Аһыйбыт үрүҥ ас
Аһыйбыт үрүҥ ас киһи куртаҕар туһалаах.
Саха дьонун тылларыгар-өстөтүгэр киһи өйүн-санаатын буккуйан итирдэр утахтар, арыгылар тустарынан тыллар былыр-былыргыттан үөскээннэр, иҥэн сылдьаллар. Дьон дьиэ сүөһүтүн ииттэн үрүҥ аһы аһылыкка туһаныахтарыттан ыла бу тыллар үөскээбиттэригэр сөп.
Арыгы уонна итирик диэн тыллар төрүт сахалыылар. Тымныы, кытаанах айылҕалаах хоту сир олохтоохторо арҕаа, соҕуруу сирдэргэ олох түргэнник сайдан иһиититтэн ыраах хаалан хаалбыттарын үрдүк кыраадыстаах, кытаанах арыгыны оҥостубат эбиттэрэ эмиэ туоһулуур. Бу быһыы саха дьоно соҕуруу дойдуттан кытаанах, көөнньөрүүлээх арыгы өссө оҥоруллар буола илигинэ хоту дойдуларыгар көһөн кэлбиттэрин быһаарар.
Сылгыны уонна ынах сүөһүнү сахалар былыр-былыргыттан иитэн туһаналлар. Кинилэр аһыыр астара барыта бу дьиэ сүөһүлэриттэн тахсар аһылыктар. Урукку кэмҥэ саха дьоно аһыйбыт үрүҥ аһы ордук элбэхтик аһыыр эбиттэр. Кинилэр сылы быһа суораты, ымдааны, тары, быыппаҕы уонна кымыһы куруук аһыы, иһэ сылдьаллара. Бу астартан ордук тэнийбит уонна элбэхтик аһаныллар астарынан суорат, ымдаан уонна тар эбиттэр. Уһун үйэлэр тухары саха дьонун истэрэ-үөстэрэ, эттэрэ-хааннара аһыйбыт үрүҥ аска үөрэнэн хаалбыттар, ону баара бу кэнники кэмҥэ аанньа ахтыбакка, дьон аһыыр аһылыгын тосту уларытыы түмүгэр араас ис-үөс, язва уонна рак ыарыылара олус тэнийдилэр. Ордук бу ыарыыларга отой арыгы диэни биирдэ эмэтэ амсайар уонна аһыйбыт үрүҥ аһы аһаабат куорат эҥэр олохсуйбут үтүө дьон ыллараллар. Аһыйбыт үрүҥ аһы дьон аанньа аһаабаттарыгар сэбиэскэй былаас кэминээҕи суруйааччылар көмөлөрүнэн киллэриллибит өйдөбүл: бу суорат, ымдаан уонна тар диэн быстыбыт саха дьадаҥытын аһыыр аһа буолар диэн этии ордук күүскэ көмөлөстө. Итинник этиини итэҕэйэн саха дьоно суораты, ымдааны уонна тары сиэбэт буолбуттара кырдьык да ыраатта.
Медицина науката аһыйбыт үрүҥ аска, суоракка эмиэ, кыра кээмэйдээх арыгы баар диэн уонна киһи иһэ, куртаҕа араас суол наадалаах астары үчүгэйдик тус-туспа араартаан, аһытан туһаҕа таһаарарыгар аҕыйах кээмэйдээх арыгы хайаан даҕаны наада буолар диэн дакаастаабыта өр буолла. Кэнники кэмҥэ саха дьонун аһыыр астара биллэрдик уларыйан, аһыйбыт үрүҥ аһы соччо аһаабаттар. Кыра кээмэйдээхтик чэпчэки арыгыны иһии киһиэхэ аһыйбыт үрүҥ ас дьайыытын солбуйуон сөп диэн эмиэ этэллэр.
Саха дьоно ис, куртах ыарыыларыгар ылларыыларын биир сүрүн биричиинэтинэн дьон доруобуйаларыгар туһалаах аҕыйах кээмэйдээх арыгыны көннөрү бурдук астан, аҥардас эттэн куртахтара кыайан арааран ылбаттара ааҕыллар. Саха дьонун истэрэ-үөстэрэ үчүгэйдик үлэлииригэр аһыйбыт үрүҥ ас биллэр көмөнү оҥорор. Билиҥҥи аһааһын науката үрүҥ аска үөскүүр бактериялар киһи куртаҕа аһы буһарарыгар олус туһалаахтарын билинэн маннык бактериялары сии сылдьарга сүбэлииллэр. Арыгы диэни отой испэт дьон аһыйбыт үрүҥ аһы кыра эрдэхтэриттэн, быраҕан кэбиспэккэ, кыах баарынан аһыы сылдьаллара эрэйиллэр.
Сир үрдүгэр оҥоруллар арыгы арааһа олус элбэх. Араас сиргэ үүнэр отоннортон оҥоруллубут арыгы элбэх битэмииннээх, элбэх калорийдаах, истэххэ түргэнник киһи санаатын көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр, сылайбытын күүһүрдэр көөнньөрүллүбүт, иҥэмтэлээх ас буолар. Арыгы туохтан уонна хайдах оҥорулларын быһааран, ырытан көрдөххө: дьон аһыыр астара сайдан, тупсан, күүһүрэн иһиитин түмүгэр оҥоруллар. Элбэх битэмииннээх виноград отоннорун ууларыттан көөнньөрөн кыһыл арыгыны оҥороллор. Дьон доруобуйаларыгар туһата уонна иҥэмтэтэ эмиэ элбэх.
Арыгылары туох астан уонна хайдах оҥоруллалларыттан көрөн маннык үс бөлөххө араарыахха сөп:
- Кыра кыраадыстаах дьон аһыыр астарыттан оҥоруллубут кымыстар, пиибэлэр уонна араас суол кыһыл арыгылар.
- Сиргэ үүнэр элбэх битэмииннээх отоннортон көөнньөрөн оҥоруллубут үрдүк кыраадыстаах кыһыл, үрүҥ арыгылар.
- Химия наукатын көмөтүнэн оҥоруллар испииртэн ылыллар үрүҥ арыгылар.
Төһө даҕаны биллэр куһаҕаннардааҕын иһин арыгы диэн үчүгэй астартан оҥоруллар ордук иҥэмтэлээх ас буолар эбит диэн билинэбит уонна бу астан ханна да куотан быыһаммаппытын эбэтэр күрүөлэнэн хааччахтаммаппытын билэн, мантан ыла бу арыгы диэн аһы кытта хайдах салгыы бииргэ тапсан олорорбутун саҥалыы быһаарыннахпытына табыллар. Аан маҥнайгынан аһыйбыт үрүҥ астары, кымыһы, пиибэни, кыра уонна үрдүк кыраадыстаах кыһыл арыгылары дэлэтиини саҕалыырбыт ордук буолар. Кыра кыраадыстаах пиибэттэн, арыгылартан иһэ үөрэнэн, дьон бары бэйэлэрин быстах, арыгы иһэр баҕаларын өйдөрүн-санааларын күүһүнэн кыана туттан арыгыны аһара испэттэрин сыыйа-баайа, хас да көлүөнэ дьон олоҕор ситиһиэххэ сөп.
Урукку кэмҥэ кымыс уонна быыппах саха дьонун куруук аһыыр, төрөөбүт астара этэ. Оччолорго хас дьиэ аайы баар эмээхситтэр син ону-маны булкуйан, аһытан оҥороннор дьону барыларын аһаталлара. Билигин даҕаны, хас киһи айаҕа амтаны эмиэ арааран билэр диэн өйдөбүлүнэн туһанан уонна үрүҥ ас биир туһалаах өрүтүн, төһөнөн аһыйан иһэр даҕаны оччонон тупсан, туһата эбиллэн иһэр диэни эмиэ билэн, бу астарынан дьарыктаныан баҕалаахтары олус хааччахтаабакка, ол оннугар өйүүр, көмөлөһөр эбитэ буоллар сотору кэминэн аһыйбыт үрүҥ аһы дэлэтиэ этилэр.
Үүттэн оҥоруллар астары: сүөгэйи онтон арыыны, суораты уонна иэдьэгэйи, тупсаран нууччалыы аатынан кэфир уонна творог диэтэллэр даҕаны, билигин син оҥороллор, ол гынан баран бу астар сорохторун, аһыйбыт үрүҥ астары оҥорорго аналлаах чаастарын, иэдьэгэй, сүөгэй ууларын туох да туһаҕа туруорбаттар. Ити хаалан хаалар астартан үтүө бэйэлээх ымдааны уонна быыппаҕы оҥоруу кыһаннахха кыаллар суолларын саха эмээхситтэрэ бэркэ билэллэр этэ. Былыргы кэмҥэ, саха дьоно уһун үйэлээх эрдэхтэринэ сайыҥҥы кэмҥэ элбэхтик ымдааны уонна от үөрэни элбэхтик иһэллэр эбит.
Төһө элбэх киһи дьону аһатыынан дьарыктанар даҕаны, оччонон ас хаачыстыбата тупсан иһиэхтээх диэн ырыынак тутаах сокуонунан туһанан эрэ аһыйбыт үрүҥ аспытын дэлэтиэхпитин сөп. Бу туһалаах ырыынак сокуона бэйэбит оҥорон таһаарар пиибэбитигэр эмиэ сыһыаннаах, ол курдук пиибэни үчүгэй өттүттэн кыратык эмэ рекламалыахха да син. Араас суол кыһыл арыгылар куруук атыыга тахсыыларын хааччыйыы уонна итилэр сыаналара аһары үрдээбэтин ситиһии үөһээҥҥи салайааччылартан улахан тутулуктаах, маны ситиһэргэ эргиэн тэрилтэлэригэр таһаҕаһы тиэйэн аҕалыыга көмөнү киллэриэххэ сөп этэ.
Элбэҕи аһааһын киһи этигэр-сиинигэр дьайарыттан уойан барыы, эт-сиин эбиллиитэ буолар. Арыгы киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар холбуу дьайар утахтарга киирсэр. Арыгыны элбэхтик иһии эт-сиин, доруобуйа уонна өй-санаа барылара мөлтүүллэригэр тириэрдэр. Арай өй-санаа урутаан арыгыга ылларар, мөлтүүр.
Манна кэлэн сахалар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өстөрүн хоһооно хайаан да туттуллара наадалааҕа быһаарыллар. Арыгыга ылларбат, арыгыһыт буолбат туһугар кытаанах санаалаах, тулуурдаах, өһөс, арыгыны аһара испэттэн туттунар күүстээх буолуу ирдэнэр.
Дьон олохторугар чуолкай сыаллаах, соруктаах буоллахтарына хаһан даҕаны арыгыны эккирэтэн испэттэр, буор арыгыһыкка кубулуйбаттар. (1,16).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.