А.С. Константинова-Дархаана олоҕо, айар үлэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Александра Степановна Константинова-Дархаана 1948-ыс сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр Чурапчы улууһугар Хайахсыт нэһилиэгэр төрөөбүт.

1968-ыс сыллаахха Дьокуускай куорат 20-c нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа. 1976-ыс сыллаахха Магаданскай салаа юридическай үнүстүүтүн бүтэрбит. Бүтэриэҕиттэн идэтинэн үлэлии-хамныы сылдьар. Аан бастаан САССР борокуратууратыгар юристконсультант, адвокат дуоһунаһыгар сылдьыбыт. Билигин нотариуска үлэлиир. Төһө даҕаны уустук эйгэҕэ сырыттар, кини талааннаах поэтесса быһыытынан биллэр.

1995-ис сыллаахха Арассыыйа Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ буолбут, 2003-үс сыллаахха Арассыыйа Суруналыыстарын Сойуустарын бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмыт. 2007-ис сыллаахтан Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар киирбит. 1986-ыс сыллаахха «Хотугу сулус», «Чолбон», «Полярная звезда» сурунаалларга, «Кыым», «Сахаада», «Эдэр саас», «Саха сирэ» хаһыаттарга айымньылара бэчээттэммиттэр. Александра Степановна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах мецената. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Меценаттарын көмүс кинигэтигэр киирбитэ ону туоһулуур.

Кини хоһоонноругар биллиилээх мелодистар Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй, Валерий Платонов матыып оҥорбуттара. Ырыа буолбут хоһооннорун Людмила Акимова-Спиридонова, Фатина Иванова толороллор. Кини «Олох», «Мин эйигин таптыыбын», «Эйиэхэ», «Күһүҥҥү сэбирдэх», «Чараҥ суугуна», «Олох устар, устар», «Эйигинэ суох», «Олох лоскуйдара», «Килбик иэйиим» о.д.а. кинигэлэрдээх.

Саха киһитэ айылҕаҕа чугас. Саха – Александра Степановна хоһоонноругар айылҕаны үрдүктүк тутар, доҕор-атас оҥостор. Ол курдук кини сайыҥҥы уоппуска сынньалаҥын, ийэни санатар алаадьыны, тэтэркэй сибэккини, куруһуба күөх хатыҥы, тоһуттар тымныыны, сулус тырымын, кыталык үҥкүүтүн туойар. Маны таһынан, айылҕа киһини арчылыыр, ыар кэмнэргэ өйүүр-өйдүүр диэн нуоҕайбыт хатыҥы, үрүҥ ыйы, сиикэрэ ардаҕы, Ийэ Сири, чараҥ суугунун, түүҥҥү халлааны, күһүҥҥү түүнү, үрүҥ көмүс былыттары, сиккиэр тыалы уо.д.а. көстүүлэри хоһуйан суруйар.

Ити курдук, Дархаана хоһоонноро төрөөбүт-үөскээбит дойду ахтылҕанын иэйиитинэн кууһаллар, дойдунан киэн туттууга, сарсыҥҥы саргыга салайаллар, ыҥырар-угуйар тардар күүстээхтэр.

1.  Константинова А. С., Күһүҥҥү сэбирдэх. хоһооннор - Дьокуускай: Офсет, 2003.

2.  Константинова А. С., Олох устар, устар... – Дьокуускай: Сайдам, 2014.

3.  Константинова А. С., Оһуордаах оҕо сааһым. – Дьокуускай: Сайдам, 2015.

4.  Константинова А.С. Килбик иэйиим. –Дьокуускай, Алаас, 2018.