Библия уонна Эллайада

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Г.В. Ксенофонтов «Сахаларга былыргы бостууктар Библиялара» диэн архыыпка сытар үлэтигэр Эллэйада матыыптара Библия сэhэннэрин кытары олус дьүөрэлэhэллэрин көрдөрбүтэ.

Ол курдук еврей Иакова Эллэй курдук кырдьаҕас уонна хараҕа суох аҕалаах. Онтон чугас аймахтарын кытта мөккүhэр, быраата Исав аҕата киниэхэ үчүгэй сыhыаннааҕын иhин өлөрөөрү гынар. Ол иhин Эллэй курдук Иаков дойдутуттан күрүүр. Син биир Эллэйгэ аҕата Татаар-тайма Омоҕойу ыйан ыыппытын курдук, Иаков ийэтэ-аҕата Лаван диэн баай киhини булаҕын дииллэр, ол киhи кыргыттарыттан кэргэнин таларын эмиэ этэллэр. Онтон Иаков Лаван олорор сиригэр кэлэр, онно кинини холуодьас аттыгар бу киhи кыргыттара көрсөллөр. Онтон Иаков Эллэй курдук баай Лаванҥа бостуук буолар. Лаван Омоҕой курдук икки кыыстаах, онтон биирэ Рахиль кырасаабысса, Лия мөкү соҕус уонна Омоҕой биир кыыhын курдук хараҕынан мөлтөх. Өссө Рахиль оҕолонор кыаҕа суох, онтон Лия төрүөҕэ элбэх, онон кинилэр Омоҕой кыргыттарын курдуктар. Омоҕой баай кэрэ кыыhа бэйэтигэр тиийинэр, кыраhыабай Рахиль эдэригэр Иаков дойдутугар төннүөн иннинэ өлбүтүн курдук. Иаков уонна Эллэй бэйэлэрин баай сурдьуларын сүөhүтүн, малын баhылаан дэлби байаллар. Бу тэҥнээhин түмүгэр, Г.В.Ксенофонтов Библия Иаков туhунан кэпсээнэ уонна Эллэй туhунан саха номоҕо биирдэр диэн санааҕа кэлэн турар.