Антонова Мария Яковлевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Антонова Мария Яковлевна - Ил Түмэн тэрээһин салаатын сүбэһитэ. 1944 сыллаахха II Бордоҥҥо төрөөбүтэ.

1944 амырыын сыл алдьархайа ааҥнаан аҕай турдаҕына, оһоҕос түгэҕинээҕи кыыс олох салҕанар биир туоһута буолан, күөһэлис гына түспүтэ. Аҕалара Попов Тэрэнтэй, төрүт II бороҥ киһитэ, фроҥҥа охтубут кутурҕаннаах сураҕа кэлбитэ. Ийэлэрэ Марыына түөрт оҕотунаан тула эргийэн хаалан, оччотооҕу холкуос бүппэт түбүгэр оройунан түспүтэ. Кыракый Маруся оҕо сааһа II Бордоҥунан, онтон саҥа үөскээбит Ньурбачаан дэриэбинэтигэр ааспыта. Ийэтэ Марыына манна улахан кыыһа Аанаҕа, фронтовик Григорьев Г.В-Өкөт Татаарга олохсуйбута, Дуня, Николай үөрэҕи батан барбыттара. Маруся маҥнай Ньурбачаан оскуолатыгар киирэр. Үөрэх эргэ дьиэҕэ, аҕыйах оҕолоох тэриллэрэ. Онтон 1957 с. саҥа оскуола тутуллар. Директорынан И.С.Иванов, онтон М.С.Матвеев этилэр. Ыраах соҕурууттан кэлбит нуучча Зинаида Ивановна Пахомова, онтон Клара Алексеевна Егорова нуучча тылыгар үөрэппиттэрэ, РСФСР үөриҕэриитин туйгуна К.А.Егорова ахтарынан, Маруся Попова оччолортон сүрдээх актыыбынай, көҕүлүүр дьоҕурдаах эбит. Кини бэлиэтииринэн, Яковлева Ага – математик, Попова Таня – активистка, Николаев Елисей гармошкаҕа үчүгэйдик оонньуур, Павлов Коля сүрдээх боччумнаах, Петров Сеня спорка дьоҕурдаах, Саввинов Володя мэлдьи аккуратнай, Семенова Маня сэмэй, кыһамньылаах эбиттэр. Кинилэр Марусяҕа дьоллоох оҕо саас, оскуолатааҕы сыллар умнуллубат, күндү доҕотторо буолаллар. Өрүүтүн сылаас ахтылҕанынан уйаҕастык ахтылла сылдьаллар. 1964 с. Ньурба 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрэн, СГУ туттарсан киирэр, тулаайах аҥаардаах оҕоҕо бу улахан дьыала буолара өйдөнөр. Бүргэһи хааһахха хаайа сылдьарыҥ сатамматын курдук, эдэр, эрчимнээх Мария Попованы бэлиэтии көрөннөр 1972 с. комсомол обкуомугар үлэҕэ ылаллар. Манна улахан тэрийэр дьоҕурдааҕа көстөн, 1986-1991 сс. обкомол тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйинэн өрө таһаарыллан үлэлиир. Биллэрин курдук, бу кэмҥэ урукку судаарыстабыннай тутул ыһыллан, Россия үрдүнэн саҥа олох укулаата олохтонор буолбута. Партийнай үлэһиттэр үгүстэрэ араас биричиинэннэн уурайбыттара, эбэтэр атын эйгэҕэ көспүттэрэ. Бэрт сорохторо эрэ, чахчы дьон туһа диэн сылдьыбыттар эрэ, салгыы үлэлээн барбыттара. Мария Яковлевна 1991 сылтан Верховнай Советсеркетериатыгар үлэлиир, сүрдээх уустук политическай кэмҥэ бу салааны сүрүннүүр. Онтон Саха сирэ сувереннай, көнүл республика буолбут бастакы күннэригэр да туора турбат – 1993 с. аан бастаан үөскээбит президент уонна правительство хаһаайыстыбыннай дьыалаларын салайар начальнигы солбуйааччынан үлэлиир. 1994 с. олохпутугар демократия киирэн, саха норуота аан маҥнай бэйэтин бэйэтэ салайынар сокуоннарын оҥорор парламена – Ил Түмэн тэриллэр. Маныаха улахан уопуттаах Мария Яковлевна Антонованы Ил Түмэн аппараатын уопсай отделын салайааччытынан аныыллар. 2003 сылтан парламент аппараатын салайааччы буолар, сүрдээх уустук политическай, экономическай кэмҥэ улахан эппиэтинэһи сүгэр. Мария Яковлевна үлэтин чүөмчүлэрин кэрэһилииллэр: ЫБСЛК КК знага, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл, Саха АССР Верховнай Советын Бочуотунай Грамоталара, 2002 с. «СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат.

Улахан дьыала төһөҕө да удьуордаах, утумнаах буолар. Мария Яковлевна убайа Николай Терентьевич Попов – нэһилиэктэн соҕотох наука доктора, эдьиийин Аана сиэнэ Антон Иванов – саха эстрадатын сулуһа, о.д.а. өссө да үүнэн, үрдээн иһээччи элбэх. …Хаһан эрэ Ньурбачаан Хордоҕойун устун лыахтаан тэлэрбит кыысчаан билигин аныгы сувереннай республика парламенын, Ил Түмэни, салайсара, кэскилбитин оҥорсоро саныахха астык, киэн туттуулаах суол. Ахмед Дмитриев