Аммонииттар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билэ:Perlmutt.jpg
Аммонииттар

Аммонииттар (байҕал моллюскалара. Головоногайдарга киирэллэр.

Хаптаҕай ньуурга биир туочуканы тула эриллэн тахсыбыт формалаах тас раковиналаахтар эбит. Бу раковинаны өскө көннөрүөххэ сөбө буоллар конус курдук уһун туруупка буолуо этэ. Ол туруупка саҕаланар сиригэр протконх диэн камера баар буолар. Кини кэнниттэн быыстарынан арахсар фрагмокон кэлэр. Ол кэнниттэн кэтит уонна фрагмоконнааҕар кылгас олорор камера кэлэр. Бу камераҕа моллюска этэ баар буолар эбит. Кини уһуна оборуот аҥаарыттан икки оборуокка тиийэ буолар эбит. Онон моллюска этин-сиинин формата кылгас мөһөөччүктүҥү эбэтэр уһун чиэрбэтиҥи буолар эбит. Фрагмокон сорох камераларыгар салгын, сорох камераларыгар убаҕас баар буолар эбит. Туох баар камералары курдат анал туруупка барар эбит, сифон диэн ааттанар, ол көмөтүнэн моллюска дагдайар эбэтэр тимирэр кыахтанар эбит.

Сорох көрүҥнэр көнө ньуурдаах сорохтор рельефтаах ньуурдаах раковиналаахтар эбит.

Аһыыр ньымаларынан аммонииттар сиэмэхтэр, өлүгүнэн аһылыктанааччылар уонна үүнээйинэн аһылыктанааччылар эбит. Устар да, сыыллар көрүҥнэр баар буоллара эбит. Эрдэтээҥи девонтан мел бүтүөр дылы олорбуттар. Юрскай уонна меловай периодтарга сайдыыларын чыпчаала буола сылдьыбыт[1].

Быһаарыылар

  1. Якутия. Историко-культурный атлас. ИГИ РС(Я), 2007, ISBN 978-5-287-00531-3