Артамонов Иннокентий Иванович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Артамонов Иннокентий Иванович (1928.11.21) - хоһоонньут, тылбаасчыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура үтүөлээх үлэһитэ, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1964 сылтан ССРС СС (Суруйааччылар Союзтарын) чилиэнэ.

Уус-Алдан улууһугар төрөөбүт. 1957 с. Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүөтүн устуоруйа-тыл салаатын бүтэрбитэ. Ол кэмтэн саҕалаан биэнсийэҕэ тахсыар диэри Саха кинигэ кыһатыгар редакторынан үлэлээбитэ. 1949 сылтан ССКП чилиэнэ.

И. Артамонов 1949 сылтан бэчээттэнэн саҕалаабыта. "Үтүө сарсыарда" бастакы хомуурунньуга 1959 сыллаахха тахсыбыта. Кини уонтан тахса сахалыы уонна ньууччалыы кинигэни таһаарбыта. Хоһоонньут сорох хоһоонноро норуот ырыалара буолбуттара.

И. Артамонова сорох айымньылара украина, каһаах, грузин уо.д.а. тылларга тылбаастаммыттара.

А. Пушкин, М. Лермонтов, С. Есенин, А. Твардовскай, П. Тычин, Муса Джалиль, В. Федоров, Н. Дамдинов уо.д.а. суруйааччылар айымньыларын тылбаастаабыта.

Уус-Алдан улууһун үтүөлээх гражданина.

Сүрүн айымньылара

  • Үтүө сарсыарда. Хоhооннор, поэмалар. - Дьокуускай, 1959.
  • Солнце на лыжах. Стихи. - М., 1976.
  • Эйэ чорооно. Хоһооннор, поэма. - Дьокуускай, 1981.
  • Сырдык эрэл. Хоһооннор. - Дьокуускай, 1985.
  • Ыҥырар сулустар. Хоhооннор, поэмалар. - Дьокуускай, 1988.
  • Мин мантан сэриигэ барбытым. Хоhооннор, поэмалар. - Дьокуускай, 1995.

Сигэлэр