҥа салайааччыта Радьив Ганди Бункер Ройу Былааннааһын Хамыыһыйатыгар сүбэһит үлэтигэр ыҥырар. Бу үлэлии сылдьан Рой чааһынай тэрилтэлэргэ анаммыт «быһыы-майгы сиэрин» оҥорорго сүбэлиир[10]. Ону таһынан кини бырабыытылстыба, салайааччылар эбэтэр баартыйалар араҥаччылыыр өҥнөөх бөлөхтөрү үөһээ таһаарар көҕүлээһиннэри утары буолар[10].
2010 сыллаахха Time этэринэн Рой 3 млн тахса киһини күн күүһүгэр сыһыаннаах инженер, үөрэтээччи, акушерка, тигээччи уонна эмчит үөрэҕэр үөрэттэрбит[6].
2011 сыллаахха Бункер Рой «Атах сыгынньах хамсааһынтан үөрэх ылыы» (ааҥл. Learning from a barefoot movement) диэн ааттаах TED-ка лекция ааҕан киэҥник биллибитэ[11].
Бункер Рой Barefoot College үөрэҕин тарҕатар уонна Аан Дойду үрдүнэн, ол иһигэр Ньуучча сиригэр, майгынныыр бырайыактарга үбү көрдүүргэ көмөлөһөр[12].
Наҕараадалар уонна премиялар
Бункер Рой элбэх наҕараада уонна премия хаһаайына, холобур:
- 1985 — Дьамналал Бадьадь премията (ааҥл. Jamnalal Bajaj Award)[13].
- 2003 — Айылҕа харабылыгар Ытык Өндөрөй премията (ааҥл. ]St Andrews Prize for the Environment).
- 2003 — Түмэт урбааныгар Шваб Пуондатын премията (ааҥл. Schwab Foundation for Social Entrepreneurship)[14].
- 2009 — Роберт Хилл премията (ааҥл. Robert Hill Award)[15].
Тус олоҕо
1970 сылтан Аруна кэргэннээх (ааҥл. Aruna Roy, төр. Дьайарам — ааҥл. Jayaram; төр. 1946 сыл бэс ыйын 26 к.)[4].
Рабиндранат Тагор үлэлэрин сөбүлээн ааҕар[3].
Саадыгар түүҥҥү чыычаахтар ыллыылларын, Дьоан Баэз уонна Радьастаан норуот ырыаларын сөбүлээн истэр[3].
Facebook-ка, Twitter-га уонна да атын ситим сирдэргэ олорбот[3].
Ирискалары, тоҥорболору уонна уопсайынан минньигэһи барытын сөбүлүүр[3].
Быһаарыылар
- ↑ См., например, «Норвегия перечисляет ЮНЕСКО около 20 млн долларов и организует дискуссию по проблемам женщин».
- ↑ 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 2,6 Sanjit 'Bunker' Roy (англ.). ООН. Проверено 29 апреля 2015.
- ↑ 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 3,5 3,6 3,7 3,8 Kate Murphy.
- ↑ 4,0 4,1 4,2 bunker Roy.
- ↑ 5,0 5,1 5,2 The Power of Unreasonable People: How Social Entrepreneurs Create Markets That Change the World.
- ↑ 6,0 6,1 Mortenson, Greg. (29 April 2010) Sanjit 'Bunker' Roy The 2010 TIME 100.
- ↑ 7,0 7,1 7,2 7,3 7,4 Флориан Годовитц.
- ↑ Bunker Roy(ааҥл.). TheGreenInterview.com. Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
- ↑ 9,0 9,1 9,2 John Mary.
- ↑ 10,0 10,1 The Role of Civil Society // The State of India's Democracy / Sumit Ganguly, Larry Diamond, Marc F.
- ↑ Bunker Roy Bunker Roy: Learning from a barefoot movement.
- ↑ Новые технологии – оленеводам Нижней Колымы. Государственное Собрание Республики Саха (6 августа 2013). Проверено 29 апреля 2015.
- ↑ Archives – 1985 Science and Technology. Jamnalal Bajaj Foundation. Тургутулунна 23 Сэтинньи 2012.
- The Hindu. 22 September 2002. http://hindu.com/2002/09/22/stories/2002092202240700.htm. Retrieved on 23 November 2012.
- ↑ "Memorable Points – National". Pratiyogita Darpan. Pratiyogita Darpan. November 2009. pp. 34–. http://books.google.com/books?id=pUE7udsNP5AC&pg=PT34. Retrieved on 23 November 2012.
Сигэлэр
- TEDка лекциятаhttps://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A4%D0%B0%D0%B9%D0%BB:Sanjit_Bunker_Roy_at_Time_2010.jpg: Learning from a barefoot movement (профиль).
- Интервью: Флориан Годовитц. Интервью. Чему забыли обучить наши университеты(нууч.). Великая Эпоха (The Epoch Times) (2 октября 2009
</noinclude>). Тургутулунна 29 Муус устар 2015.