Бас - баттах иитиилээх
Бас-баттах иитиилээх диэн кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга, майгыга иитиллибэтэх оҕо, киһи ааттанар.
Билигин Россия дьоно өйдөрө-санаалара, билиилэрэ арыычча сайдан демократия сокуоннарын маарыннатан, олорунан салайтаран олохторун оҥостоллор. Сокуоннары, бэрээдэги тутуһан олоҕун олорор киһи бэрээдэктээх киһи диэн ааттанар. Бэрээдэги, сокуоннары кэһэр киһини туораталлар, киһи быһыыта суох киһинэн ааҕаллар, хаайыыга олордоллор.
Былыргы кэмнэргэ ыаллар бас-баттах иитиилээх уончалыы оҕолоноллоро биллэр, оннук кэмҥэ бас-баттах майгылаахтар аһара элбэхтик үөскээннэр олоххо, государствоҕа биллэр хамсааһыннары киллэрэр эбиттэр. Ону баара билигин дьахталлар биирдии эмэ оҕолоро бас-баттах, аһара барар майгыланан хааларыттан, аан маҥнай бэрээдэги кэһээччилэргэ кубулуйууларыттан хаайыы дьоно буолан туоратыллар кыахтаахтара, омук ахсаана өссө аҕыйыырыгар, бэйэтэ мөлтүүрүгэр тириэрдэр.
Билигин бары государстволар күүһүрэннэр сокуоннары, бэрээдэги тутуһуннара сатыыллара ордук сайынна. Бэрээдэги кэһээччи сокуонунан туоратылларын бары сөбүлүүллэр.
Сахалар оҕо иитиитигэр былыргы кэмнэргэ улахан суолтаны биэрэллэрин аналлаах, өйдөбүлэ, суолтата сөп түбэһэр тыллары үөскэтэн туһана сылдьаллара биллэрэр. Бас-баттах иитиилээх диэн мээлэ, иннин-кэннин өйдөөбөккө, билбэккэ эрэ, талбытынан сылдьарга үөрэммит киһини этэллэр. Киһини салайыахтаах баһа баттах курдук ыһылла, үрэллэ сылдьара табыллыбатын биллэрэн бас-баттах диэн этиини үөскэппиттэр. Бу этии оҕону кыра эрдэҕинэ иитии аналлаах сыаллаах-соруктаах, үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаах, буолуохтааҕын эмиэ биллэрэр.
Бас-баттах иитиилээх, аһара барааччыларынан туох эмэ туһалааҕы, үчүгэйи оҥотторуу, аныгы үйэҕэ соччо кыаллыбат. Бас-баттах иитиилээх киһи бэйэтин туттунар, тохтотунар күүһэ аҕыйаҕыттан хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунара элбээн хаалар кутталлаах. Биирдэ охсуһаары аһара баран киһини улаханнык кырбаан, эчэтэн кэбиһэр кыаҕа элбиир. Билигин эдэрдэр биирдэ кыыһыра түһээт даҕаны, билэр да киһилэрин үлтү кырбаан, тэпсэн кэбиһэллэриттэн хаайыыга түбэһэллэрэ элбээбитэ ити быһаарыыны дакаастыыр.
Арыгы бас-баттах иитиилээх киһиэхэ дьайыыта аһара күүһүрэриттэн билигин арыгы испит дьон араас ыар, ыарахан буруйу оҥоруулара эбиллэн иһэр. Өй-санаа үөрэҕин билбэттэн уонна тутуспаттан эдэрдэр буруйу оҥоруулара, бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээһинэ аҥардастыы арыгыттан эрэ тахсарын курдук саныыллар. Бу сыыһа санааны көннөрүү оҕо өйүн-санаатын кыра эрдэҕинэ туруктаах буолууга иитэргэ, үөрэтэргэ тириэрдэр.
Аҕыйах уонча сыллааҕыта биир эмэ арыгы испит киһи үөрэрэ-көтөрө, ыллыыра-туойара ордук эбиллэн, майгыта үөрүү өттүгэр уларыйар этэ. Ону баара коммунистар барыта босхо буолуо диэн албыннара арылларын харыстаан арыгыны аҥардастыы бобуунан, суох оҥоруунан дьон арыгы иһэллэрин аҕыйатаары санаммыттара төттөрү дьайыыламмыта уонна өй-санаа туруга суох буолбутуттан итирбит дьон буруйу, куһаҕан быһыыны оҥороллоро аһара элбээтэ.
Билигин арыгыны бобуу, суох оҥоруу тохтотуллан дьон матан хаалымаары, былдьаһан, өрүсүһэн кэриэтэ элбэҕи иһэллэрэ аҕыйаан иһэр этэ. Ону баара олоххо бары-барыта эргийэн кэлэн иһэр уратылааҕынан уонна салайааччылар бэйэлэригэр үчүгэйи, эрэйэ суоҕу оҥосто сатыыллара элбэҕиттэн, бобуу-хаайыы диэки эмиэ салаллан эрэллэр.
Бас-баттах иитиилээх дьон барыта үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруохтара диэн кэтэһэр сыыһа, арай аһара барыылары, ол аата куһаҕаны элбэҕи оҥоруохтарын сөбүттэн оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла сэрэннэххэ табыллар. Бу быһаарыы төрөппүттэргэ быһаччы сыһыаннаах. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһи быһыылаах буолууга ииппит төрөппүт оҕотун туһугар эрэлэ улаатар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитэргэ бас-баттах, көҥүлүнэн барарын тохтотон, бары оҥорор быһыыларын киһи быһыылаахтык оҥороругар иитиэххэ, бэрээдэги хайаан да тутуһуннара үөрэтиэххэ наада. Бэрээдэги кыра эрдэҕиттэн тутуһа үөрэммит оҕо, соннук үгэстэр үөскүүллэриттэн сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыттан быстах быһыыга киирэн биэрбэт кыаҕа улаатара төрөппүттэргэ туһата улахан буолар. (1,47).
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин И.И. Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.