Аччыктаан баран аһыахха
Аччыктаан баран аһыахха диэн үөрэх аһылыгы иҥэмтэлээхтик иҥэриниини биллэрэр.
Аччык киһи өйө-санаата үчүгэйдик үлэлиир диэн этэр П.Брэгг. Киһи кырдьан истэҕинэ утуйара аҕыйаан, сарсыарда эрдэ уһуктар буолан иһэр. Сарсыарда эрдэ уһуктан баран бары дьыалаларын сыымайдаан ырытан көрдөҕүнэ, сөптөөх быһаарыыны ылынарыгар олук ууруллар. Сарсыардааҥы кэмҥэ киһи өйө «Сытыы буолар» дииллэр сахалар.
«Аччыктаабыт киһиэхэ ас иҥимтиэ» диир этэ эбэбит Лөкүө. Кини уһун үйэтин тухары элбэх дьону аһатан ас хаһан ордук туһалаах буоларын былыр үйэҕэ быһаарбыт. Киһи үлэлээн-хамсаан элбэх эньиэргийэтин ороскуоттаатаҕына, эргэ аһылык тобохторуттан этэ-сиинэ ырааһырар, саҥа аһылык киирдэҕинэ иҥэмтэлээхтик иҥэринэр кыахтанар.
«Аһы сирэ-сирэ аһаама»,- диэн эбэбит Лөкүө эмиэ этээччи. Сирэ-сирэ, абааһы көрө-көрө аһаатахха ас ситэ иҥмэт, ол иһин киһиэхэ туһата аҕыйыыр. Ити барыта киһи бэйэтин санаатынан иһэ-үөһэ хайдах үлэлииригэр хамаанда биэрэрин быһаарар. Ханнык да аһы сөбүлээн, туһалааҕын билинэн аһаатахха, иҥэмтэтэ ордук эбиллэр. Аһыах иннинэ чуумпуран, олоро түһэн аһылыгы туһалаах өттүн булан хайҕаан, алҕаан баран аһаатахха киһи ас буһарар уорганнарын үлэлэрэ тупсан аһылык ордук иҥэмтэлээх буолар.
Аһылыгы алҕааһыны маннык көрүҥнээхтик оҥордоххо киһи иһэ-үөһэ эрдэттэн аһылык киирэригэр бэлэмнэнэн, ордук күүскэ үлэлээн аһылыгы иҥэмтэлээхтик иҥэринэригэр олук ууруллар:
- Этим-сииним сылайда,
- Өйүм-санаам сыппаата,
- Аччыктаатым.
- Иҥэмтэлээх аһылык,
- Испэр-үөспэр киирэҥҥин,
- Күүскэ-уохха кубулуй.
Аһылыгы алҕааһыҥҥа кыра да буоллар бэлэмнэммит аһылыгы хайҕааһын, сөбүлүү көрүү эмиэ киирсэр. Итиннэ эбии ас-үөл көрүҥэ уонна сытын-сымарын дьайыыта киһи иһэ-үөһэ аһылыкка эрдэттэн бэлэмнэнэригэр эмиэ көмөлөһөллөр.
П.Брэгг киһи киэһэ аһаабытын түүн устата иҥэринэн элбэх эньиэргийэни мунньунан, этэ-сиинэ сынньанан уһуктар диэн ааҕар. Бэйэтэ сарсыарда утуйан туран баран аһаабакка эрэ сылдьар, элбэхтик хаамар, үлэлиир. Эбиэккэ диэри биир эмэ оҕуруот аһын эрэ сиир. Биллэрдик аччыктаан баран эбиэккэ биирдэ аһыыр. Киэһэ аһылыгын тото-хана аһыыр. Утуйарын чугаһыгар биир эмэ оҕуруот аһын сиэн кэбиһэр.
Күн устата ууну элбэхтик, сөп буоларынан иһэ сылдьар. Ууну аһылыктар икки ардыларыгар, аһылык кэнниттэн балтараа чаас буолан баран биирдэ иһэр. Кини куруук дистиллированнай ууну эрэ эбэтэр ханнык эмэ оҕуруот аһын утаҕын иһэ сылдьыбыт. Аһыы олорон эбэтэр аһаан баран ууну испэт. Киһи аһылыгы буһарарга аналлаах силин суурайан кэбиһэр диэн ууну эбэтэр убаҕаһы аһаан баран иһэри сөбүлээбэт.
Элбэх дьон үгүс эньиэргийэлэрин аһы буһарарга ыыттахтарына ыалдьаллара элбиир диир П.Брэгг. Кинилэр эттэрэ-сииннэрэ олус элбэх аһылыгы кыайан буһарбакка эрэйдэнэллэр диэн быһаарар.
Киһи сааһыран этэ-сиинэ мөлтөөн истэҕинэ күүстээхтик хамсанан этин-сиинин эрчийэн элбэхтик аһаабытын эньиэргийэ оҥорон таһааран иһэр кыаҕа аҕыйыыр. Бу кэмҥэ өйө-санаата сайдыбыт, күүһүрбүт киһи аҕыйахта, сөп буоларынан көрөн аһыыры ситистэҕинэ эрэ табыллар. (1,53).
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.