Беовульф
Беовульф (поэмата. Герман омуктар баатыр номохторун үгэстэринэн айыллыбыт. 3182 аллитератив хоһоонтон турар. Былыргы аангыл литературатын биир тутаах уонна элбэхтик тылбаастанар үлэтэ буолар. Айымньыһытын аата биллибэт. 975-1025 сылларга суруллубут буолуон сөп диэн литература үөрэхтээхтэрэ сабаҕалыыллар. Номох буолар сирэ 6 үйэтээҕи Скандинавия. Гөт баатыра Беовульф даан хоруолугар Хротгарга көмөҕө кэлэр. Хротгар Хеорокка баар Луону кытта кыргыһан кыайар, ол эрэн оһоллонон бэйэтэ эмиэ өлөр. Беовульф өлүгүн чаҕардара уматан баран биир тумулга кини аатын мэҥэтитэр тала туталлар.
Беовульф биир эпос хомуура быһыытынан тиһиктэниэн иннинэ араас сорохторо тыл этиитинэн дьон-сэргэ устун тарҕанар буолуохтарын сөп диэн үөрэхтээхтэр сабаҕалыыллар. Беовульф номоҕо герман төрүт итэҕэлэ баһыйар кэмигэр айыллыбыт дииллэр. Ол гынан баран кини иһигэр син добоччо христиан матыыптара бааллар. Бу туһунан үөрэхтээхтэр мөккүөрдэрэ бара турар: былыргы номохторго христиан матыыптарын хойутуу эппиттэр дуу эбэтэр айымньыһыта бэйэтэ христиан киһи эбитэ дуу? Бу икки мөккүөрдээх барылтан арыт барылы тутуһааччылар эмиэ бааллар. Беовульф суруллубут тыла сүрүннээн былыргы аангыл арҕаа сакс түөлбэ тыла. Онуоха аангыл атын түөлбэ тылларын дьайыылара эмиэ бааллар. Бу барыта номох Ноэль кодекса диэн биллэр. Кини Британия библиотекатыгар харайыллар.
Беовульф номоҕо ис хоһоонунан атын омуктар араас номохторун кытта онон-манан маарыннаһыылаахтарын бэлиэтииллэр, олор ахсааннарыгар: Исландия Греттис сагата, Норвегия Хрольф Краки уонна Бөдвар Бьярки номохторо, Эһэ уолун сэһэнэ, Ирландия Илии уонна Оҕо сэһэнэ, Одиссеята, Энеидата. Христиан матыыптарыттан Биибилийэ Даниэль битиктэрин кытта маарыннааһыылар бааллар.