Банг-Кауп Вилли
Банг-Кауп Вилли (Johann Wilhelm Max Julius Bang-Kaup, Иоганн Вильгельм Макс Джулиус Банг-Кауп 1869—1934) — тыл үөрэхтээҕэ. Түүр тылларын тэҥнэбил-историческай грамматикатыгар, лексикологиятыгар, этимологиятыгар уонна ааҥыл тылыгар үлэлэрдээх.
Омугунан ниэмэс. Адвокат уонна мээр Генрих Банг фон Огюст Кауп дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
Банг бастаан Лёвен куоракка (Бельгия) онтон Францияҕа, Голландияҕа уонна Англияҕа былыргы перс, авеш, манчжур уонна монгуол тылларын үөрэппит. 1893 уонна 1909 сыллардаахха Фридрихом Х. Вейсбахтыын былыргы перс суруктарын хос таһаарбыт, хас да ыстатыйаны суруйан бэчээттэппит.
1893 сыллаахтан Банг былыргы түүр суруктарын үөрэтииннэн дьарыктаммыт, аныгы түүр тылларын уонна диалектарын кытта тэҥнээбит. . Йозеф Марквартыын ол суруктар хаһан суруллубуттарыгар бөдөҥ арыйыылары оҥорбут. 1910 сылтан 1914 сыллаахха диэри Банг Codex Cumanicus чинчийбит. Ол кэнниттэн түүр Турфаннааҕы манускриптарын үөрэппит.
1895 - 1914 сылларга Банг Лёвен университетын ааҥыл тылын бэрэпиэссэрэ этэ, ааҥыл литэрэтиирэтигэр хас да бөдөҥ үлэлэрдээх. Аан дойду бастакы сэриитэ саҕаламмытын кэннэ Бельгияттан көһөргө күһэллибит, 1917 сыллаахха Франкфуртка тюркология бэрэпиэссэрэ буолбут. 1918 сыллаахха Берлин университетын бэрэпиэссэринэн ананар, турфаннааҕы манускриптары чинчийиитин салгыыр. Турфан тиэкистэрин аннотациялаах таһаарыыларын Аннемари фон Габайны кытта таһаартарбыта.
Банг түүр тылларын кырамаатыкатын устуоруйатыгар хас да үлэлээх.
Bang erörterte in mehreren Artikeln Probleme der historischen Grammatik der Turksprachen.
Публикациялара
- Materialien zur Kunde des älteren englischen Dramas.
- Manichäische Laienbeichtspiegel.
- Manichäische Hymnen.
- Bruchstücke einer nestorianischen Georgspassion.
- Türkische Turfan-Texte Bd. 1–6, 1929–1934.
- Analytischer Index. 1931.
- Vom Köktürkischen zum Osmanischen.
- Monographien zur türkischen Sprachgeschichte.
- Parentalia: Grundlagen zu einer Geschichte der Bangen. Als Ms. gedr., Uystpruyst, Loewen 1908 Халыып:ULBDD
Литэрэтиирэ
- Hans Heinrich Schaeder: Zu W. Bangs sechzigstem Geburtstag. In: Ungarische Jahrbücher 9, 1929, S. 181–187.
- Henri de Vocht: Bibliographie der Arbeiten von Professor W. Bang Kaup. In: Ungarische Jahrbücher 9, 1929, S. 188–195.
- Annemarie von Gabain: W. Bang Kaup 1869–1934. In: Ungarische Jahrbücher 14, 1934, S. 335–340 und S. 140.
- Халыып:NDB
- Annemarie von Gabain: Persönliche Erinnerungen an W. Bang Kaup. In: Sprache, Geschichte und Kultur der altaischen Völker. Berlin 1974, S. 51–55.
- Andrej Nikolaevič Kononov: W. Bang-Kaup. Zum hundertsten Geburtstag. In: Sprache, Geschichte und Kultur der altaischen Völker. Berlin 1974, S. 47–49.
- Sajora Khassankhanova: Zur Geschichte der Berliner Turkologie in der ersten Hälfte des 20. Jahrhunderts. Die Erschließung der alttürkischen Turfan-Texte. W. Bang-Kaup und seine sprachwissenschaftliche Schule. Unveröffentlichte Dissertation. Berlin (DDR) 1979.
- Peter Zieme: Bang Kaup, Johann Wilhelm Max Julius. In: Encyclopædia Iranica. Bd. 3, 1989, S. 691–692
- Michael Knüppel, Aloïs van Tongerloo: Die orientalistische Gelehrtenrepublik am Vorabend des Ersten Weltkrieges. Der Briefwechsel zwischen Willi Bang(-Kaup) und Friedrich Carl Andreas aus den Jahren 1889 bis 1914 (= Abhandlungen der Akademie der Wissenschaften zu Göttingen N.F. 20). Berlin 2012.
Сигэлэр
Ылыллыбыт сирэ
- Иччи, А. Павлов-Дабыл ыстатыйата, «Илин» сурунаал, 2№-э 2006