Бирюза
Бирюза — киэргэлгэ туттуллар күндү таас.
Бирюза диэн күндү таас 8–9 тыһыынча сыллар анараа өттүлэриттэн ыла киэргэлгэ туттуллар буолбут. Бирюза илиҥҥи дойдуларга Персияҕа, билиҥҥи Ирааҥҥа эдэрдэр холбоһон ыал буолууларыгар бэлэхтииллэрэ билигин даҕаны туттулла сылдьар.
Низами Гянджеви (1141—1209), күндү таастар тустарынан элбэхтик суруйбута. Ол иһигэр бирюза туһунан бу курдук эппитэ биллэр: «Таҥара миэхэ бирюзаны бэлэхтээн ордук санааччылартан харыстыы сатыыр».
Перстэр табыллыбатах тапталтан өлбүт дьон уҥуохтара бирюзаҕа кубулуйаллар диэн итэҕэйэллэр эбит. Билигин даҕаны Ираҥҥа таптыы көрбүт дьахталларыгар бэйэлэрин сөбүлэтээри бирюзалаах киэргэли бэлэхтииллэр.
Дьахтар тапталлааҕын таҥнарбыт буоллаҕына киэргэл тааһа дьүһүнүн уларытара, өлбөөдүйэн хаалара таптал төһө күүстээҕин билэргэ туһалыыр. Күндү таастарынан дьарыктанар академик А. Е. Ферсман «Персидскай бирюза курдук араас итэҕэллэргэ улахан оруолу ылбыт таас суох» диэн эппит.
Англия посола Горсей 16-с үйэҕэ Москубаҕа кэлэн баран Уордаах Уйбаан баайын коллекциятын көрөн сөхпүт. Күндү таастары көрдөрө туран нуучча ыраахтааҕыта эппит: «Бу дьиктилээх бирюзаны ылан көр эрэ, айылҕаттан ылыммыт дьүһүнүн уларыппакка эрэ сылдьар, онтон мин ыалдьа сылдьар киһи, илиибэр ыллахпына тута өлбөөдүйбүтүнэн барар. Ити мин сотору өлүөхтээҕим бэлиэтэ буолар». (1).
Бирюза бары күндү таастартан уратытынан кистэлэҥнээх, иччилээх таас буолар. Араас, чаҕылхай дьүһүннээҕэ бу таас дьиктилээҕин быһаарар. Тыыннаах курдук чаҕылыйар кыахтааҕа уонна өлбөөдүйэн дьүһүнэ атыҥҥа кубулуйара бу тааһы кырдьар, мөлтүүр диэн өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрбит.
Химическэй састаабынан бу минерал алтан уонна алюминий фосфатыттан хомуллар. Олус кураайы уонна итии дойдуларга бытархай ыһыллыы быһыытынан булаллар. Сороҕор обургу куһуоччуктар түбэһэллэр эбит. Америка Вирджиния штатыгар уонна Бельгияҕа бу тааһы билигин да булуохха сөп.
Таас дьүһүнэ халлаан сырдык күөҕүттэн хараҥатыгар диэри уларыйар. Ол эрээри халлаан уонна от күөхтүҥү, дьаабылака курдук күөх, от күөхтүҥү сиэрэй дьүһүннээхтэр эмиэ көстөллөр. Сахалар күөх диэн икки дьүһүнү; халлаан күөҕүттэн от күөҕүгэр диэри холбуу биир тылынан этиилэрэ, бу таас дьүһүнүн уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрииттэн үөскээн олохсуйбут буолуон сөбө чахчы.
Таас сыа-арыы, кислоталар, испиирдэр, эбэтэр киһи көлөһүнэ уонна араас кириэмнэр дьайыыларыттан дьүһүнэ мөлтүүр. Дьүһүнэ мөлтөөһүнүн таас кырдьыбыт эбэтэр өлбүт диэн этэллэр.
Тааһы былыр-былыргыттан Синай тумул арыытыттан, Ирантан, Казахстантан уонна да атын сирдэртэн булаллар. Таас бирюза диэн аата хайа омук тылыттан тахсыбыта билиҥҥэ диэри кыайан быһаарылла илик. Үгүстэр «пируз» эбэтэр «фируз» диэн «кыайыы» эбэтэр «табыллыы» диэн өйдөбүллээх перстэр тылларыттан тахсыбыта буолуо диэн сабаҕалыыллар.
Европаҕа бу тааһы «туроктар таастара» диэн былыргыттан ааттыыллар. Атын элбэхтик туттуллар аатынан каллаит, ол аата «кырасыабай таас» диэн буолар.
Бу таас аата сахалыы тылынан олус табатык өйдөнөр. Сахалыы «биир үйэ» диэн аат бу таас суолтатыгар, дьүһүнэ уларыйарыгар ордук сөп түбэһэр. Бу тааһы куруук илдьэ сылдьар киһи улаханнык ыарыйдаҕына эбэтэр өлөрүгэр таас эмиэ өлөрүн, дьүһүнэ мөлтүүрүн, өлбөөдүйэрин таба быһааран биэрэринэн «биир үйэ» диэн аат таас суолтатын, ол аата хаһаайынынаан, куруук илдьэ сылдьар киһитиниин биир үйэлээҕин чуолкайдаан быһаарар уратытын иҥэринэн сылдьар. Бу таас аатыгар биир үйэ диэн аат ордук сөп түбэһэр.
Бирюза сымнаҕас, үчүгэйдик чочуллар таас. Дьахталлар бытархай киэргэллэрин биһилэхтэри, ытарҕалары, бөҕөхтөрү элбэхтик оҥороллор. Илиҥҥи дойдуларга бу таас аттан дөлбү түһэртэн көмүскүүрүн иһин ат сэбин-сэбиргэлин киэргэтэллэрэ.
Россияҕа бирюзанан таҥара күлүктэрин араас киэргэллэрин киэргэтэллэрин таһынан былыргы ыраахтааҕылар кэтэр бэргэһэлэрин киэргэтэллэрэ. Мономах уонна Иван Грознай бэргэһэлэрэ сырдык халлаан күөҕэ бирюзанан уонна атын таастарынан элбэх киэргэллээхтэр. Борис Годунов Персияҕэ 1604 сыллаахха оҥотторбут трон-олоппоһун кыһыл көмүһүнэн уонна араас элбэх күндү таастарынан, ол иһигэр бирюзанан эмиэ киэргэппиттэр.
Киин Америкаҕа элбэх бирюзанан киэргэтиллибит маллары булаттаабыттара былыргы ацтектар үгэстэрин арыйыыга көмөлөспүттэрэ. Ацтектар икки төбөлөөх эриэн үөннэрэ тыыннаах сиэртибэни биэриигэ туттуллар эбит. Сиэртибэ сирэйин уҥуоҕун бирюза таас мозаикатынан бүрүйэн аналлаах мааска оҥорбуттар.
Бирюзаны былыр-былыргыттан араас эмкэ эмиэ тутталлара биллэр. Ол туһунан улуу эмчит Авиценна (980–1037) «Книга указаний и наставлений» диэн киэҥник биллэр үлэтигэр суруйан хаалларбыт. ламалара бирюза киһи доруобуйатыгар туһалаах диэн эмиэ этэллэр эбит. (1).
Былыргы туроктар киэргэлгэ туһанар таастарын аатын суолтата, өйдөбүлэ сахалыы тылынан ордук табатык, сөп түбэһэрдик быһаарылларынан «биир үйэ» диэн аатынан ааттаммыта олус сөп. Кэлин кэмҥэ бу таас аата атын омуктарга көһүүтүгэр кыратык уларыйан, билигин бирюза диэн биир тылынан этиллэр буолбутун да кэнниттэн дорҕоонноро улаханнык уларыйбакка хаалбыттар. (2,94).
Туһаныллыбыт литература
1. Тайны 20 века. Еженедельная газета. № 48, декабрь 2007 г.
2. Каженкин И. И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. — Дьокуускай: ГБУ РС(Я) «Бизнес-инкубатор», 2013. — 108 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |