Ашока (пуонда)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ашока, Ашока: Дьоҥҥо-сэргэҕэ саҥардыылар (ааҥл. Ashoka, ааҥл. Ashoka: Innovators for the Public) — Колумбия уокуругун (АХШ) сокуоннарынан үлэлиир Аан Дойдутааҕы эргиэнэ суох пуонда[1][2] — түмэт урбааныгар үлэлиир дьону уонна тэрилтэлэри көрдүүр, өйүүр уонна үбүлүүр тэрилтэ[3][4].

«Ашока» урбаан түмэт көҕүлээһиннэрин өйүүр, "түмэт урбаан" диэн өйдөбүлү тарҕатар бастакы тэрилтэ[3][5].

«Ашока» Пуонда киинэ Арлингтон куоракка (Виргиния, АХШ) баар[5]. 2014 сыллаах туругунан тэрилтэ Аан Дойду үрдүнэн 37 офистаах этэ[6].

Билл Дрейтон

McKinsey & Company диэн тэрилтэ бизнеһы салайыыга урукку көмөлөһөөччүтэ Билл Дрейтон «Ашока» пуонданы 1980 сыл от ыйын 3 күнүгэр тэрийбитэ[3][7][2].

Дрейтон тэрилтэтин Индия ыраахтааҕытын Ашока аатынан ааттыыр. Ашока Маурийдар ыраахтааҕылыктарын 273-232 б.к.и. сс. салайан олорон Соҕурууҥҥу Аасыйа улахан аҥарын (билиҥҥи Афганистантан Майсурга диэри) сэриилээн ылан, дойду култууратын сайыннарарга, олох таһымын үрдэтэргэ уонна үөрэҕириини тарҕатарга үлэлиир[8]. Билиҥҥи чинчийээччилэр санааларынан бу салайааччы буддизм Аан Дойду итэҕэлэ буоларыгар кимнээҕэр элбэҕи оҥорбут[9].

1981 сыллаахха «Ашока» бюджета 50 000 доллар эрэ этэ, 2008 сыл тохсунньутугар бюджет 30 мөл долларга тиийэр[10].

2007 сыллаахха тэрилтэ 60 дойдуттан1800 тахса киһилээх этэ[4]. 2011 сыллаахха дьон ахсаана 2000 тахса буолбута[3]. Тэрилтэ бэйэтэ этэринэн 2014 сыллаахха 70 дойдуттан 3000 киһилээх эбит[7][11].

Быһаарыылар

  1. non-profit, publicly supported foundation
  2. 2,0 2,1 Ashoka: Innovators for the Public (audited)(ааҥл.). Тургутулунна 21 Муус устар 2015.
  3. 3,0 3,1 3,2 3,3 Changing the World on a Shoestring
  4. 4,0 4,1 М. Баталина, А. Московская, Л. Тарадина. Обзор опыта и концепций социального предпринимательства с учетом возможностей его применения в современной России // Государственный университет — Высшая школа экономики Институт управления социальными процессами. — Москва, 2007.
  5. 5,0 5,1 Ashoka: Innovators for the Public (contacts)(ааҥл.). Тургутулунна 21 Муус устар 2015.
  6. Ashoka: Innovators for the Public (regional-offices)(ааҥл.). Тургутулунна 21 Муус устар 2015.
  7. 7,0 7,1 Ashoka: Innovators for the Public (about)(ааҥл.). Тургутулунна 21 Муус устар 2015.
  8. Ирина Урнова. Вклад в будущее Почему инвесторы идут в образование и культуру?. — Частный корреспондент, 2014-01-30.
  9. https://books.google.com/books?id=4o_URem5WMcC&pg=PA46
  10. Мария Черток , Инга Пагава. Билл Дрейтон: «Я съем этот стол, если в России нет социальных предпринимателей»(нууч.). Новый Бизнес (10 января 2008 </noinclude>). Тургутулунна 27 Муус устар 2015.
  11. Ashoka: Innovators for the Public (annual report 2013)(ааҥл.). Тургутулунна 21 Муус устар 2015.

Сигэлэр