Боодуут ойоҕо Балбаара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Боодуут ойоҕо Балбаара (Варвара Анисимовна Дедюкина) - Боодуут ойуун ойоҕо. Боодуут ойуун бэйэтин эмтиир, отоһулуур идэтиттэн кэргэнигэр Варвара Анисимовна Дедюкинаҕа, тиис ыарыытын эмтиир кистэлэҥин этэн, биэрэн барбыт эбит.

Варвара Анисимовна эмиэ Баайаҕа Мөҥүрүөнүгэр төрөөбүт, аакка-ахтыыга киирбит үтүө дьүһүннээх,үтүө мөрсүөннээх дьиҥ-чахчы кэрэ дьахтар эбитэ үһү. Ону баара Боодуут ойуун обургу бэйэтиттэн сүүрбэччэ-отучча сыл балыс кыыһы абылаан ойох ылбыта диэн кэпсииллэрэ. Кинилэр Власий уонна Татьяна диэн икки оҕону төрөтөннөр, киһи-хара оҥорбуттара. Варвара Анисимовна эрин, Боодуут ойууну, таҥара кырыыһынан өлөрбүттэрин кэннэ икки оҕотун илдьэ Хара-Алдаҥҥа көспүтэ. Уола Власий кэлин нэһилиэгин тас өттүгэр тиийэ ыҥырыыга, мааныга сылдьар ааттаах ырыаһыт, олоҥхоһут киһи буолбута. Варвара Анисимовна ханнык да бэйэлээх улахан тиис тииһигин, ыарыытын эмтээн тута тохтоторо диэн кэпсииллэрэ. Кини бу тииһи эмтиир суос-соҕотох ньыматынан, олус иччилээх-илбистээх, сиэллээх-кутуруктаах намылхай соҕус алгыс тыллара эбитэ үһү. Ол алгыс тылларын өс номоҕун, хоһоонун кистэлэҥнэрин кырдьан баран, адьас өлөрүн чугаһыгар, Уус-Таатта киһитигэр Ньылаах Лөгөнтөй уолугар Дьабахан Бүөтүргэ эрэ этэн өлбүт.