Болугур Айыыта - таптал таҥарата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Болугур Айыыта диэн былыргы үйэҕэ өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолан сылдьара ааттанар.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр айыы буолуу диэн өйдөбүл былыр-былыргыттан баар. Бу өйдөбүлү табатык быһааран олоххо туһаныы саха дьонун өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорор, былыргы өбүгэлэр билиилэрин иҥэрэр. Хас биирдии киһи өйө-санаата хаһан да бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, тус-туспалар, ол иһин киһи өллөҕүнэ куттара этиттэн-сииниттэн туспа бардахтарына айыы буолан сылдьаллар. Төһө күүстээх айыы буолара ханнык өй-санаа мунньустубутуттан уонна туох ураты быһыыны оҥорбутуттан тутулуктанар.

Болугур Айыыта диэн төрөппүттэрэ күүстэринэн сөбүлээбэт киһитигэр кэргэн биэрбиттэрин утаран, таптаабакка, олохтон бэйэтигэр тиийинэн туораабыт эдэр, кыраһыабай дьахтар өйүн-санаатын, кутун ааттыыллар. Былыргы кэмҥэ бу айыы хараҥа, үөрэҕэ суох төрөппүттэри аҥардастыы куттаан «Кыыскытын сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрдэххитинэ аны Болугур Айыытын курдук буолан хаалыа» диэн киһи быһыытын аһара барбаттарыгар тириэрдэрэ, аҥардастыы баайы-малы эккирэтэн кыыстарын күүстэринэн хам баттаан баай киһиэхэ эргэ биэрэллэрин тохтоторо.

Эдэр, кыраһыабай кыыс оҕото Болугур Айыыта буолуон иннинэ Сыҥалаабыт Лыгый диэн көннөрү киһи аатынан ааттааҕа. Сыҥалаабыт Лыгый туһунан билии барыта кэриэтэ 1935 сыллаахха Сэһэн Боло Чурапчы улууһугар Мугудай нэһилиэгэр олохтоох 70 саастаах Прокопий Моисеевич Оконешников тылыттан суруйуутугар олоҕураллар.

Болугур Айыыта Сыыдам Сыҥалаабыт диэн хотун (Омуоруйа Тумарча кыыһа). (1,203 ).

Сыыдам Сыҥалаабыт диэн былыргы баай бүөдээл кыыһа. Кини 1760-1780 сс. үөскээн эргэ тахсан баран ыйаанан өлбүт. Кини тыыннааҕыттан ыла дьиибэлээх, кубулҕаттаах абааһы-айыы аҥаардаах дьахтар (иирээн). Эргэ тахсан баран үс сылы быһа эрин кытта таптаспакка сылдьан өлөн куоппут. Кэнники кинини үөр оҥорон айыы дьахтара диэн айыы-хотун аҕаспыт диэн ытыктыыр буолтар. Кини аатын мээнэ ааттаабаттара. Ойуун, удаҕан үөргэ киллэрэн алгыыр-ааттыыр. Кини бэйэтин дьонун, аймахтарын харысыһар ааттаах. Кини илэ-бодо, чуорааннаах, аарыктаах, симэхтээх аттаах тыаһаан кэлэн ааһара үһү. (1,307).

Олус былыргы кэмнэргэ сахалар боростуой буойуннары уматар, баайдары көмөр, онтон биллиилээх ойуун өллөҕүнэ араҥаска уурар, араҥастыыр эбиттэр. Кэлин нууччалар кэлэннэр сахалар ити үгэстэрин уларытан барбыттар. Ойууннары уон ахсыс үйэҕэ араҥастыылларын тохтотон көмөн барбыттар. Холобур, ити кэм саҕана олорбут аатырбыт-сураҕырбыт Болугур Айыыта, кини таайа Кыпчытыын Уус ойуун ийэ буордарыгар угуллубуттар. (2,37).

Уон ахсыс үйэҕэ Боотурускай улууһугар Болугур нэһилиэгэр үс ойохтоох уон оҕолоох Омуоруйа диэн сүдү баай киһи олорбута үһү. Кини Айылҕа хотуна диэн ойоҕуттан соҕотох кыыс оҕо төрөөбүтүн Сыҥалаабыт Лыгый диэн ааттаабыттар.

Бу кыыс таайа Кыпчытыын Уус уонна убайа Кыраһын Суоллар иккиэн дьонтон уһулуччу дьон, суон сураҕырбыт улуу ойууттар этилэр. Сыҥалаабыт Лыгый кыра эрдэҕиттэн олус дьиибэтик, арыт ойуумсуйар да курдук, быһыыланара үһү. Чугас эргиннээҕи ыалларын саастыы кыргыттарын мунньан Болугур сирин алаастарын барытын кэрийэ сылдьан оонньуур, ыллыыр-туойар, уот оттон, ас астаан, чэчир анньан сир-дойду иччитин алгыыр, аһатар эбит.

Соҕотох кыыстарын төрөппүттэрэ олус маанылыыллар. Олус мааны-чэбэр, тыллаах сытыыта, дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө кыыс, айылҕата хайдах айбытынан, кыра да кыһалҕа диэҥҥэ кыһарыттарбакка көҥүл босхо, көччүйэн улааппыт. Кыыстарын санаатын көнньүөрдээри, төрөппүттэрэ көмүс манньыат чылыгырастардаах удаҕан таҥаһын тиктэрэн биэрбиттэр. Бу кэмҥэ киниэхэ Сыыдам Сыҥалаабыт диэн ааты иҥэрэллэр.

Уон алта сааһыгар ийэтэ, аҕата кыыс сөбүлээбэтин үрдүнэн күүстэринэн саба баттаан, «оҕобут үтүө ыалга баран киһитийдин» диэн ааттаан Аччаҕар Хатылы нэһилиэгин кинээһэ Баҕарыынньа Баай уолугар Куһаҕаллай Киргиэлэйгэ, аатыттан сылыктаатахха, туох эрэ дьиэктээх киһиэхэ, ойох кэпсэтэллэр. Улахан баайдар илии тутуспут буоллахтарына, ону мүччүрүппэттэр. Сотору кини дьоно сүҥкэн урууну тэрийэллэр.

Ыал буолан үс сыл олорбутун устата Сыыдам Сыҥалаабыт эригэр да, аҕа кынныгар да үтүө дьүһүнүн көрдөрбөккө, араас кыыл, үҥүү-батас, от-мас буолан хаалара. Маннык олоҕу тулуйбакка иккитэ быаламмытын өрүһүйбүттэр, онтон үһүс моҥнуутугар быатын быһаннар, тыына быстыбыт.

Көмүү сиэрэ-туома барыта тутуһуллубут курдук да, бары бэйэлэригэр тиийиммиттэр кэриэтэ, бокуонньук үөр буолан илэ барбыта үһү. Чугас эргинээҕи нэһилиэктэр ытыктаан да, куттанан да Болугур Айыыта (Хотуна), Аҕаспыт, Эдьиийбит диэн ааттыыр буолбуттар. Аарыктаах-чуорааннаах атынан көтүтэн ааһарын көрсүбүт баһаам.

1939 сыллаахха Сэһэн Боло уонна И.Д.Новгородов Болугур Айыытын иинин хаһан араас киэргэллэрин, симэхтэрин, таҥастарын музейга туттарбыттар. (2,48).

Болугур Айыыта саха дьахталларын тапталларын таҥаратыгар кубулуйбутун В.Н.Гаврильева бэлиэтээн кэпсээн суруйбута. Болугур Айыыта, Кыыс Таҥара, оо, ким билбэт буолуой кини аатын! Күөх сайын, чэчир, ыһыах, таптал таҥарата буолар – Болугур Айыыта! (3,9).

Билигин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕин туһанан тоҕо, туохтан сылтанан бу Болугур Айыыта үөскээбитин уонна Саха сиригэр барытыгар тарҕаммытын быһаарар кыах баар буолла. Таптал баайынан-малынан кыайан кэмнэммэтин, баайга-малга кыайан атастаһыллыбатын, бу айыы өйө-санаата дьоҥҥо өйдөтөр. Кэргэн буолан ыалы үөскэтэр уустугун, икки өрүттээҕин, тапталтан эмиэ тутулуктааҕын, аҥардастыы баайынан-малынан кыайан тэриллибэтин быһаарар.

Бу айыы үөскээһинэ уонна киэҥник тарҕаныыта дьахтар уонна эр киһи сыһыаннарыгар бэйэ-бэйэни сөбүлэһии, таптаһыы ыал буолан олоҕу олорууга баайдааҕар улахан оруолу ыларын биллэрэр.

Төрөппүттэр оҕолорун, кыыстарын санаатын күүһүлээбэккэ, ыкпакка эрэ эргэ биэрэллэрин, бу айыы өйө-санаата сэрэтэр, араҥаччылыыр. Эһиги кыыскытын күүһүлээн, бэйэтин баҕатын утаран сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрдэххитинэ, аны бу Болугур Айыытын курдук буолан хаалыан сөп диэн куттаан үөрэтэр.

Болугур Айыытын өйө-санаата сахаларга таптал баарын уонна олус күүстээҕин билигин да биллэрэр. Таптал киһини олоххо сирдиир сүрүн күүс буоларын, таптал суох буоллаҕына киһи олоҕо табыллыбатын, өлөн да хаалыан сөбүн биллэрэр.

Бу айыы баайы-малы эккирэтэн бас-баттах барар төрөппүттэри аны кыыспыт Болугур Айыытын курдук буолан хаалыа диэн сэрэтэрэ билигин, ырыынак олоҕо эргийбитинэн ордук улахан суолталаах.

Ыал буолуу, кэргэн тахсыы эдэр киһиэхэ олус элбэх эбии көрдөбүллэри, үлэни-хамнаһы үөскэтэр, киһи киһиэхэ сыһыаныгар улахан тулуурдаах буолууну ирдиир. Сыҥалаабыт Лыгыйы дьоно олус атаахтык, маанытык иитэннэр атын дьону кытта кыайан бииргэ олорбот, тапсыбат өй-санаа иҥэн хаалбыт. Олус көҥүл, босхо көччүйэн улааппыт оҕо ыал, уруу тэрийэн, ким эмэ, оҕо да туһугар үлэлиир кыаҕа аҕыйах буоларын, бу Болугур Айыытын олоҕо табыллыбатаҕа эмиэ биллэрэр.

Олус баай ыаллар мааны кыыстара олоҕор табыллыбакка, сөбүлээбэт киһитигэр кэргэн биэриилэриттэн моҥнон өлүүтэ саха сирин барытын үрдүнэн киэҥ кэпсээҥҥэ киирэн, дьон бары билэн, маннык быһыыттан сэрэнэллэригэр тириэрдэр. Сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрииттэн кыыс оҕо моҥнон өлүүтүн курдук куһаҕан быһыы үөскүүрүттэн төрөппүттэри сэрэтээри Сыыдам Сыҥалаабыт олоҕо, өйө-санаата Болугур Айыытыгар кубулуйан сылдьар.

Быданнааҕыта өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, куттара баар дьон түүллэригэр киирэн биллэллэр. Киһи бэйэтэ да билбэтинэн түүлгэ буолбуту толорон кэбиһэр кыаҕа хаһан да хаалбат. Түүл Yөһээ дойдуну кытта тутулук диэн ааттанар. Бу өй-санаа түүллэринэн тутулуктарын сахалар билинэн киһи «Yөһээттэн тэһииннээх сылдьар» диэн этэллэр.

Ойуун, удаҕан тойугар илэ киллэрбит курдук кырдьаҕас аатын ааттаан «Сыҥалаабыт Лыгый» диэн туойаллар. Айыы оҥостоллор, алгыыллар көрдөһөллөр. Кинини илэ көрсүбүт бэрт элбэх. Биирдэ биир киһиэхэ: «Уҥуохпун уот сиэбит, эргийдиннэр»,- диэн аймахтарыгар Байбалларга илдьиттии сылдьыбыта эмиэ баар. Ону эргийбэтэхтэр. (4,125).

Уһун кэмҥэ коммунизм итэҕэлэ атын өй-санаа үөрэхтэрин хам баттаан айыыны, таҥараны букатын итэҕэйбэт, аанньа ахтыбат кэмнэр кэлэн аастылар. Билигин наука эмиэ сайдан өй-санаа туспа тутулуктара букатын атын кээмэйинэн кээмэйдэнэллэрин син билинэн эрэллэр. (5,8).

Туһаныллыбыт литература.

1. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьо-куускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 352 с.

2. П.В.Винокуров. История кэрэһиттэрэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004.- 80 с.

3. Гаврильева В.Н. Болугур Айыыта: Сэһэннэр.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 192 с.

4. Якутские мифы - Саха өс-номохторо / Сост. Н.А.Алексеев.- Новосибирск: Наука, 2004.- 451 с.

5. "Саха сирэ. Эдэр саас" хаһыат. 14.06.2006.